Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

2023 сыл Арассыыйа үрдүнэн Педагог уонна уһуйааччы, Саха Сиригэр Үлэ сыла - чэгиэн чэбдик олоҕу тутуһааччыларга, чөл туругу сэргээччилэргэ, физическай култуураны сайыннарааччыларга бэлиэ сыл.

2023 сыл Арассыыйа үрдүнэн Педагог уонна уһуйааччы, Саха Сиригэр Үлэ сыла - чэгиэн чэбдик олоҕу тутуһааччыларга, чөл туругу сэргээччилэргэ, физическай култуураны сайыннарааччыларга бэлиэ сыл.

Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр физическай култуура төрүттэммитэ 100 сыла уонна Үлэ сыла буолар. Бу этиллибит барыта СӨ ОДЬКХ, “Водоканал” АУО бочуоттаах үлэһитигэр, бу тэрилтэҕэ Майоровтар династияларын төрүттээччи Афанасьева-Майорова Акулина Семеновнаҕа анаммыт курдуктар. Кини  1955 тохсунньу  15 күнүгэр  торулуур тымныытын оройугар Түүлээх нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Акулина Алексеевна Афанасьева, Петрович Охлопков дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн бэйэтин лаппа үчүгэйдик кыанар, түргэн-тарҕан, имигэс буолара биллибитэ. Ону бэлиэтии көрөн, Түүлээх оскуолатыгар уһун сылларга дириэктэрдээбит, бэйэтэ физкултуура учуутала үөрэхтээх, салайар талааннаах, айар-тутар эйгэлээх Федоров Егор Яковлевич мүлчү туппатаҕа.

7872c04f ee33 4826 934c 15db58dd313a

Егор Яковлевич дьарыктыыр оҕолорун анал бэйэтэ айбыт методическай үлэтинэн төгүрүк сыл дьарыктыыра. Инньэ гынан, уһук нэһилиэк оҕолоро сайдыылаах киин сир оҕолоруттан хаалсыбат үрдүк көрдөрүүлээхтэрэ. Ол бэйэтэ туспа кэпсээн. Дьэ, ити курдук, 1971 сыллаахха Түүлээх аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, хаһан да харахтаан көрбөтөх ыллыыр кумахтаах Саха Сирин бары улуустарын оскуолаларыгар үлэлээбит, үлэлиир үтүөкэн ааттаах-суоллаах учууталлары иитэн таһаарбыт педагогическай училищелаах Бүлүү улууһугар тиийэр. Акулинаны ыраах айаҥҥа атааралларыгар аймаҕынан сүбэ мунньахха үлэттэн үлүскэн үөрүүнү билбит, үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадалаах – Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннаах  Бүөтүр эдьиийин оҕото -  балта сайдар-үүнэр аартыкка үктэнэр күнэ үүммүтүттэн үөрэн бэйэтэ бас билэр  үс чымадааныттан биири бэйэҥ сөбүлүүргүн талан ыл диэн үөрдэр уонна сыалай 50 солк. биэрэр...

ad22d04d 4d93 4a6a 92d7 2188bc252d38

Ийэтэ аҕатын булдуттан уура сылдьыбыт аҕыс андаатар тириитин, Алдан өрүспүт маанылаах бэлэҕин күөх луугу, айылҕабыт минньигэстэй аһын моонньоҕон барыанньатын уонна үс киилэлээх бөтүөҥҥэ сүөгэй сүүрдэн, мааны сиидэс былааччыйалаан, маҥан былааттаан тэрийии бөҕөтүн тэрийэн ыыталлар.  Дьылҕа хаан кэмиттэн кэмигэр Акулина олоҕор үтүөкэн учууталлары, уһуйааччылары кытта көрсүһүүнү бэлэхтиир эбит. Ол курдук, Егор Яковлевич кэнниттэн БПУ-га чэпчэки атлетикаҕа бэлиэ-суоллаах иистээх  Прокопий Нифонтович Абрамов диэн тириэньэр илиитигэр киирэр. Үөрэммитэ сылын да туола илигинэ, киниэхэ эрчиллэн, буһан-хатан уһук сытар, кыра нэһилиэкпитин бастаан Бүлүү улууһун “Өктөөп суола” хаһыат бирииһигэр ыытыллар бүлүүлэр бары күүтэр-кэтэһэр, тарбахха баттанар сүүрүү күрэҕэр саҥа аат буолан эмискэччи киирэн кэлэр. Ол сылларга биир улахан кыайыыта орто үөрэхтээһин тэрилтэлэрин устудьуоннарын Арассыыйа таһымнаах күрэҕэр Благовещенскай куоракка тиийэн, уһун илиилээх атахтаах тайах саҕа нуучча оҕолорун кытта тэҥҥэ эллэхтэһэн  800 миэтэрэҕэ  иккис миэстэни ылбыттаах.  1976 сылга Акулина олоҕор үтүөкэн уларыйыылар буолаллар. Олоҕун аналын Майоров Матвей  көрсөн ол сыл кулун тутар 22 күнүгэр ыал буолаллар.

a6f5987c 09fc 4825 ada8 4fa4b26117d8

Эдэрдэр икки өттүттэн ыраах сиртэн төрүттээх-уустаах буоланнар сир ортотугар Дьокуускай куоракка олохсуйаллар. Матвей алта сыл төрөөбүт сахатын сириттэн ыраах Норильскай куоракка үлэлээбит-хамсаабыт, кэлбит-барбыт, турбут-олорбут, этэргэ дылы уолугунан тыыммыт уол оҕото буоллаҕа. Ыал буолла да бэйэтэ муннуктаах, дьиэлээх-уоттаах буолуохтаах диэн санаанан ыйдаран, кэпсэтэн-ипсэтэн, Чайковского 4 двор 1 диэн аадырыстанан кырачаан будкаҕа маҥнайгы ньээкэ уйаларын оҥостоллор. Бу дьиэлэригэр маҥнайгы ыалдьыт буолан балтылара Анна Семеновна кэлбитин наһаа сылаастык саныыллар. Ол кэннэ аҕалара Сэмэн оҕонньор кэлбит. Будканы Матвей электрик буолан ылбыт эбит буоллаҕына, олорбучча олорон Акулина учуотчук диэн ыстаатыс ылан, кыһыл оҕолоох олорон, сыыйа «Водоканалга» үлэҕэ киирэн хаалар.

cfe5f4f5 f07c 4475 8335 65195bb6d8d7

Инньэ гынан, этэргэ дылы «послеродовай» эҥин диэн уоппускаламмакка, күн бүгүҥҥүгэ тиэрдибит үлэттэн дьолу билбит тэрилтэтигэр официально докумуоннанан, сурукка-бичиккэ тиһиллэн 45 сыл усталаах-туоралаах сайдыылаах-үүнүүлээх үлэ саҕаланар. Учуотчук идэтинэн үлэтин саҕалаан баран, бэйэтин баҕа өттүнэн сайабылыанньа биэрэн уурайыар диэри отдел реализации диэн улахан хайысхаҕа биир саамай эппиэтинэстээх, сүрүн үлэлэрин салаатыгар инженер дуоһунаһыгар тиийэ үүнэр. 2020 сылга саҥа хайысхаҕа өссө биир тутаах отделга (отдел анализа и субсидий) исписэлииһинэн аныыллар. Көрөргүт курдук, үлэлээбит-хамсаабыт отделлара барыта норуокка судургутук «Водоканал» диэн ааттанар хас биирдии киһи олоҕор сүдү суолталаах уу-хаар боппуруоһун быһаарар тэрилтэҕэ үлэ тоҕооһун быһаарар отделлар. Бу сыллар тухары үлүгэрдээх элбэх үрдэтинии анал үөрэхтэрин, бэрэбиэркэлэрин, тургутууларын  ааһан, билиҥҥи үйэ хардыытыгар сөп түбэһэн, араас элбэх компьютернай бырагыраамаларын баһылаан, бу кэлиҥҥи сылларга хаарчахха да хаайтаран олорон үлэтин дьиэтиттэн олорон куйаар нөҥүө толору оҥоро-тута олорбута элбэҕи кэпсиир.

Акулина Семеновна үлэлээбит тэрилтэтэ араас сылларга үлэлиир эйгэтэ өрөспүүбүлүкэ, куорат таһымыгар уларыйбыта, онон сорох түгэннэргэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарын кытта алтыспыт сыллардаах. Маны таһынан династия диэн ааттанан үлэлээбит сыллара – 120 сыл, Майорова Акулина Семеновна – 45 сыл, Майоров Матвей Захарович, кэргэнэ -   5 сыл, Волкова Марфа Николаевна, эдьиийин оҕото – 26 сыл Майорова Колымана Евгеньевна, кийиитэ – 18 сыл, Майорова Акулина Дмитриевна, кийиитэ - 22 сыл, Охлопков Семен Дмитриевич, быраатын уола – 4 сыл. Сиэннэр эмиэ кыралаан бу тэрилтэҕэ киллэрбит кылааттаахтар, ол курдук сайыҥҥы сынньалаҥнарын кэмигэр Максим, сиэн – 2 сезон, Диана, сиэн  – 2 сезон, Арина, сиэн  – 2 сезон, Артур сиэн  – 1 сезон үлэлээн Майоров диэн араспаанньаны ааттаппыттара, онон көлүөнэ ситимин ситии быата билигин да баар. Тэрилтэтигэр убаастабыл, ытыктабыл бэлиэтэ буолан, 2020 сыллаахха “Водоканал» АУО киэн туттуута” диэн бочуот дуоскатыгар киирбитин күндүтүк саныыр. Кини үлэлиирин тухары настаабынньык, аҕа табаарыс быһыытынан элбэх исписэлииһи олох киэҥ аартыгар таһаарда.

3131b523 0acc 4dae 810b 7e16319ccf14

Акулина үлэлиирин тухары тэрилтэтин уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыны ылан, элбэх күрэхтэр, көрүүлэр кыайыылаахтара. Сүрдээх үчүгэйдик уруһуйдуур, ону-маны айан оҥорууга, киэргэтиигэ, сибэкки олордуутугар эмиэ киниэхэ тэҥнээх аҕыйах.  Акулина Семеновна  Матвей Захаровичтыын олорор, олорбут дьиэлэрин биһиги Түүлээх нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр бэркэ диэн билэбит. Ким көрдөрүнэ, үөрэнэ, араас атын наадаларга кэлбиттэр, аармыйаттан кэлэн иһээччилэр кинилэргэ киирэн чэйдээн, сүбэ-ама ылан ааспыппыт элбэх. Ол туһунан Акулина Семеновна бу курдук кэпсиир: «Саамай элбэх хоноһо бэйэбитинээн 16 киһи буолан хонон турардаахпыт, ити Хабароваҕа уул. этэ. Онтон кэлин, кэлбит барбыт массыыналарга  “Место встречи Прогресс" маҕаһыын диэн этэ, били саҥа дьылга, күүлэйдии уһун сынньалаҥҥа  кэлбит оҕолор эҥин бөлөҕүнэн  мустан булсаллар, онно киирии тахсыы, итии киллэринии, этэ да барыллыбат, бары да киирбэтэллэр. Бу билигин Түүлээхтэр түһэр, хонор сирбит аймах аайы баар, онтон Акулиналаах балаччы уһун кэмҥэ тарбахха баттанар аҕыйах ыал иһигэр киирэллэрэ.  Аны билигин Түүлээххэ буолар улахан тэрээһиннэргэ, хамсааһыннарга куоракка баар түмсүү хайаан да кыттыыны ылар, кыттыһар, үп-харчы хомуйар, араас тэрээһиннэри ыытар, онно барытыгар төһүү күүс буолааччы Майоровтар дьиэ-кэргэттэрэ.  Дьэ, онон, ааҕааччым киэн тутун, кэпсээ-сэһэргээ дойдутугар бэриниилээх, үлэнэн үлүһүйбүт аламаҕай Майорова Акулина Семеновна туһунан.

 

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением