Түмүгү, балаҕан ыйын 23 күнүгэр, киэһэ 7 чаас ааһыыта биллэрдилэр. Куонкуруска Таатта, Чурапчы, Томпо, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Кэбээйи, Өлөөн, Абый улуустарын, Жатай бөһүөлэгин иистэнньэҥнэрин хамаандалара кытыннылар. Кинилэр бэриллибит кэм устатыгар «Эр хоһуун» таҥас кэмпилиэгин, барыта 13 устуука, 10 көрүҥ таҥаһы тиктилэр. Кыайыылаахтар үлэ хаачыстыбатынан быһаарылыннылар. Ол курдук, I миэстэни «Кыыс Амма» (Амма улууһа), II миэстэни – «Илии сылааһа» (Мэҥэ Хаҥалас, Төҥүлү) уонна «Сыдьаайа» (Нам улууһа, Хатыҥ Арыы), III миэстэни – «Харыстаана» (Таатта улууһа), «Чурапчы Чараҥа» (Чурапчы улууһа) уонна «Эркээни» (Хаҥалас улууһа) ыллылар.
Куонкуруһу тэрийбит «Илии сылааһа» иис сыаҕын салайааччы, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката Ирина Саввина Абый уонна Өлөөн улуустарын ийэлэрэ кыттыыны ыланнар, куонкурус географиятын кэҥэтэн биэрбиттэрин бэлиэтээтэ. Кыттыбыт бары хамаандаларга итиэннэ кинилэргэ "ыалдьыбыт" дьоҥҥо махтанна.
Ийэлэрбит, эбэлэрбит илиилэрин сылааһынан угуттанан, алгыс тылынан арыалланан тигиллибит таҥастар, уолаттарбытыгар харысхал, дурда-хахха буоллуннар!
- 7
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0