Үтүө үгэс быһыытынан сылын аайы Ийэ тыл уонна сахалыы сурук-бичик күнүн гимназия кэлэктиибэ өрө көтөҕүллэн, эрдэттэн бэлэмнэнэн тэрийэр. Гимназия уораҕайыгар бүгүн сарсыардаттан сахалыы хомоҕой хоһоон доргуччу ааҕылынна, хомус дьүрүһүйдэ, оһуокай дуорайда.
Үөрүүлээх линейкаҕа 173 гимназист бары сахалыы таҥнан кэлэн, дьоһумсуйан кэккэлии тураллар. Уоланнар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Өрөгөй ырыатын ньиргиччи ыллаатылар. “Уолан” ааҕар бөлөх чилиэннэрэ (салайааччы Н.В.Бурцева, саха тылын, литературатын учуутала) норуот поэта Бүөтүр Тобуруокап “Айхал Сахам тылыгар” поэматынан уус-уран дьүһүйүүнү долгуйан туран аахтылар. Гимназистары дириэктэр Ф.Ф. Татаринов бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ.
История учуутала Дж.А. Николаев саха алпабыытын төрүттээбит Семен Андреевич Новгородов олоҕун, үлэтин туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. 6 “б” кылаас кэлэктиибэ (салайааччы С.Н.Сыроватская, нуучча тылын, литературатын учуутала) хомуска уус-уран дьүһүйүүнү үрдүк таһымнаахтык толордулар.
Хомусчут уоланнар улуустааҕы “Хомус кырдала-2022” куонкуруска “Дьүрүскэн түмсүү” анал ааты ылбыттара уонна уопсай түмүккэ III үрдэли ситиспиттэрэ. Салгыы гимназистар кылааһынан төрөөбүт төрүт тыл туһунан Күндэ, Сэмэн Данилов, Бүөтүр Тобуруокап, Иван Гоголев хоһооннорун күргүөмүнэн аахтылар. Эр дьон учууталлар дьоро күн үөрүүтүн эрчимнээх ырыанан үрдэттилэр. Тэрээһин киэҥ түһүлгэлээх оһуокайынан түмүктэннэ.
Гимназистар салгыы остолобуойга сахалыы астаах сандалы тула олорон, өбүгэбит төрүт аһын астына амсайдылар. Ол курдук, буотарак миинин, арыылаах алаадьыны, күөрчэхтээх лэппиэскэни, отон, моонньоҕон барыанньатын, сугуну тото-хана сиэтилэр.
Күнүстэн киэһэ уоланнар тыл оонньуутугар, дорҕоонноохтук ааҕыы куонкуруһугар, “Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтигэр”, “Сахалыы ширииби туруоруох” аахсыйаҕа кытыннылар.
- 12
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0