Кэлиҥҥи кэмҥэ кини олох ураты, соһуччу тэҥнэбиллээх хоһооннорун соһуйа, ардыгар туоххаһыйа, ардыгар дьоллоно ааҕабын. Биир киһи холугар олус таһарыылаахтык үлэлиирин бэлиэтээн туран, Борис Павлов-Кэм көлүөнэтин, тус бэйэтин таҥнарбатах, туппут суолуттан туораабатах айар киһи буоларын бүгүн астына этэбин. Кини – биһиги суобаспыт, көҥүлбүт куолаһа. Бугүн Борис Иванович Павлов биһиги ыалдьыппыт.
Кэммитин түһэн биэрбэт туһугар
Борис, туох-ханнык иннинэ истиҥ эҕэрдэ! Хоммут уоһу өһүлэн сэһэргэһиэх. “Бэйэм кэммэр командировка” диэн ааттаах кинигэҕиттэн саҕалаан, суруналыыстыкаҕа, поэзияҕа, прозаҕа элбэх кинигэни таһаардыҥ. Эн санааҕар суруйааччы диэн кимий? 1995 сыллаахха “Бэйэм кэммэр командировка” диэн кинигэни таһаарбытым кэннэ оччотооҕуга РФ суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, литературнай критик И.Г. Спиридонов ыҥыран ылан: “Борис, бэртээхэй кинигэни суруйбуккун, сойууска сайабыланньата биэр”,- диэбитэ. Онно мин толкуйга түспүтүм: “Хэмингуэй суруйааччы, Айтматов суруйаачы, Өксөкүлээх, Ойуунускай суруйааччылар, мин ол биир кинигэни таһаараат суруйааччы буоллум дуо?” -диэн. Суруйааччы диэн тыл оннук улахан суолталаах этэ миэхэ. Айар эйгэҕэ үлэлээн уонча кинигэни суруйдум. Бириэмэ аастар ааһан, көлүөнэбит, олорбут олохпут ыраатан, доҕотторум, үөлээннээхтэрим сорохторо күн сириттэн сүтэн бардылар. Онно толкуйдаатым. Биһиги олохпутун, кэммитин суруйар ким баарый, арааһа, сурукка хааллар диэн миигин үөһэттэн анаан ыыппыттар быһыылаах диэн. Ол кэннэ икки сыл иһигэр турунан туран “90-ус хаҕыс тыаллаах сыллартан”диэн публицистикаҕа, “Кэмҥин түһэн биэримэ” диэн уус-уран литератураҕа икки кинигэни суруйан таһаардым. Дьэ, ол кэннэ санаабытым – суруйааччы диэн эппиэтинэс диэн. Дьон туһугар, көлүөнэ туһугар, норуот туһугар. Эн биһикки биир көлүөнэ дьонобут. Биһиги туох-ханнык уратылаах кэм дьонобутуй?Биһиги көлүөнэ сүрдээх кэрэхсэбиллээх кэмҥэ олорон аастыбыт. Бүтүн эпоха уларыйыыта. Тутул уларыйыыта. “Төрөппүт ийэҥ, аҕаҥ сир-халлаан икки ардыгар быраҕан кэбиспиттэрин курдук кэм этэ”, – диэн биир кинигэбэр суруйбутум. Дьиҥэр, сэбиэскэй былаас социальнай өттүнэн иитэн-харайан олордоҕо дии. Ол барыта биир күн суох буолан хаалар. Бэйэҥ бэйэҕэр хаалаҕын. Булан-талан аһаатаххына аһаа, суох да суох. Оннук кэмҥэ киһи хайдах быһыыланара, дьылҕаланара суруйааччыга сүрдээх интэриэһинэй матырыйаал. Кимиэхэ эрэ, хаһан эрэ улахан арамаан буолан тахсар кыахтаах.
Мин саамай сөхпүтүм -- оччотооҕу номенклатураттан. Холобура, комсомольскай “сирдьиттэр”, устудьуоннуу сырыттахха араас комсордар, профкомнар, активистар элбэх этилэр. Биһигини, “өйдөрүн тута сатыы сылдьар” устудьуоннары, көнө суолга иитэллэрэ, хосторго рейдэлэри оҥороллоро. Кими эрэ уопсайтан үүрдэрэллэрэ. Үөрэх кэннэ кинилэр үүнэн-сайдан райком, обком буолаллара, салайар үлэҕэ бараллара. Былаастара сууллубутугар бу дьон ким хайа иннинэ уларыйан, демократ буолан хаалбыттара, эмиэ үөрэтэн-такайан киирэн барбыттара. Дьиҥэр, саа-саадах тутан бэйэлэрин былаастарын көмүскүөхтээх этилэр буоллаҕа дии. Онтон кэлин өйдөөбүтүм, хайа баҕарар тутулга былааска сөп түбэһэр, дьүһүн кубулуйар араҥа баар буолар эбит. Бэйэтин туһугар олорор. Ити миэхэ шок курдук буолбута.
Биһиги көлүөнэ бастыҥ ыччатын өйдөбүлэ “Доҕоргун таҥнаран биэримэ” – диэн этэ. “Эн туох да буол, баҕар үлэтэ да суох, баҕар арыгыһыт, тэбиллэ сылдьар да буол, ол гынан баран, доҕоргун түһэн биэриэ, таҥнарыа суохтааххын”, - диэн.
Кырдьыгы көрдөөн...
--Кырдьыгы көрдүүр поэккын. Кырдьыгыҥ туохханый?
--Кырдьык диэн баар. Кырдьык үөһээ халлааны кытта сибээстээх. Ол иһин тоталитарнай режимнэргэ суруйааччыларга “писать в стол”, режиссердарга “снимать в полку” диэн өйдөбүллэр бааллара. Бэчээттэммэттэрин, көрдөрүллүбэттэрин билэ-билэ суруйаллара, усталлара. Кырдьык саатар күн сиригэр хааллын диэн.
--Борис, урут литератураҕа биһиги кэммит дьоруойа, айымньы биһиги кэммит сүрүн киһитин көрдөрүөхтээх диэн өйдөбүл баара. Билиҥҥи кэммит дьоруоуйа кимий?
- Үөһээ эппитим курдук, 90-ус сылларга дьон мунан, сир-халлаан икки ардыгар хаалан хаалбыта. Ким хайдах дьаһанарынан. Ким санаата түһэн арыгылыы барбыта, ким кэргэнин, дьахтарын кэннигэр түспүтэ, сорохтор бэриммэккэ саҥаны көрдөөбүттэрэ, иннилэрин хоту барбыттара. Бэйэлэрин олохторун туппуттара. Кинилэр – билиҥҥи кэм геройдара. Мин Матвей Евсеев, Николай Румянцев-Колми, Афанасий Алексеев-Японец, Егор Макаров – Муус хайа курдук дьоннору аһара убаастыыбын. Бэйэлэрин дьылҕаларын оҥостон баран, норуоттарыгар, бар-дьонноругар көмөлөһөллөр. Меценаттар. Манньыаттаах Уола, Барашков, Кырбаһааҥкыт атыыһыт эмиэ итинник дьоннор эбиттэрэ болуо.
--Эн тэрийбит “Көмүөл” кинигэ кыһата хайдах үлэлии олорор?
-- Быйыл үлэлээбиппит 22 сыла. Сорохтор итэҕэйбэттэр. Бу кэм устата чааһынай тэрилтэ бөҕө үөскээн баран симэлийдэ. “Эһиги көмөтө суох хайдах үлэлии олороҕут, ким эрэ үбүлүүр быһыылаах, “ – диэччилэр бааллар. Биһиги байар-тайар туһугар үлэлээбэппит, норуот, саха тыла, литературата, бэчээтэ, кинигэ дьыалата сайдарын туһугар үлэлиибит, ол иһин баран иһэбит. Аҥардас ааспыт ыйга үс улахан кинигэни – норуодунай худуоһунньук К.П.Гаврильев-Кинтэн альбомун, археолог В.В.Попов-Быдылыкы Баһылай кинигэтин, Чурапчы ВИА-ларын устуоруйатын таһаардыбыт. Онон киэн туттабыт. Түгэнинэн туһанан “көмүөллэргэ” – В.П.Саввиноваҕа, Г.П.Рудыхха, С.М.Спиридоновка, И.М.Захароваҕа, Н.И. Саввиноваҕа, А.Ю. Чемчоеваҕа махталбын тиэрдэбин.
Айар тыын айаҥҥа ыҥырар
Борис, эн үгүстүк айанныыргын, сири-дойдуну кэрийэргин билэбин. Айан эйиэхэ туох суолталааҕый? Этнографияны, тюркологияны интэриэһиргииргэ учууталым профессор Н.К. Антонов уһуйбута. Кини биирдэ миэхэ кэлэн: “Барыыс, Мииринэй, Бүлүү тайҕатыгар аттаах киһи хонон ааһар аарыма дьэс олгуйдара бааллар үһү диэн кэпсээн баар. Баҕар, кырдьык буолуо, аттаах экспедицията тэрийэн бар. Мин эйиэхэ көмөлөһүөм, өйүөм,” – диэбитэ. Ити оччолорго миэхэ талбыт идэбиттэн- суруналыыстыкаттан аккаастаныыга тэҥнээх этэ. Ол иһин барбатаҕым. Билигин учууталым кэпсээбит сирдэрин Хакасияны, Саяны, Сибиир улуу өрүстэрин Енисейи, Ангараны, Байкал күөлү син кэрийдим. Билигин ученайдар Скифия дииллэр эбэтэр Гиперборея диэн ааттыыллар. Сибиир улуу өрүстэрин кытта биһиги Өлүөнэбит биир төрүттээх, биир хааннаах үгүс норуоттары үөскэппит улахан котлован эбит. Ол сылдьан мин саамай таптыыр суруйааччыларым Алтай уола Василий Шукшин, Ангаралар Валентин Распутин, Виктор Астафьев, Байкалтан “Сибиир Чехова” Александр Вампилов биһиэхэ чугастар, биһиги дьоммут эбит диэн үөрэбин.
Толкуйга - “Көлүөнэ музата”
Эйигин суруналыыс, прозаик быһыытынан билэбин, кэлин хоһоон хонуутугар ураты сүүрээни киллэрэн, саха поэзиятын байыттыҥ. Соһуччу тэҥнэбили булан туттаргыттан сөҕөбүн. “Сыһыан боростуой” диэн баран “сэмэй остолобуой” аһыгар холууруҥ, “тэстиэр диэри имиллибит санааҥ”, “чалбах курдук саарбах санаалар”, “саахар быраҕан күҥҥүн минньитэриҥ” , “саныыр санааҕа ыт баһын саҕа ыйаммыт күлүүс”, “сиэби тиэрэн” олоҕу көрүүҥ, “ыра санааам атах балай барбыта...” онтон да атын олус элбэх соһуччу аллегориялар, символлар... Хоһоонуҥ барыта оннук киһини соһуталлар. Бу хантан, хайдах төрүүрүй? Кырдьык, хоһоону кэнники суруйар буолбутум. Убайым, биир дойдулааҕым Е.Г.Старостин-Байаҕантай сабыдыалынан. Онтон айар ньыма быһыытынан эттэххэ, өссө “Бэйэм кэммэр командировка” кинигэбэр киирии тылы курдук суруйбуттаахпын: “Киһиэхэ, кылаабынайа, айар тыл, этэр санаа баар буолуохтаах, онтон ол хайдах форманан, - ыстатыйанан дуу, прозанан, хоһоонунан, поэзиянан дуу тахсара оруолу оонньообот”, -диэн.Инники былааннаргын билиһиннэриэҥ дуо?Биһиги саханы саха дэппит көлүөнэ буолабыт. Олорбут олоххун, аргыстаспыт доҕотторгун, охсуспут охсуһуугун, ыра санааҕын түһэн биэримэ диэн суолталаах “көлүөнэ музата” диэни оҥоруохпун баҕарабын. Саха интеллигенцията тыл туһугар охсуһуутугар бэйэбит кылааппытын киллэрэн, “Ааҕар Саха Сирэ” уопсастыбаны кытта “Кэм” диэн уус-уран таһаарыы оҥоруохпут.Истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын!
Айталина НИКИФОРОВА кэпсэттэ.
- 14
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0