— Бэс ыйын 12 күнүгэр 1990 сыллаахха РСФСР судаарыстыбаннай суверинитетын туһунан Декларация ылыныллыбыта. Оттон билигин үлэлиир РФ Төрүт сокуона 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр норуот куоластааһынынан ылыллыбыта. Быйыл от ыйын 1 күнүгэр биһиги бүттүүн тахсан, РФ Төрүт сокуонугар киирэр уларыйыыга «ылынабыт” эбэтэр “ылыммаппыт” диэн куоласпытын биэриэхпит. Ол курук, Төрүт сокуоҥҥа үгүс уларыйыылары киллэрээри гыналлар. Бэйэм үлэлиир эйгэм өттүнэн этэр буоллахха, олохтоох салайыныы уорганыгар уларыйыылар бааллар. Чуолаан, публичнай былаас диэн өйдөбүлү киллэрэллэр. Ол курдук, судаарыстыбаннай былаас уорганнара, РФ, СӨ бырабыыталыстыбалара, Ил Түмэн уонна муниципальнай былаастар биир сыалга-сорукка үлэлиирбит туһунан этиллэр. Оччотугар биһиги, муниципалитеттар судаарыстыбаннай боппуруостарга кыттыһарбыт мэктиэлэнэр, онон үлэбит суолтата күүһүрэр. Билигин муниципальнай былаас боломуочуйата аҕыйах. Өскөтүн, публичнай былаас киирдэҕинэ, судаарыстыбаннай суолталаах боппуруостары тэҥҥэ быһаарсабыт, ону кытта эппиэтинэстээх буолабыт. Судаарыстыбаннай бүддьүөтү былаанныырга олохтоох салайыныы уорганын, дьокутааттарын этиилэрэ учуоттаныахтаахтар. Маны таһынан, уларыйыыларга элбэх социальнай боппуруостар таарыллаллар. Оҕо инники кэскилбит диэн өйдөбүлүнэн быйыл оҕо аймахха туһаайан элбэх көмө оҥоһулунна. Инникитин да саҥа Төрүт сокуон бу көмөлөрү мэктиэлиэ дии саныыбын. Итиэннэ биэнсийэ сылын аайы индексацияланар буолар. Онон от ыйын 1 күнүгэр дьон-сэргэ күргүөмүнэн тахсан, РФ Төрүт сокуонугар киирбит уларыйыылар иһин куоластыа диэн эрэнэбин.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0