Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Самаан сайын силигилээн турдаҕына, Тэбиик нэһилиэгин «Энгельс» колхуос үлэһит дьонун сыдьааннара мустан, аймах-билэ дьоннорун ааттарын, колхуос олоҕун кэпсиир умнуллубат кэриэс, өлбөөдүйбэт үйэлээх өйдөбүл буолуохтун диэн устуоруйа кэрдииһин дьоһун өйдөбүнньүгүн арыйдылар.

Самаан сайын силигилээн турдаҕына, Тэбиик нэһилиэгин «Энгельс» колхуос үлэһит дьонун сыдьааннара мустан, аймах-билэ дьоннорун ааттарын, колхуос олоҕун кэпсиир умнуллубат кэриэс, өлбөөдүйбэт үйэлээх өйдөбүл буолуохтун диэн устуоруйа кэрдииһин дьоһун өйдөбүнньүгүн арыйдылар.

Манна уоттаах сэриигэ олохторун толук уурбут буойуттар, сэрии толоонуттан кыайыы кынаттанан кэлбит бэтэрээннэр, сэрии кэмигэр, сут-кураан сылларыгар икки хараҥаны тэҥнээн тыылга үлэлээбит Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыттар, ор сылларга пиэрмэҕэ үлэлээбит дояркалар, атын да салаа үлэлэргэ үлэлээн уордьаннаах, мэтэллээх үлэһит дьоммут ааттара көмүс буукубанан суруллан үйэтитилиннэ. Бу монументальнай пааматынньык уратытынан аймах-билэ дьоммут ааттарын ааттатар, кинилэр олохторун салгыыр кэнчээри ыччаттара үлэһит үтүөлэрэ буолан, араас салаа үйэлэргэ төрөөбүт нэһилиэктэрин, дойдуларын аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт биир дойдулаахтарбыт хаартыскалара, ааттара киирбитэ буолар. Ол эдэр  үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур, эрэллээх эркээйи, суолдьут сулус буола туруоҕа.

01742e17 bbb1 4324 b2b4 2ea8ba41317a

Ампаардаах алаас киэҥ нэлэмэн, көнө хонуулаах, өтөн киирбит арыы тыалардаах, күлүмүрдүүр долгуннаах ыраас уулаах күөллэрдээх, бэйэтин иһигэр: Туолай, Арыы тумса, Хаймыы, Сэргэлээх, Синньигэс Сэргэлээх диэн ааттардаах тула орто быллаардардаах үрдүк сыырдарынан төгүрүйүллэн турар алаас.

Онтон бу пааматынньык Сэргэлэххэ Энгельс колхуос киин уһаайбатыгар, сугулаан дьиэ утары үрдүк сиргэ тутулунна, алаас биир кэрэ дьоһуннаах суолталаах миэстэтэ буолуоҕа. Пааматанньыкка киирбит матырыйааллары, дьон ааттарын, оччотооҕу дьону билэр уонна өрүү үөрэтэр суруйааччы, В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан биримэйэ лауреата, Дүпсүн, Өспөх, Мүрү нэһилиэктэрин, Уус-Алдан  улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөпсүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай, комсомольскай, бартыыйынай үлэ бэтэрээнэ Иннокентий Сыроватский–Дуондун, уонна эдьиийбит Мүрү, Дүпсүн нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Мария Ильинична Попова күүс-көмө буолбуттара олус махталлаах.

Үөрүүлээх куҥҥэ айылҕабыт барахсан анаан чаҕылхай күнү бэлэхтээтэ, кыра сиккиэр тыал, сылаас тыына кэлбит дьону барыларын кууспалаата. Ол да иһин Дьокуускайтан, Бороҕонтон, Тулунаттан, Найахытта, Чэриктэйтэн, Дупсунтэн кэлбит  300 тахса киьи тоҕуоруһа мустан, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн үөрдүлэр, эҕэрдэлистилэр. Эбэбит барахсан оҕолорун, аймахтарын кэтэспит курдук налыйан-наскыйан, үлэ дьонун дьоһун ааттарын иһиллээн турда. Үрдүк айыыларбыт, өбүгэлэрбит үөһээттэн сэргээн-сэҥээрэн истэ турдулар дуу…

057a756b ab46 415f 9952 1b0e24be139c

Сайылык үрдүнэн сахалыы муусука дьиэрэйдэ. Үөрүүлээх чаас аһылллыытын тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус-Алдан, Горнай улууһун, Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах  олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин чилиэнэ, сопхуос, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар салайар үлэҕэ үлэлээбит И.В. Бочкарев саҕалаата. Бу пааматынньыгы оҥорорго бастакынан төрүөт буолбут, уоттаах сэрии кыттыылаахтарыгар анаан биһиги биир дойдулаахпыт, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Уус- Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха Сиригэр Муусука Үрдүкү оскуолатын тэрийбит Босиков Василий Афанасьевич 1983 сыллаахха Ленинград куоракка мрамортан обелиск оҥотторон дойдутугар аҕалбыта, араас миэстэлэринэн көһө сылдьан турбута. Ону төрүт миэстэтин булларар сыаллаах улэни саҕалаабыта. Онтон өссө эбии Арассыыйаҕа Үлэ сыла биллэриллибитинэн идиэйэ көтөҕөн, иилээн-саҕалаан, сүүрэн-көтөн бу пааматынньык киэҥ ис хоһоонноох, борустуой үлэ дьонун ааттарын үйэтитэргэ анаан оҥордо, ол да иһин аймах-билэ дьонноруттан барҕа махтал тылларын ылыан ылла. Пааматынньык таас фундаменын үрдүгэр, тимир олбуордаах, ортотугар урут оҥоһуллубут обелиск суруга-бичигэ, тас көстүүтэ саҥардыллан хара мрамор үрдүгэр саамай ортотугар турда. Тимир олбуор үдүнэн анал оҥоһуулаах истиэндэлэр атахха ыйаннылар, саха дьонун сиэринэн үс сэргэ кэккэлии туран, өссө тупсарда, кыайыы дойду, улуус, нэһилиэк былаахтара тэлибирии турдулар.

2e8a75f4 28b7 4d64 80ee c600a7ff0e60

Пааматынньык тутуутугар «Энгельс» колхуос үлэһит дьонун сыдьааннарыттан хомуллубут үбүнэн уонна «Победа» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуонда үбүлээһининэн күн сирин көрдө. Махталбытын тиэрдэбит бу пуонда салалтатыгар, чуолаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэрии, улэ бэтэрээннэрин Сэбиэтин, сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы харыстыыр уопсастабыннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлигэр Вильям Очирович Ивановка.

Үөрүүлээх чааһы ыытааччылар Пелагея Соловьева, Андрей Федоров олус истиҥник, дьону тардар тылларынан ыыттылар. Арасыыйа, Саха Сирин гимнэрэ ньиргийдилэр, аалай кыһыл лиэнтэ быһылынна, кыайыы сибэккитэ гвоздиканы кэлбит дьон бары уочараттаан пааматынньыкка киирэн уурдулар. Эҕэрдэ тыл үтүөтэ этилиннэ, баһаам элбэх наҕараада туттарылынна, дохсун ытыс тыаһа Сэргэлээх үрдүнэн ньиргийдэ. Өрөспүүбүлүкэ Ытык Сүбэтин бэлиэтин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ» бастакынан эдьиийбит 87 саастаах Мария Попова ор сылларга пиэрмэҕэ үлэлээбит, сайылык төрүт олохтооҕо Надежда Сивцева, сыана бэтэрээнэ, норуокка биллэринэн «Капитан нос» Вячеслав Гоголев, Энгельс колхуос бастакы бэрэссэдээтэлин Рожин Николай Романович сиэнэ Мария Дегтярева, биэнсийэлээх Анна Бурнашева ыллылар. Биир дойдулаахпыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, юридическай наука доктора, бэрэпиэссэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конститутционнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ П.В. Гоголев, Арассыыйа үтүөлээх экэниэмикэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаьаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ А.И. Кондратьева, Мүрү нэһилиэгин баһылыга В.И. Аммосов, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ О.Ф. Федоров уонна М.Е.Фомина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэрии үлэ бэтэрээннэрин сэбиэтин солбуйар бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа, Василий Николаевич Васильев.  

66218ce0 79cd 40fd bfda 9fb5d4ac3261

Урбаанньыт Е.И. Кривошапкин куораттааҕы Дүпсүн түмсүү салайааччыта С.Г. Сивцев, биэнсийэлээх А.П. Бурнашева эҕэрдэ тыллары эттилэр. Бу үлэҕэ үлэлэспит, тэрийбит дьоммутугар, нэһилиэк олоҕор көхтөөх  кыттыылаахтарбытыгар махтал суруктары, араас үбүлүөйүнэй мэтээллэри, бэлэхтэри туттардылар. Ырыа доҕуһуоллаах тэрээһини киэргэттилэр сыана бэтэрээннэрэ Вячеслав Гоголев, Людмила, Николай Бурцевтар дьиэ кэргэттэрэ, Найахыттан Рожин Алексей Михайлович сыдьааннара ырыаһыт кыргыттар Мүрүттэн Василий Аммосов, Мария Фомина. Биир бэлиэ тугэнинэн аҕам саастаах эдьиийдэрин, ийэлэрин аймахтарын Макарова Варвара Васильевна үбүлүөйдээх сааһынан чугас дьоно уонна улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин эҕэрдэтэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин физкултуураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитин Уус Алдантан бастакы Арассыыйа гроссмейстера Петр Петрович Ушницкайы эҕэрдэлээн туран, кубок уонна сэмэй бэлэх туттарыллыбыта мустубут дьон санаатын өссө көтөхтө. Саамай дьон дууһатын таарыйан, улахан сэҥээриини И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын «Кэскил лааҕырын оҕолорун эҕэрдэтэ буолла. Оҕолор бу 1988 сыллаахха Сонун Сойуус уонна кыһыл муннук колуостар холбоһон Энгельс аатынан колхуос тэриллибитин, онно кимнээх үлэлээбиттэрин салайааччыларыттан саҕалаан стахановецтары, уустары, булчуттары, пиэрмэ, хонуу хоһуун үлэһиттэрин, тутааччылары, суруйааччылары, худуоһунньук-скульптордары, биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэллэри, сэрии бэтэрээннэрин ааттарын ааттаан олус үчүгэйдик аҕыннылар. Түгэнинэн туһанан оскуола кэлэктиибигэр  (дириэктэр А. Сыроватскай) учууталларга дириҥ махталбытын тиэрдэбит уонна бу пааматынньыгы оскуола шефтэьэн, көрүө-харыстыа, араас тэрээһиннэри ыытыа диэн бигэ эрэллээхпит.

43c2346f 725e 4e39 8af1 b1b0b0723595

Саха Сиригэр Үлэ сылынан «Удьуору утумнааһын» анал ааттары билигин үлэ үөһүгэр сылдьар бастыҥ дьоммутугар туттарыы буолла. Бу тэрээһини иилээн-саҕалаан, спонсордаан тэрийдилэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Уус Алдан улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын иһин бэлиэ хаһаайката Прасковья Ильинична Горохова сэртипикээти туттарда, аалай лиэнтэни кэтэттэ, «Энгельс» холхуос туһунан буклеты бэлэхтээтэ. Ону таһынан норуот маастара Мария Атласова тикпит олбохторун Анна Бурнашева спонсордаан бэлэх быһыытынан туттарылынна. Эһэтин, аҕатын Гоголевтары удьуордаан мындыр уус, айан оҥорооччу анал ааты, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр рационализатор Алексей Романович Гоголевка саастарын тухары өбүгэ саҕаттан атынан, массыынанан, таһаҕас таспыт Гороховтар удьуордара суоппар Мирон Иннокентьевич Гороховка, уордьаннаах сүөһү көрөөччү Федоров удьуора, билигин да сүөһү көрүүтүгэр оҕолуун-уруулуун үлэлии сылдьар, сайылык олохтооҕо Никандр Васильевич Федоровка, элбэх суруйааччылар уутуйан үөскээбит түөлбэлэриттэн төрүттээх, айар куттаах «Уһуктуу» улуустааҕы түсүү кыттыылааҕар Агафия Ивановна Сивцеваҕа, Ушницкайдар удьуор үөрэхтээхтэрин анал ааттара, норуоттар икки ардыларынааҕы ыстаатыстаах учууталга Оксана Николаевна Матвееваҕа, Аҕа дойду уоттаах сэриитин бэтэрээннэрин Гороховтары удьуордаан Афганистаан сэриитин кыттыылааҕа Василий Николаевич Слепцовка, Саха Сирин биллиилээх учуонайдарын Гоголевтар династияларын удьуордарын Петр Васильевич Гоголевка туттарылынна уонна удьуору утумнаан улэлии сылдьар дьонноругар аймахтар бэйэлэрин бэлэхтэрин туттардылар.

2e8a75f4 28b7 4d64 80ee c600a7ff0e60

Тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн үөрүүлээх чааһа түмүктэннэ онтон аймахтарынан түһүлгэлээн олорон аһааһын, Дүпсүн уутун собуотун бэртээхэй быыппаҕын иһии саҕаланна. Тэрилтэ салайааччытыгар улуус мунньаҕын дьокутаатыгар А.А. Нестеровка дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Ол кэнниттэн аймахтар бэйэлэрин олорбут төрүт түөлбэлэринэн, алаастарынан, төрөөбүт дьиэлэринэн сылдьан аал уоттарын аһаттылар.

Бу улахан тэрээһин ыытарга күүс-көмө буолбут, сайылыгы сибэкки ойуулаах сахалыы ырбаахылаах, туос ыаҕастаах «Далбар үҥкүүһүттэрин түмсүүлэрэ киэргэттилэр. Кинилэр пааматынньык тутуута саҕаланыаҕыттан сууйан-сотон, кырасскалаан дьоһун үлэни оҥордулар. Өссө кэлбит ыалдьыттарга ас астаан аһаттылар, бэйэлэрэ тэҥҥэ түһүлгэҕэ олорсон ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан, сайылык сибиэһэй сүөгэйинэн, баахыланан, собонон күндүлээтилэр. Далбардарга (салайааччы Е.П. Алексеева) махтал тылларын аныыбыт. Ульяна Ильинична Босикова Дупсун нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, култуура үлэһитэ муусуканан доҕуһуолу, аппаратуураны барытын бэйэтэ тэрийэн, улахан төһүү күүс буолбутугар барҕа махтал.

Пааматынньык тутуутугар үбүнэн көмөлөспүт бар дьоммутугар барыларыгар, спонсордарбытыгар, чуолаан П.В. Гоголевка, Л.А. Дүпсүҥҥэ, Е.И. Кривошапкинаҕа, П.И. Гороховоҕа, С.Г. Сивцевка, тутуу матырыйаалын таһыытыгар спонсордаабыт, өйөбүл буолбут А.А. Протопоповка, З.З. Стрекаловскайга, Ампаардаах суолун тыраахтарынан көннөрбүт В.Н. Слепцовка, тутууга үлэлэспит аҕам саастаах дьоммутугар В.Н. Гоголевка, И.В. Бочкаревка, Н.Н. Поповка, Г.И.Прибылыхха, сайылык оҕолоругар Чараҥ оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Охлопков Демидка, Мүрү орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнэччитэ Охлопков Данилга, дьиэ кэргэттэригэр барыгытыгар махтал буоллун. Аҕа көлүөнэ дьоммутун ааттарын үйэтитэн ытык иэспитин төлөөтөхпүт.

Түмүккэ пааматынньык регистрацияланан өрөспүүбүлүкэ пааматынньыктарын испииһэгэр киирэрин ситиһиэххэ. Улуус, нэһилиэк, дьаһалталара манна үлэлэһэн, докумуоннарын оҥорон регистрацияны онорторуотара диэн бигэ эрэллээхпит.

Ааспыты анаарар, билиҥҥини биһириир, сарсыҥҥыны саныыр киһи кэскиллээх, инникилээх. Онуоха хас күн аайы кэриэтэ көрөр, харах далыгар турар өйдөбүнньүк бэлиэ ааспыт кэми ахтан ааһарга олугунан буолуохтун, норуот чулуу уолаттарыгар, үлэ бастыҥнарыгар сүгүрүйүү төрүттэрин үөскэппитин. Үйэлэртэн үйэлэр тухары үлэһит дьон үтүө  ааттара, эйэлээх олох, ыраас халлаан баар буоллун үлэ-хамнас күөстуу оргуйдун. Барыта этэҥҥэ буоллун.

А. Бурнашева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мүрү, Дүпсүн нэһилиэктэрин, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, тэрийэр хамыыһыйа чилиэнэ.

       

  

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением