Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 8 oC

Социология билимин дуоктара, бөлүһүөк Ульяна Винокурова этэринэн, Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллаах улуустартан биирдэстэрэ -- Үөһээ Дьааҥы. Боронук диэн нэһилиэккэ 8 оҕолоох Сардаана уонна Иннокентий Аммосовтар олороллор.

Социология билимин дуоктара, бөлүһүөк Ульяна Винокурова этэринэн, Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллаах улуустартан биирдэстэрэ -- Үөһээ Дьааҥы. Боронук диэн нэһилиэккэ 8 оҕолоох Сардаана уонна Иннокентий Аммосовтар олороллор.

  Дьоннорун удьуордаан

Сардааналаах Иннокентий бэйэлэрэ эмиэ элбэх оҕолоох ыалларга төрөөбүт дьон. Сардаана Иннокентьевна ийэтэ -- Дьоруой ийэ ааты сүкпүт Зоя Дмитриевна Аммосова. Ыал аҕата Иннокентий Иннокентьевич 8 оҕолоох ыал уола, ийэтэ Попова Елена Николаевна.

Зоя Дмитриевна да, Елена Николаевна да иккиэн саастарын тухары сопхуос пиэрмэтигэр ыанньыксытынан, торбосчутунан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Мин кэпсиир дьонум ыал буолан тэринэр кэмнэрэ 90-с сылларга ааспыта. 1993 с. Иннокентий ытык иэһин толорон, аармыйаттан кэлээтин кытта холбоспуттара. Бастаан Мачах диэн кыра учаастакка олорбуттара, 1995 сыллаахха Боронукка көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Эдэр ыал утуу-субуу оҕоломмуттара.

Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ уһуйан улаатыннараллар. Уолаттар бары тиэхиньикэҕэ дэбигэс сыстаҕастар, бары суоппардар. Түөрт уолтан үһэ аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан кэлбитэ. Кыргыттар асчыттара,  дьиэ үлэтиттэн туора турбат дьон.

43eaa9cb ad3e 41dc bb15 1db17a915b04

 Аҕыс оҕо аанньала

Сардаана Иннокентьевна 2007 сыллаахха «Ийэ Албан аата» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

 Улаханнара Ньургун билигин бэйэтэ 4 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, Верхоянскай куоракка “Сахаспецтранс” тэрилтэҕэ тырахтарыыстыыр. Онтон кэлэр уол Иннокентий Боронук оскуолатыгар сопхуостуур. Розалия Тыа хаһаайыстыбатын техникумҥа уһуйуллан, экэнэмиис-буҕаалтыр идэлээх, кэргэннээх, оҕолоох. Вадим эмиэ ол техникумҥа лесхоз үөрэҕэр үөрэнэ сылдьар. Семен Дьокуускайга автодорожнай техникуму бүтэрбитэ. Зоя  онус, Оля тохсус, Оксана сэттис кылаастарга таҕыстылар.

Оҕолор бары араас эйгэҕэ дьоҕурдаахтар. Ол курдук, уолаттар спордунан дьарыктаналлар, бөһүөлэк волейболга сүүмэрдэммит хамаандатыгар оонньууллар. Сайын аайы Мачахха эбэлэригэр Зоя Дмитриевнаҕа баран сайылыыллар, оттууллар, сир астыыллар.

 Үлэни өрө тутан

Аммосовтар сүрүннээн сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар. Ийэлэрэ Сардаана Иннокентьевна оҕуруотчут бэрдэ. Арассаадатын эрдэ таһааран, тэпилииссэтигэр оҕурсуу, помидор, биэрэс үүннэрэр, онон оҕуруот аһын бастакынан кинилэр амсайаллар. Хортуоппуйун, хаппыыстатын атыылаан, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн хаҥатар.

Элбэх оҕолоох ийэ сиэринэн иистэнэр. Оҕолорун барыларын сахалыы таҥыннаран, ыһыахха кэлбит дьону үөрдэллэр. Кыһыҥҥы да таҥас, үлэ да таҥаһын тигэн, дьонун хааччыйар.

Дьиэ кэргэн олус түмсүүлээх, бары бииргэ айылҕалыын алтыһан, балыктыылларын, куобахтыылларын, кустуулларын сөбүлүүллэр. Дьиэҕэ остуоллара куруук хотойорунан дэлэй астаах-үөллээх буолар.

b1d85e2a 5fb6 4949 a2f0 3865a18afbd2

Нэһилиэк тутаах ыала

Сардаана Боронук бөһүөлэгин биир улахан түөлбэтин салайар. Түөлбэ дьонун чөл олоххо тардар. Үлэ буоллун, үөрүү да, хомолто да буоллун, дьонун түмэн, араас аахсыйаҕа, тэрээһиҥҥэ кытыннарар, араас көмөнү тэрийэр. Кини СӨ дьахталларын V ыҥырыылаах мунньаҕын делегата.

Ыал ийэлээх аҕата Иннокентий уонна Сардаана эр киһи уонна дьахтар үлэтэ диэн араарбакка, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьаллар. Иннокентий сылгыга олус сыстаҕас. Онон кини бэйэлэрин эрэ сыспай сиэллээхтэрин буолбакка, чугастааҕы дьоннорун киэннэрин  эмиэ көрөр.

Аммосовтар бары дьиэ кэргэнинэн  чөл олохтоох дьон. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ дьон эрэнэр, нэһилиэк биир тутаах ыала буолар. Ааспыт 2019 сыл түмүгүнэн «Бастыҥ ыал» анал ааты ылбыттара.

Акулина СТРУЧКОВА,

Боронук, Үөһээ Дьааҥы

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением