Улахан айдаан, мөккүөр, туруорсуу кэнниттэн Ил Дархан Айсен Николаев анал этиитигэр маһы кэрдиини тохтоторун туһунан иһитиннэрбитэ. Норуот ону үөрэ, эгди буола истибитэ.
Маһы кэрдии тохтообута, сүрүннээн, дьон-сэргэ, уопсастыбаннас кыайыыта диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. "Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ" диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Петицияҕа 27 тыһ. киһи илии баттаабыта ону туоһулуур. Пандемия кэмигэр түбэһэн, дьон-сэргэ улаханнык аймаммыта, өрө турбута. Ол да буоллар, бу күннэргэ Маслобойников иккистээн экспертизаҕа биэрбит диэн сурах бассаап ситимин тилийэ көттө. Хомойуох иһин, Экология министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, иккис экспертиза түмүгүнэн "маһы харыстанар сирдэртэн ураты сиргэ кэрдэргэ" диэн уураах тахсыбыт. Маны суут эрэ нөҥүө утарсар кыахтаахпыт этиллэр. Оттон билигин нэһилиэнньэ окко киирэн, сайыҥҥы түбүгэ элбээн, солото суоҕа чахчы. Ол кэмҥэ олорон биэрэр табыллыбат.
Дьон-сэргэ өйөөтөҕүнэ
Хас биирдии улуус, нэһилиэк дойдутун айылҕатын туһугар туруулаһар дьонноох буолар. Мин Амма сүнньүнэн олорор нэһилиэктэр уопсастыбаннай хамсааһыннарын, биирдиилээн дьонун кытта кэпсэттим.
Надежда Кожурова, Чурапчы улууһун Мындаҕаайы нэһилиэгэ:
—Биһиги өссө 90-с сыллар саҕаланыыларыгар Н.И. Протодьяконов диэн энтузиаст учууталбыт суруйбут "Мындаҕаайы кытыла" экологическай бырагырааматынан үлэлээн саҕалаабыппыт. Оччолорго элбэх үлэ ыытыллара. Билигин санаабыт күүһүнэн эрэ үлэлии сатыыбыт. Хомойуох иһин, бырагыраама умнууга хаалла. Ол да буоллар, Аммабыт тулалыыр эйгэтин харыстыы сатыыбыт. Өрүспүт уута ыраас буоларыгар болҕомтобутун уурабыт. Син биир экологическай кэһиилэр кыралаан тахса тураллар. Туох да кэмэ-кээмэйэ суох маһы кэрдии бара турар, кытылы харыстааһын үлэлэрэ соччо ыытыллыбаттар. Саас, күһүн булчуттар, балыксыттар быраабыланы, сокуону тутуспаттара киһини хомотор. Сайынын сир аһын бириэмэтин тутуһуу диэн эмиэ суох. Олохтоохтор кыһалла сатыыбыт да, тастан сынньанааччылар, сөтүөлүү кэлбит дьон бэрээдэгэ суохтарыттан бөх-сах ыһыллара ханна барыай? Биһиэхэ чуолаан урбаанньыттар, маһы харыстаабакка кэрдэн, атыыга ыыталлар. Олохтоохтор ону кэннилэриттэн эрэ көрөн хаалабыт. Наһаа барыта көҥүл курдук. Кэнники сылларга тыа үчүгэй маһа биллэрдик бүттэ. Ол түмүгэр сир ирэн, ойуут-толоон уутуйар. Маны хонтуруолга ыларга уолдьаста дии саныыбыт. От-мас кэҕиннэҕинэ, Аммабыт киртийиэ диэн дьиксинэбит да, сокуон өттүттэн көмүскэлбит суох. Амма кытылынан олорор дьон айылҕабыт кэрэтин сыаналыыбыт, харыстыыбыт, көмүскүүбүт, үлэлиибит-хамсыыбыт. Бөх-сах элбээн, сыбаалка боппуруоһа кыайтарбат. Субуотунньук ыытан, ыраастыы сатыыбыт. Хас биирдии киһи дойдутун айылҕатын харыстыахтаах, кыаҕа баарынан көмүскүөхтээх дии саныыбын. Амма өрүспүтүн харыстыаҕыҥ, тулалыыр сирбитин-уоппутун көмүскэлгэ ылыаҕыҥ диэн ынырабын.
Степан Нестеров, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэ:
— Мин санаабар, хас биирдии киһи төрөөбүт сирин-уотун, айылҕатын төһө күүһэ, кыаҕа тиийэринэн харыстыахтаах. Итиэннэ бэйэтин тыыннаах холобурунан оҕолорун, сиэннэрин оннук иитиэхтээх. Киһи аймах тулалыыр эйгэҕэ содула аһаҕастык көстөр кэмигэр Ийэ айылҕабытын көмүскэһии өссө сытыырҕайыахтаах.
ЮНЕСКО көмүскэлигэр киллэрэр уолдьаста
Арассыыйа аатырбыт улахан өрүстэрдээх. Дон, Ангара, Волга, Енисей... Билигин уу экологиятын кыһалҕата бу өрүстэр сүнньүлэринэн олорооччуларга эрэ буолбакка, бүтүн судаарыстыба таһымыгар тахсан турар. Холобура, Дон Европаҕа биэс улахан өрүс ахсааныгар киирсэр. Кэлиҥҥи уон сылга уута уолар кутталы үөскэтэн, федеральнай таһымҥа чөлүгэр түһэрии үлэтэ былааннаммыта. Ыраастыыр тэриллэри туруоруу, кирдээх ууну ыытыыны хонтуруолга ылыы, о.д.а. дьаһаллар үлэҕэ киирэн эрэллэр. Бу өрүс сүнньүнэн араас бырамыысыланнай тэрилтэлэр, тепловой уонна атомнай электростанциялар (Ростовскай АЭС уонна Нововоронежскай АЭС) бааллар. Онон өрүс экосистиэмэтэ улахан алдьаныыны-кээһэниини көрсөрө саарбахтаммат. Билиҥҥи туругунан Дон өрүс 60%-на уолбут диэн Ростов уобалаһын Цимлянскай водохранилище дааннайдара туоһулууллар. Дон өрүһү сөргүтэргэ миллиардынан суумалаах үп көрүллэрэ ирдэнэр. Өрүһү бата олорооччу регионнар бэйэлэрин территорияларынан ыраастыыр үлэлэри ыытарга былааннаабыттар, сорохтор волонтердары көмөлөһүннэрэн, олохтоох бүддьүөттэриттэн үбү көрөн, үлэлэһэ сатыыллар. Сорохтор анал бырагыраамаҕа киирсээри, докумуон үлэтин ыыта сылдьаллар.
Манна даҕатан эттэххэ, буолар буолбутун кэннэ, куойаҕа-маҥкыга оҕустарбыт да диэн... Бука, өрүс уолан, суудуналар сырыылара аччаан, экэниэмиэкэҕэ ночоот, хоромньу тахсыбыта саарбахтаммат. Онон сиэттэрэн, Амма улууһуттан төрүттээх биир дойдулаахпыт, учуонай, уопсастыбаннай деятель, Саха АССР атомнай бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ Иоган Максимов этиитин өйүүбүн: «Мындаҕаайыга ыытыллыбыт экофорум түмүгүнэн Амманы ЮНЕСКО таһымыгар көмүскэлгэ ылар туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ. Амма Саха сирин айылҕатын ытык харысхала буоларын таһынан, аан дойду экологиятын баайа-дуола буолар. Кыыс Амма тыытыллыбатах айылҕатын чөл хаалларар туһугар баарбытын-суохпутун ууран туран туруулаһарбыт саамай сөптөөх. Кэлэр көлүөнэ туһугар охсустахпытына сатанар. Амма Айылҕа пааркатын аатын сүгэр кэмэ кэллэ. Арассыыйа заповеднигын таһынан, ЮНЕСКО көмүскэлигэр киллэрэр уолдьаста».
Аммаҕа дьэдьэннии, сөтүөлүү барааччылар ахсааннара сыллата элбии турар. Амма дьоно-сэргэтэ да дойдутугар олус кэрээнэ суох быһыыны-майгыны туората сатыыр. Өрүскэ массыына сууйбут киһи тутуллан, ыстыраапка ыйаммыт сураҕын истибиппит. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, итинтэн атын быһыыны-майгыны санаан ааһыым. Биир кэлии киһи Аммаҕа үлэлии кэлбит. Хара үлэҕэ үлэлээн, буһан-хатан, киртийэн, киэһэлик өрүскэ сөтүөлүү киирбиттэр. Ыалдьыппыт өрүскэ киирбэккэ, дугдуруҥнуу турар үһү. "Маннык ыраас ууга, ама, бу курдук кирдээх киириэм дуо?" — диир үһү. Хор, оннук. Барыта киһиттэн тутулуктаах.
Кэлии дьон айылҕабытыгар дураһыйара кэмнээх буолуо дуо?! Оттон бэйэбит төрөөбүт дойдубутугар кэрээнэ суох сыһыаммыт, ис култуурабыт мөлтөҕө туораттан харахха ордук быраҕыллар. Онон бэйэ бодотун тардына, сиэрдээх буоларбыт ирдэнэр. Бэйэбит кыһаллыбатахпытына, ким кыһаллыай?
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0