Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев уларыта тутуу иэрэҥ-саараҥ кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэ саҥа сайдыы суолугар үктэнэригэр тирэх буолбута. Кини норуот духуобунай сайдыытыгар, доруобуйа харыстабылыгар сүрүн болҕомтотун уурбута уонна онно тирэх буолар дьиэ кэргэни бөҕөргөтүүгэ, кэнчээри ыччаты сайыннарыыга бастакы дьаһаллары ылынан, күүстээх үлэни ыыппыта. 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо аймах сыла биллэриллибитэ, онуоха саха дьолугар кэлэн ааспыт улуу киһибит дьаһаллара -- биһиги бүгүҥҥүбүт уонна кэлэр кэскилбит бигэ акылаатынан буолаллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев уларыта тутуу иэрэҥ-саараҥ кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэ саҥа сайдыы суолугар үктэнэригэр тирэх буолбута. Кини норуот духуобунай сайдыытыгар, доруобуйа харыстабылыгар сүрүн болҕомтотун уурбута уонна онно тирэх буолар дьиэ кэргэни бөҕөргөтүүгэ, кэнчээри ыччаты сайыннарыыга бастакы дьаһаллары ылынан, күүстээх үлэни ыыппыта. 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр Оҕо аймах сыла биллэриллибитэ, онуоха саха дьолугар кэлэн ааспыт улуу киһибит дьаһаллара -- биһиги бүгүҥҥүбүт уонна кэлэр кэскилбит бигэ акылаатынан буолаллар.

Михаил Николаев сонун уонна хорсун быһаарыныылары ылынартан куттаммат, олох-дьаһах бары эйгэтигэр -- үөрэхтээһин, мэдиссиинэ, тыа хаһаайыстыбатын, бырамыысыланнас, социальнай эйгэ, о.д.а. тутаах хайысхаларга саҥа сүүрээннэри киллэрбит новатор. Кини норуот сайдыытын инники уопутугар тирэҕирэн, өбүгэлэртэн хаалбыт духуобунай култуураны, өйү-санааны, сатабылы харыстыырга эрэ буолбакка, салгыы сайыннарар хамсааһыннары олоххо киллэрэр ураты кыахтаах салайааччы этэ.

Михаил Николаев Бэрэсидьиэнинэн талыллан баран, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар доруобуйа харыстабыла сүҥкэн оруоллааҕын учуоттаан, 1992 с. тохсунньу 13 күнүгэр 1-кы №-дээх “Доруобуйа харыстабылын тупсарыыга бастакы учуораттаах дьаһаллар тустарынан” ыйааҕы таһаарбыта. Ыйаах доруобуйа харыстабылын матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй, каадыр өттүнэн хааччыллыыларын уонна үлэһиттэр социальнай көмүскэллэрин боппуруостарын быһаарарга туһаайыллыбыта.

Дьиэ кэргэн туруктаах буоларын туһугар

1993 сыллаахха Бастакы Бэрэсидьиэн Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн аан бастакынан, өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн сылын биллэрбитэ. “1990-с сыллардааҕы уларыйыы кэмигэр аҥаардас аармыйа эрэ буолбакка, бүддьүөттэн үбүлэнэр эйгэлэр (доруобуйа харыстабыла, култуура, үөрэх, билим, дьиэ кэргэн боппуруостара, о.д.а.) оҥойон хаалбыттара. Ырыынак сыһыаннаһыытыгар дойдубут ыарыылаахтык киирбитэ. Арассыыйа үрдүнэн үлэтэ суох буолуу элбээн, оҕо төрөөһүнэ 1992 сылтан эмискэ аллараа түспүтэ, уулуссаҕа көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар оҕолор элбээбиттэрэ”, – диэн бэлиэтээбитэ.

Михаил Ефимович салалтатынан ийэни уонна оҕо сааһы харыстааһын өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын биир тутаах хайысхатынан буолбута. 1992 с. тохсунньу 2 күнүнээҕи дьаһалынан, Дьокуускайга Ийэ уонна оҕо сааһы харыстааһын киинэ тутуллубута.

1992 с. кулун тутар 5 күнүгэр тахсыбыт 90 №-дээх “Дьиэ кэргэн социальнай көмүскэлигэр ийэ уонна оҕо харыстабылыгар дьаһаллар тустарынан” ыйааҕынан, дьиэ кэргэн социальнай көмүскэлин күүһүрдэргэ, оҕону иитиигэ төрөппүт оруолун уонна эппиэтинэһин үрдэтэр сыал-сорук туруоруллубута.

Саха Сиригэр биир кэлим дьиэ кэргэн уонна демография бэлиитикэтин сайыннарар, ийэ, аҕа уонна оҕо доруобуйатын харыстыыр, дьиэ кэргэн үгэстэрин чөлүгэр түһэрэр, оҕо быраабын уонна интэриэһин тупсарар, уопсастыбаҕа дьахталлар балаһыанньаларын тупсарар сыаллаах-соруктаах 1993 с. олунньу 6 күнүнээҕи 356 №-дээх уурааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин иһинэн Дьиэ кэргэн, дьахтар уонна демография бэлиитикэтин проблемаларыгар кэмитиэт төрүттэммитэ.

Норуот сиэригэр-туомугар, төрүт олоҕор тирэҕирэн, кэнчээри көлүөнэни иитиигэ үтүө үгэстэри тутуһар, дьиэ кэргэн араҥаччытыгар -- Ийэҕэ сүгүрүйүү бэлиэтинэн, 1993 с. балаҕан ыйын 2 к. уурааҕынан алтынньы үһүс өрөбүлэ Ийэ күнүнэн биллэриллибитэ. Бу күнү бэлиэтээһин чэрчитинэн, оҕо иитиитигэр көхтөөх гражданскай позициялаах, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан кылааты киллэрэр, бастыҥ уопсастыбынньык ийэлэргэ дириҥ махтал уонна ытыктабыл бэлиэтин (“Знак высшей благодарности матери”)  1993 с. алтынньы 14 к. 569 №-дээх уурааҕынан олохтоммута.

Өрөспүүбүлүкэ өр кэмнээх сайдыытын интэриэстэрин учуоттаан, демография бэлиитикэтигэр тустаах дьаһаллары ылар уонна экэниэмикэ ырыынак сыһыаннаһыытыгар киирэр кэмигэр элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өттүнэн өйөөһүнү хааччыйар инниттэн, 1993 с. алтынньы 14 к.  576 №-дээх  “Элбэх оҕолоох ыал ыстаатыһын туһунан” уураах таһаарыллыбыта.

Аҕа дьиэ кэргэнин уонна уопсастыба иннигэр эппиэтинэһин үрдэтэр сыалтан, ыал олоҕун-дьаһаҕын тупсарар туһугар уонна кэнчээри ыччат гражданскай өйө-санаата иитиллэригэр аҕа сүҥкэн оруолун билинэн, 1999 с. олунньу 15 к. 685 №-дээх уурааҕынан муус устар бастакы өрөбүлүн Аҕа күнүнэн биллэриллибитэ.

Михаил Николаев Саха Сирин ыалларын социальнай өйөбүлүн тупсарар уонна бу эйгэни нуормалыыр быраап аахталарын Арассыыйа Федерациятын нуормалыыр докумуоннарыгар сөп түбэһиннэрэр сыалтан, дьиэ кэргэҥҥэ көрүллэр социальнай төлөбүрдэри, дьиэ-уот туттарга субсидиялары бэрээдэктиир, ыал экэниэмикэтин өйүүр уураахтары таһааран, кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох уонна эдэр ыалларга  күүс-көмө буолбута.

Кини 2000 сс. “Арассыыйа дьиэ кэргэнэ” диэн уопсастыбаннай кэмитиэти тэрийэри көҕүлээбитэ уонна Федерация Сэбиэтин иһинэн норуоттар икки ардыларынааҕы улахан кэнгириэһи тэрийэн ыыппыта.

2_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Кэнчээри ыччат сайдыыта

“Саха дьоно аҥаардас бэйэбит төрүт култуурабытын эрэ буолбакка, аан дойду култууратыгар, онно бииргэ алтыһан олорорго бэлэм буолуохтаахпыт. Ол бэлэммит оҕолортон саҕаланыахтаах. Оҕону олох эрдэттэн – үс-түөрт сааһыттан такайыахха наада. Ити кини айылгытын быһыытынан, ыарырҕаппакка саахымакка да, муусукаҕа даҕаны оонньуур, уруһуйдуур, омук тылын үөрэтэр, ылынар кэмэ буолар. Ону туһаныахха наада. Бу оҕолор быыстапкаларыттан киһи дуоһуйар, киэн туттар. Ити, биллэн турар, элбэх түбүктэн ситиһиллэр,” – диэн уһулуччулаах оҕолору сайыынарар үлэ быыстапкатыгар сылдьан, суруналыыс Людмила Поповаҕа биэрбит интервьютугар эппитэ.

Оҕо сайдыытын түстүүр үөрэх, доруобуйа, успуорт, култуура эйгэтигэр бырагыраамалары олоххо киллэрэр сыалтан, 1992 с. алтынньы 29 к. 278 №-дээх уурааҕынан СӨ Кэлэр көлүөнэтин анал пуондатын төрүттээбитэ.

Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолор социальнай көмүскэлээх буолалларын ситиһэр дьаһаллары ылынарга, 1993 с. атырдьах ыйын 30 к. 382 №-дээх  уурааҕы таһаарбыта.

Оҕо төрөөһүнүн проблемаларын быһаарарга норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны кэҥэтэр уонна үбү-харчыны киллэрэр, ону тоҕоостоохтук туһанар сыаллаах 1993 с. сэтинньи 19 к. 624 №-дээх уурааҕынан “Саха-Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пуондатын тэрийбитэ.

1993 с. муус устар 8 к.  “Барҕарыы” национальнай пуондата тэриллэн, “Инникигэ хардыы”, “Саҥа ааттар”, “Спортивнай Саха Сирэ”, “Гражданскай уопсастыба сайдыыта” диэн хайысхаларынан үлэтин саҕалаабыта, бэрэссэдээтэлинэн Михаил Ефимович биир санаанан талыллыбыта.

Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга, үөрэнэр уонна сайдар эйгэтин сөптөөхтүк  тэрийэр усулуобуйаны олохтуурга 1994 с. алтынньы 15 к. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕолоро” Бэрэсидьиэн бырагыраамата “Инбэлиит оҕолор”, “Тулаайах оҕолор”, “Аартыка оҕолоро”, “Оҕо аһылыгын сайдыыта”, “Уһулуччулаах оҕолор” диэн хос бырагыраамаларынан үлэлээбитэ.

1997 с. кулун тутар 3 к. Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимэ тэриллибитэ.

Маны таһынан, оҕо иллэҥ кэмин тэрийиигэ, кини дьарыктаах уонна чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, чөл олохтоох буолуутугар оҕо успуордун сайыннарыыга туһаайыллыбыт Михаил Николаев дьаһалларынан оҕо сайдыытыгар сүҥкэн үлэ ыытыллыбыта.

***

Бастакы Бэрэсидьиэн көҕүлээһининэн дьиэ кэргэн бөҕө туруктаах буолуутугар уонна оҕо аймах сайдыытыгар туһуламмыт, инники ылыллыбыт ыйаахтар уонна дьаһаллар билигин даҕаны суолталарын сүтэрбэттэр. Онон кини ыйбыт хайысхалара, үлэлээбит уопута билиҥҥи салалтабыт ыллыктаах быһаарыныылары ылынарыгар күүс-көмө буолуохтун!

Антонина НЕУСТРОЕВА

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34