Сүүс тыһынчаттан тахса сыл ирдэммит XIX үйэ саҕаланыытыгар киһи аймах ахсаана 1 млрд киһиэхэ тиийэригэр. Онтон 200 сыл эрэ иһигэр дьон ахсаана сэттэ төгүл улааппыт. Билигин сир шарыгар 7,7 млрд киһи олорор. ХНТ билгэтинэн, 2030 сылга нэһилиэнньэ ахсаана 8,5 млрд киһиэхэ, 2050 сылга 9,7 млрд киһиэхэ, оттон 2100 сылга 10,9 млрд киһиэхэ тиийэр. Нэһилиэнньэ элбээһинин кытары үгүс кыһалҕалар үөскүүллэр. Уопсастыбаҕа маннык кыһалҕалар баалларын көрдөрөөрү ХНТ Дойду нэһилиэнньэтин күнүн олохтообут.
Бу күн дьон төрүүр-ууһуур доруобуйатыгар уонна эр киһи, дьахтар бырааптарыгар болҕомто ууруллар. Саха сиригэр 1991 сыллаахха нэһилиэнньэ ахсаана 1 мөл. 119 тыһ. киһиэхэ тиийэ сылдьыбыт. Ол эрээри, 1992 сылтан саҕалаан нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаан барбыт уонна 1998 сыллаахха Саха өрөспүүбүлүкэтэ мөлүйүөн нэһилиэнньэлээх регионнар ахсааннарыттан тахсыбыт. Маныаха төрүөтүнэн дьон өрөспүүбүлүкэттэн көһүүтэ, дьахтар эр дьонтон элбэҕэ буолбут. 2002 сыллаах биэрэпиһинэн, Саха сиригэр 949,3 тыһ. киһи олороро биллибит. Оттон 2020 сыллаах чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана 972 тыһ. киһи буолбут. Бу көрдөрүүттэн 66,1%-на куораттарга олорор, тыа сиригэр 33,9 %-на олорор.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0