Ыт боппуруоһа баҕас бэйэбит дьиэбит иһигэр быһаарыллыан сөптөөҕө. Сахалар, саатар, ыттарын да дьаһайбат мөлтөх дьон буоллубут буолбатах дуо? Маныаха туох да диэбиттэрин иһин, олохтоох былаас буруйдаах. Сокуоҥҥа сигэммитэ буолан, туох да дьаһалы ылбакка олорооһун түмүгэ.
Биир бэйэм быйылгы Саҥа дьыл бырааһынньыгын астынан туран бэлиэтээбэтим. Чараас эйгэлээх киһи ыттартан сэймэктэнэн суорума суолламмыт дьахтар барахсаны, кини оҕолорун, чугас дьонун санаан, тыыным кыараан сырыттым. Хайдах курдук тустаах дьоҥҥо ыарахан суолуй, бу? Уолаттар ийэлэриттэн туох да ордубатаҕа диэн... Биһиги үрдүк сололоохторбут, бэл диэтэр, бу курдук иэдээн тахсыбытын да кэннэ, сокуон бобор диэтэҕэ буолаллара кинилэр тиистэрэ-уостара суоҕун, сыппахтарын көрдөрөр! Киһини сиэбит ыты кэлии дьон таптыы-таптыы илдьэ барбыт видеолора аан дойдуга тарҕанна. Маннык үчүгэй ыты бу “түҥкэтэх, хараҥа омук” кэбилээтэ диэн көрдөрөн эрдэхтэрэ. Маныаха сэрии кэмигэр эмиэ сокуонтан наһаа куттанан, олус “чиэһинэй” буолбута буолан, бэйэлээх бэйэлэрин дьонун, кутуйах хаһааммыт бурдугун уордуҥ диэн үҥсэн, сойуолаан, киһи бөҕөтүн хоргутан өлөрбүттэрин санаатым. Эмиэ оннук куттас, кулут санааттан.
Бары бэркэ билбит дьокутааппыт Бурматов: "Ыттар уулуссаҕа мэнээк сылдьыа суохтаахтар, кинилэргэ аналлаах приюттар баар буолуохтаахтар, ол сокуону олоххо киллэрбэтэх олохтоох былаас буруйдаах", -- диирэ, дьиҥэр, сөп. Биһиэхэ буоллаҕына ыттар уулуссалары ылбыттара ыраатта, бэл диэтэр, киин сирдэргэ, куорат таһын этэ да барбаппын.
Биллэн турар, ыт боппуруоһүгар уопсастыба сиэр-майгы өттүнэн тутахсыйыыта ала-чуо көстөр. Ыттары сатаан ииппэккэ быраҕыы, эбэтэр бэйдиэ “күүлэйдэтэ ыытыы” -- бу барыта бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын эппэккэ, ханна барыай. Бэйэбит хайдахпыт да, ыттарбыт оннуктар. Ыттар бу турар ыарыыга сыстыбаттар дииллэр. Ол эрээри, тоҕо кэлиҥҥи икки-үс сылтан бэттэх ыттарбыт хайдах эрэ майгылара уларыйда, синнэригэр түстүлэр? Бу да иннинэ бырадьаак ыттар элбэхтэрэ даҕаны, киһини сырса сылдьан үрбэттэр этэ. Атыттары билбэппин буолан баран, олорор сирбэр оннуга. Мин ыттары, дьиҥэр, сөбүлүүбүн, бэйэм олус үчүгэй ыттаахпын. Дьэ, ол ыппынаан таһырдьа күүлэйдии тахсарбыт бүтүн сэриигэ турунааһын тэҥэ. Хата, электрошокердаах буолан, абырана сылдьабын. Бэйдиэ сылдьар ыттар дьиэ ыттарын өлөрдүү абааһы көрөллөр, үөрүнэн батыһа сылдьан үрэллэр. Баҕар, ыты тутааччыларга диэн эттэххэ, Теплай күөл таһынан, Чкалов уулуссаҕа турар дьиэлэр анныларыгар ыт бөҕө хорҕойон олорор. Мантан саас туох буолар? Хас ыты барытын тутар кыахпыт суоҕа бэрт буолан, эмиэ бэйдиэ барыахтара турдаҕа...
Айталы Шадрина-Никифорова
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0