Тохсунньу 30 күнүгэр СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова 2022 сыл түмүгүнэн дириҥ ис хоһоонноох отчуотун өрөспүүбүлүкэ научнай-педагогическай уопсастыбаннаһын иннигэр иһитиннэрдэ. Кини үөрэхтээһин эйгэтин сайдыытын сүрүн тосхоллорун, үөрэх хаачыстыбатыгар федеральнай мониторинг түмүгүн уонна инники соруктары сырдатта.
Арассыыйа үрдүнэн 89 субъектан Саха Сиригэр үөрэх управлениетын эрэгийиэннээҕи уорганнара 68 миэстэни, научнай-технологическай сайдыыга 36 миэстэни, үөрэх хаачыстыбатын салайыыга 32 миэстэни ылбыттар. Ол иһин үөрэх хаачыстыбатыгар дойду үрдүнэн 15 бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар өрө көтөн тахсарга сүрүн сорук турар.
Ааспыт сыл сүрүн ситиһиилэрин билиһиннэрдэххэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат учуутала Виктор Филиппович Потапов «РФ норуодунай учууталын» үрдүк аатын ылла, БКЭ тэрийэргэ Арассыыйа рейтинигэр Саха Сирэ 6 миэстэҕэ таҕыста. «Профессионалитет» федеральнай бырайыакка өрөспүүбүлүкэ иккитэ кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирдэ.
Үүммүт сылга 1,5 – 3 сааһыгар диэри кырачааннар 100% оҕо саадынан хааччыллыахтаахтар. 25 орто үөрэх тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн бырагыраамата саҕаланыахтаах.
Ирина Любимова хоту оройуоннарга учуутал тиийбэтин, ону быһаарарга быйыл «Земскэй учуутал» квотата эбиллибитин, «Аартыка учууталыгар» подъемнай харчы төлөнөрүн эбэн эттэ.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева отчуот кэнниттэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
«Биллэн турар, үөрэх хаачыстыбатыгар дойду үрдүнэн 15 бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар киирэргэ учууталлар үлэлэрин түөрт төгүл тупсарыахтарын наада.
Быйыл Педагог уонна уһуйааччы сылыгар үөрэх уонна наука министиэристибэтин кытта үөрэх тэрилтэлэрин салайыныыны саҥа таһымҥа таһаарарга, үөрэххэ интэриэһи уһугуннарарга, эдэр учууталлары элбэтэргэ үлэлэһиэхпит. Эдэр дьон үөрэх эйгэтигэр сэргэх сүүрээни аҕалаллар, саҥаны-сонуну киллэрэллэр. Аҕыйах чаастаах эдэр учууталлар оскуолаҕа кыра хамнастан сылтаан атын эйгэҕэ бараллар, ол иһин учуутал хамнаһа үрдүүрүн ситиһиэхпит.
Учуутал идэтигэр ытыктабылы, интэриэһи оскуола иһигэр иитэн таһаарыахтаахпыт. Педагогическай хайысхалаах кылаастары арыйан, учууталлары оскуола ыскаамыйатыттан иитэн-такайан таһаарарга сорук туруохтаах. Бу идэ уустук эрээри, үтүөнү үксэтэр, сырдыгы сыдьаайан, билиигэ сирдиир аналын умнуо суохтаахпыт», — диэн бэлиэтиир Антонина Григорьева.
Кини этэринэн, быйыл Педагог уонна уһуйааччы сылыгар педагогикаҕа үтүө үгэстэри олохтуур саҥа сокуоннар, нормативнай-правовой аакталар тахсыахтара, онтон сүрүннэрэ, бастатан туран, учуутал хамнаһын үрдэтиигэ, итиэннэ докумуон үлэтин аҕыйатарга 5 эрэ сүрүн докумуон ирдэнэр буолуоҕа.
Арассыыйаҕа аан бастаан оскуола үөрэнээччилэрин үлэҕэ үөрэтэргэ сокуон барылын бу сотору Судаарыстыбаннай Думаҕа көрүөхтэрэ. Хоту көһө сылдьар уһуйаан, оскуола туһунан сокуон барылын федеральнай таһымҥа ырытыахтара.
«Онон үүммүт сыл учууталлар үлэлэрин көҕүлүүргэ ананан ыытыллыа. Үөрэх эйгэтигэр сылга 15-20 сокуон ылыныллар этэ, ол билигин өссө кэҥээн биэриэ. Сокуону ылынар уорган таһымыгар учуутал уонна уһуйааччы үлэтин өрө тутуохпут уонна өйүөхпүт!
Педагог-уһуйааччы уустук үлэтэ хаһан баҕарар ытыктанар, судаарыстыба историятыгар ону өрө тутар кэмнэр бааллар, билигин чуолаан оннук кэм тосхойдо. Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ бары салаалары сырдатан, сиһилии оҥорбут отчуотугар үөрэх ситиһиитэ, кыһалҕата, инникигэ сайдар тосхоллоро барыта ыйыллыбыт. СӨ Парламена, Бырабыыталыстыбата учуутал үөрэнээччи дьоҕурун арыйан үлэлииригэр үөрэнэргэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийэр эбээһинэстээх дии саныыбын», — диэн эттэ Антонина Афанасьевна.
- 2
- 0
- 1
- 0
- 0
- 0