Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Бүгүн биһиги ыалдьыппыт – Ил Түмэн III ыҥырыыга дьокутаата, «Полюс холода» тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибин толорооччу дириэктэрэ, «Алгыс» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа АПК-тын Бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, астыыр-таҥастыыр салаатын туйгуна, «Арассыыйа үтүө санаалаах аанньала» бириэмийэ лауреата, «Меценат» уонна «Бизнес уонна албан аат» уордьаннардаах Екатерина Алексеевна Портнягина.

Бүгүн биһиги ыалдьыппыт – Ил Түмэн III ыҥырыыга дьокутаата, «Полюс холода» тыа хаһаайыстыбатын потребительскэй кэпэрэтиибин толорооччу дириэктэрэ, «Алгыс» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа АПК-тын Бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, астыыр-таҥастыыр салаатын туйгуна, «Арассыыйа үтүө санаалаах аанньала» бириэмийэ лауреата, «Меценат» уонна «Бизнес уонна албан аат» уордьаннардаах Екатерина Алексеевна Портнягина.

Быыбарга киирсэр санаа суох этэ да...

Үтүө күнүнэн Екатерина Алексеевна, Эн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй олоҕор-дьаһаҕар улахан суолу-ииһи хаалларбыт түһүмэх кэмҥэ, олохтоох салайыныы тиһигэ киирэр, тыа сирин уонна тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта тус сыаллаах бырагырааманан салайыллар, ону таһынан дойду үрдүнэн «супер-сокуон» диэн сүрэхтэммит биэнсийэ реформата киллэриллэр кэмигэр, ол эбэтэр 2002-2008 сыллардаахха ыраах Дьааҥы улууһуттан норуот дьокутаатынан талыллан үлэлээбитиҥ. Дьэ ол туһунан сэһэргэһиэх эрэ.

– Дьиҥинэн быыбарга киирсэр санаам төрүт суох этэ. Сопхуостар ыһыллан, туох да үлэтэ-хамнаһа суох туран хаалбыт дьоммут-сэргэбит сүөһү-сылгы ииттэн, үүтү уонна эти туттаран дохуот аахсалларын итиэннэ бэйэ оҥорор аһа-үөлэ баар буоларын хааччыйар туһугар, улуус дьаһалтатын кытары сүбэлэһэн, 2002 сыллаахха «Полюс холода» кэпэрэтииби тэрийэн, онно салайааччынан ананан, нэһилиэктэргэ астыыр сыахтары арыйан, үлэһиттэри булууга уонна үүтү туттарааччылары кытары дуогабардаһыыга үлэлии-хамсыы, быһата, түбүк үөһүгэр сылдьыбытым. Саҥа талыллыбыт Бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров сорудаҕынан, «Тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагыраамата» оҥоһуллан, Ил Түмэн үһүс ыҥырыытын болдьоҕо бүтүүтэ бигэргэммитэ. Эмиэ сити кэмҥэ олохтоох салайыныыга киирии түбүгэ күөрэйбитэ. Аны санаатахха, сүрдээх күүрүүлээх, туһугар өрө көтөҕүллүүлээх, эмиэ даҕаны саллыылаах күннэр-дьыллар ааспыттар эбит.

Дьэ оннук кэмҥэ улууһум дьоно-сэргэтэ Ил Түмэн дьокутаатын быыбарыгар киирис диэн хаайаннар, хандьыдааттары регистрациялааһын бүтэн эрдэҕинэ докумуоммун туттарбытым. 2002 сыл ахсынньы 29 күнүгэр ыытыллыбыт үс түһүмэхтээх (Ил Түмэн дьокутааттарын сэргэ муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара уонна дьокутааттара талыллыбыттара) быыбарга 59 №-дээх Дьааҥытааҕы быыбардыыр уокуруктан норуот дьокутаата буолар чиэскэ тиксибитим.

П_-_1.jpeg

Сүрүн сокуоннар ырычаахтара оҥоһуллубута

Ил Түмэҥҥэ оччолорго 13 сис кэмитиэт уонна биир хамыыһыйа баара биллэр. Эн олортон ханныктарга үлэлээбиккиний?

– Бастатан туран, сэкирэтэрийээт чилиэнэ этим уонна икки сис кэмитиэккэ үлэлээбитим. Аартыка уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлин уопсастыбаннай төрүккэ солбуйааччы, Аграрнай бэлиитикэҕэ уонна сири туһаныыга сис кэмитиэт чилиэнэ этим. Итиэннэ биллэн турар, атын сис кэмитиэттэри, чуолаан үөрэҕирии, социальнай, урбаан, эргиэн боппуруостарын сүрүннээччилэри кытары ыкса үлэлээбитим.

Андрей Кривошапкин салайар Аартыка уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар боппуруостарын сис кэмитиэтигэр хотугу улуустар тыын суолталаах боппуруостара быһаарыллара. Хотулар кыһалҕабыт хайа күн аһы-үөлү, эми-тому, туттар тэрили уо.д.а. табаары тиэйииттэн-таһыыттан саҕаланан, табаны иитии, сиргэ сыһыаннаһыы, «Супер-сокуон» киллэриллэринэн биэнсийэнэн хааччыллыы, олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы тула элбэхтик кэпсэтэрбит. Мин «Аартыка улуустарыгар таһаҕаһы тиэйии-таһыы ураты эрэсиимин туһунан», судургутук эттэххэ, «Хотугу собуос туһунан» сокуон барылын көҕүлээн, Эргиэҥҥэ уонна материальнай-тиэхиниичэскэй ресурсаларга судаарыстыбаннай кэмитиэтин исписэлиистэрин кытары оҥорон киллэрбитим. Урут Сэбиэскэй былаас саҕана таһаҕас Хотугу муора суолунан былааннаахтык аҕалыллар буолан, хотугу оройуоннар (улуустар) хааччыллыылара киин улуустарга тэҥнээтэххэ, быдан үчүгэй этэ, ол тиһик 1990-с сыллардаахха үрэллэн, улахан кыһалҕаны үөскэппитэ, инньэ гынан итинник сокуон ылылларын күннээҕи олох ирдиирэ. Барылы сиэссийэҕэ көмүскүүрбэр Ил Түмэн наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ уонна иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков тирэх буолбута. Сокуон 2004 сыллаахха ылыллыбыта, ол гынан баран, федеральнай былаас өттүттэн өйөбүл суох буолан, кыаҕын толору туһамматаҕа. Билигин дьэ кэмэ кэлэн, Хотугу муора суола сөргүтүллэн, Хотугу собуос туһунан федеральнай сокуон тахсан эрэрин, онно Саха Өрөспүүбүлүкэтин элбэх этиигэ учуоттаммытын үөрэ истэбин.

Аграрнай бэлиитикэҕэ уонна сири туһаныыга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Климент Иванов этэ. «2002-2007 сс. тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматын», оччолорго Президентскэй диэн ааттанар дьоһун бырагыраама хайысхаларынан үбү-харчыны көрүүгэ улахан үлэ ыытыллыбыта. Ол курдук, табаҕа мораторий биллэриллэн, салаа ороскуотун сорох чааһын толуйуу быһыытынан табаһыттарга ый ахсын бэриллэр субсидия олохтоммута, тыа хаһаайыстыбатын үрдүк үөрэҕин кыһатын бүтэрэн улуустар хаһаайыстыбаларыгар үс сылга дуогабардаһан үлэлиир эдэр исписэлиистэргэ эбии төлөбүр көрүллүбүтэ, ол кэрискэҕэ кэлин анал орто үөрэҕи бүтэрбит исписэлиистэр эбиллибиттэрэ. Соҕотуопка тиһигэр улахан болҕомто ууруллубута, биир киилэ үүккэ бастаан (2003 с.) 11 солк. 10 солк харчы субсидия бэриллибит буоллаҕына, сыллата үрдэтиллэн 20 солкуобай (17 солк. 50 харчы бүддьүөттэн субсидия, 2 солк. 50 харчы соҕотуопсук атыылаһар сыаната) буолбута. Маныаха улуустар уратылара учуоттаммыта, хотуларга арыый үрдүк этэ. Онон тыа сирин дьоно көмүскэллээх буоларыгар, каадыры олохсутан үлэлэтэргэ, сүөһү-сылгы уонна таба ахсаана таҥнары түһүүтүн тохтоторго, миэстэҕэ үлэ-хамнас тэриллэр усулуобуйатын оҥорорго, үлэ эбийиэктэрин (кыстык хотоннору, сайыҥҥы титииктэри, сылгы уонна таба баазаларын, астыыр кэмбинээттэри, сыахтары) тутарга туһуламмыт сүрүн сокуоннар ырычаахтара оччолорго оҥоһуллубута.

Ил Түмэн иһинэн «Тыа сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагыраамата» хайдах толоруллан иһэрин хонтуруоллуур анал хамыыһыйа баара. Ону спикери солбуйааччы Екатерина Никитина салайара. Бырагыраама тыа хаһаайыстыбатын эрэ буолбакка, тыа сирин сайдыытын кэлимник көрөр буолан, бары сис кэмитиэттэри, бары дьокутааттары хабара. Мин тус бэйэм норуот дьокутааттара Екатерина Никитинаны, Альбина Поисееваны, Андрей Кривошапкины, Георгий Артемьевы, Дмитрий Гороховы, Александр Жиркову, Юрий Готовцевы, Елизавета Сидорованы, Михаил Тимофеевы уо.д.а. кытары ыкса сибээстээхтик үлэлээбитим.

2.jpeg

Бэл, ытаан туран...

Дойду үрдүнэн бастакынан саҕаламмыт хамсааһыны – сыллата уоннуу оскуоланы инвестбырагыраамаҕа киллэрэн туттарары – үһүс ыҥырык дьокутааттара быһаарбыппыт! Дьокутааттыырым устатыгар улууһум баһылыга Виктор Павловы кытары оскуолалары саҥардарга элбэхтик сүүрбүтүм-көппүтүм. Бастакы сылларбар Боруулаах оскуолатын тутуутугар харчы көрүүтүгэр үлэлээбитим, онтон Баатаҕай бөһүөлэгин оскуолатын тутуутугар киирсибитим.

Оччолорго даҕаны бырайыагын-симиэтэтин докумуона (ПСД-та) суох биитэр итэҕэс оскуолалары чугаһаппаттар этэ. Дьэ биирдэ: «Инвестиционнай бырагыраамаҕа ханнык оскуолалар киирэллэрэ быһаарыллар, олор ПСД-ларыгар харчы көрүллэр», – диэни истээт, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Василий Грабцевичка приемҥа киирдим. Дьааҥы куорат оскуолата олус эргэрбитин, саахалланар туруктааҕын быһаараммын, онно саҥа оскуоланы туттарар хайаан да наадатын эттим, дэлби көрдөстүм. Аккаастаабытыгар хомойон, хараҕым уута халыс гына түспүтүн билбэккэ да хааллым. Онно аһынна быһыылаах: «Чэ, көрүөхпүт», -- диэтэ.

Хата, испииһэккэ киллэрбит этэ. Ону истээт, оскуола дириэктэрэ Маргарита Юмшанованы кытары Бырайыактыыр институкка сылдьан ПСД оҥорторор туһунан сөбүлэһии түһэрсибиппит, салгыы экспертизаны оҥорторуунан дьарыктаммыппыт.

2008 сыллаахха Баатаҕай бөһүөлэгин саҥа оскуолатын арыллыытыгар кэлэ сылдьан, Вячеслав Штыров Дьааҥыга тутуллуохтаах оскуола сыбаайатын түһэрии боппуруоһа турбутугар, ирдэнэр докумуоннара баарын, бэл, экспертизата оҥоһуллубутун истэн баран: «Молодцы! Когда это вы успели?!» -- диэн олус соһуйбута. Сиэссийэҕэ ити оскуолалар тутууларыгар үбү-харчыны көрүүгэ эмиэ Александр Жирков күүстээхтик өйөөбүтүн махтана бэлиэтиибин.

4.jpeg

Сүүһүнэн тыраахтар

Екатерина Алексеевна, мин Дьааҥы улууһугар командировкаҕа иккитэ тиийэ сылдьыбытым. Онно биир сөхпүтүм диэн оннооҕор саамай уһук нэһилиэктэргэ Кытай дьоҕус «Сынтай» тыраахтара балачча элбэх ыалга баар этэ. Ыйыппыппар, дьокутааппыт Екатерина Портнягина Дьокуускайтан аҕалан биэрбитэ дэспиттэрэ.

– Сыыспат буоллахпына, 2006 сыллаахха этэ, «Россельхозбаан» Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Александр Кировы кытары кэпсэтэммит, улууска бу баан бэрэстэбиитэлистибэтин астарбыппыт. Ол түмүгэр, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччулар, эти-үүтү туттаран дохуоттанар кэтэх ыаллар, баантан кирэдиит ылан, саҥа тиэхиньикэни, тутуу матырыйаалын уо.д.а. атыылаһар кыахтаммыттара.

Элбэх ыал «Туймаада-лизинг» лизингэбэй хампаанньаттан (дириэктэр Семен Иванов) үлэҕэ-хамнаска туһаныллар Кытай дьоҕус тыраахтардарын уонна сиргэ-уокка сылдьарга олус табыгастаах «Буран» көлөлөрү лизиҥҥэ ылбыттара. Ону биһиги Дьокуускайтан кииннээн аҕалыыны тэрийбиппит: «Полюс холода» кэпэрэтиип ити сыллар усталарыгар уон икки «МТЗ» (“Беларусь”) тыраахтары, сүүстэн тахса Кытай дьоҕус тыраахтардарын, элбэх «Бурааны» аҕалан биэрбитэ. Киинтэн ыраахпытын ааһан, кыһыҥҥы үс ыйга эрэ суолланабыт, онон тугу эмит илдьэргэ-аҕаларга бииринэн-иккинэн муҥурдаммакка, элбэҕи уонна киинээн илдьиллэр буоллаҕа.

Быыбардааччыларбын кытары көрсөн, үлэбин мэлдьи отчуоттуур, дьон тугу туруорсарын истэр, ону салгыы үлэҕэ учуоттуур идэлээх этим, ону таһынан хас сиэссийэ кэнниттэн улууһум хаһыатыгар иһитиннэрии таһааран иһэрим. Бөлөҕүнэн сырыыны эмиэ тэрийэрбит, холобур, 2003-2008 сыллар усталарыгар Аартыка уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар боппуруостарын сис кэмитиэтин чилиэннэрэ, ол иһигэр атын дьокутааттар эмиэ, барыта уонтан тахсалыы киһилээх дьокутааттар бөлөхтөрө Дьааҥы улууһугар икки төгүл кэлэн барбыттара. Маннык оробуочай сырыыларга элбэх боппуруос быһаарыллара.

П_-окко.jpeg

Былаан толоруллар

Дьэ аны тустаах үлэҥ туһунан кэпсэтиэххэ. «Полюс холода» кэпэрэтиип өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин хас да көрүҥүн тэрийэр олорор, элбэх киһини үлэнэн хааччыйан, дохуоттаан олорор хаһаайыстыба буолар.

– Оннук, кэпэрэтиип тэриллибитэ 22 сыл буола оҕуста. 2007 сыллаахха 600 кв. м иэннээх аһылык кэмбинээтин оҥорон үлэҕэ киллэрбиппит. Үүтү, эти астыыр уонна ыраас ууну кутар сыахтардаахпыт. Тиэрдиллэр былааммытын сыллата толорон иһэбит.

Биһиги нэһилиэктэрбит бэйэ-бэйэлэриттэн ыраах сыталлар, кыһын массыына суолунан, сайын мотуордаах оҥочонон сылдьабыт. Инньэ гынан нэһилиэктэр арыынан астыыллар, кэмбинээккэ үүт чугастааҕы Боронуктан уонна Дьааҥы куорат ыалларыттан аҕалыллан астанар. Кэмбинээккэ үүтү сылы эргиччи хааччыйар туһуттан, 2014 сыллаахха «Полюс холода» кэпэрэтиип иһинэн «Алгыс» кэпэрэтииби тэриммиппит. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көмөтүнэн, Мэҥэ Хаҥаластан уонна Уус Алдантан симменталь боруода тыһаҕастары атыылаһан, сөмөлүөтүнэн тиэйэн аҕалбыппыт. Кыстык хотону туттубуппут. Онтон ыла номнуо 10 сыл элэс гынан ааста, «Алгыс» кэпэрэтиип билигин үүтүнэн-этинэн хааччыйар сүрүн хаһаайыстыбабыт. Онон кэмбинээппит кыһыннары үлэлиир, бастатан туран оҕо тэрилтэлэрин, уһуйааннары уонна оскуолалары, үрүҥ аһынан хааччыйар.

Күн бүгүн 100 ыанар ынаҕы, 64 ыччат сүөһүнү кыстатан турабыт. Остуолба нэһилиэгэр Ыыстаах диэн учаастакка сопхуос саҕаттан хаалбыт сайылыгы ыламмыт, сүөһүлэрбитин сайылатабыт. Дьиҥинэн бу учаастак кыстыкпытыттан хас да көс ыраах, сис хайа уҥуор турар, ол эрээри, үчүгэй мэччирэҥнээх уонна улуус кииниттэн чугас буолан, бородууксуйаны илдьэргэ-аҕаларга табыгастаах. Манна бэйэбит ынахтарбытыгар эбии нэһилиэнньэттэн ынах хомуйан ыыбыт, сайыҥҥы үүттүгэннээх кэмҥэ күн аайы биир туоннаттан тахса үүтү ыан астыыбыт.

Яна_-4__1_-1.jpeg

Баазаны саҥардыы
Сайылыкпыт эргэ, ол иһин Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин чэрчитинэн, потребительскэй кэпэрэтииптэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт куонкурус гранын ылан, саҥа титииги туттан, ааспыт күһүн үлэҕэ киллэрбиппит. Ону сэргэ саамай элбэх сүөһүлээх Арыылаах нэһилиэгэр Аартыка министиэристибэтигэр ыытыллыбыт куонкурус гранынан дьоҕус астыыр сыаҕы атыылаһан аҕалан туруорбуппут. Уота-күөһэ холбонно да, үлэлээбитинэн барыаҕа. Ил Дархан Айсен Николаев Аартыка оҕолорун үрүҥ аһынан хааччыйарга туруорбут сорудаҕын толорорго үлэбит итинник.

Кыстык хотоммутун эмиэ саҥардан эрэбит. Үс сылы быһа үлэлэһэммит, Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ тэрийэн ыыппыт куонкуруһугар кыттаммыт, 120 ынах турар комплексын тутуу ороскуотун толуйууга көрүллэр харчы 50 %-ын ылбыппыт. Суолбут саҥа аһылынна, онон тутааччыларбыт матырыйаалын аҕалыахтаахтар, салгыы тутуутун саҕалыахтаахтар.

Ону таһынан, астыыр кэмбинээппит тэрилэ эргэрэн, модульнай үүт собуотун атыылаһарга үбүлээһини ситиһэн, билигин поставщиктары кытта үлэлэһэ олоробут.

Тыый! Ааспыт икки сылга халаан уута ходуһаҕытын ылан, бэрт уустук быһыыга-майгыга оттообуккут. Онтон санааҕытын сынтарыппакка сайдарга дьулуһаргытын мин биир бэйэм сөҕө уонна киэн тутта истэбин. Екатерина Алексеевна, билиҥҥи норуот дьокутааттарыгар тугу этиэҥ этэй?

– Ааспыт күһүн биһиги биир мандааттаах Аартыкатааҕы 35 №-дээх быыбардыыр уокурукпутуттан Ил Түмэн дьокутаатынан Виталий Чикачев талылынна. Бары күүһүн ууран үлэлиэ диэн эрэнэн тураммын, киниэхэ манныгы сүбэлиэхпин баҕарабын. Бастатан туран, Аартыка улуустарыгар тиэллэн кэлэр чох хаачыстыбатыгар улахан болҕомто ууруллара наада. Уопсайынан, бу хайысханан улууска улахан үлэ ыытыллара эрэйиллэр, хочуолунайдар уонна ититэр ситимнэр ноҕуруускалара улахана бэрдиттэн түргэнник эргэрэллэр, хапытаалынай өрөмүөҥҥэ наар үп-харчы тиийбэтин айдаана буолар. Билигин Дьааҥы куорат тоҥор кутталга олорор, холобур, тохсунньу 25 күнүгэр хочуолунай саахалланар кутталтан нэһиилэ быыһанна. Ити биричиинэтэ биир – хочуолунайдар да, ититэр ситим да эргэрдилэр, өтөрүнэн өрөмүөннэнэ иликтэр. Кыһыммыт бүтүө өссө да ыраах, онуоха диэри хайдах буолабыт диэн долгуйабыт.

Оттон партийнай испииһэгинэн дьокутааппыт – бэйэбит оҕобут, инникигэ эрэлбит Сергей Сивцев суолбут-ииспит оҥоһуутун тупсарар туһугар үлэлииригэр баҕарабыт.

Айыы санаанан салайтаран

Олоххо суолун хомсомуол үлэтиттэн саҕалаабыт буолан, Екатерина Алексеевна иитэр үлэҕэ, оҕолорго улахан болҕомтотун уурар. Сыл ахсын туйгун үөрэнээччилэр сүлүөттэрин ыыппыта 23 сыл буолла. Кэпэрэтиип сылгылаах эрдэҕинэ, кымыһынан эмтиир-чэбдигирдэр «Харысхал» лааҕыры уонча сыл үлэлэппитэ. Бу үлэтэ федеральнай таһымҥа сыаналанан, «Меценат» уордьанынан бэлиэтэммитэ. 2015 сылтан оскуола үөрэнээччилэриттэн биригээдэ тэрийэн оттотор, онон оҕолор сайыҥҥы уһун өрөбүллэрин туһалаахтык атаараллар, хамнас аахсаллар, настаабынньыктар салалталарынан үлэҕэ үөрэнэллэр. «Свои» өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай хамсааһын чилиэнин быһыытынан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уонна кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, тулаайахтарга ким туох кыһалҕалааҕын көрө сылдьан көмөлөһөр, көмөнү тэрийтэрэр.

Дьокутаат мэлдьи дьокутаат, мэлдьи олох үөһүгэр сылдьар, дьонун-сэргэтин айыы санаа уонна таһаарыылаах үлэ тула түмэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением