Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыттара – Жатайга олорор аҕыс оҕолоох Голиковтар дьиэ кэргэттэрэ. Ыал аҕа баһылыга Сергей Валерьевич Жатайдааҕы түмэл дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна. Далбар Хотун Алеся Федоровна үһүс истиэпэннээх “Ийэ албан аата” бэлиэ туһааннааҕа, куукула оҥорор маастар.

Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыттара – Жатайга олорор аҕыс оҕолоох Голиковтар дьиэ кэргэттэрэ. Ыал аҕа баһылыга Сергей Валерьевич Жатайдааҕы түмэл дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна. Далбар Хотун Алеся Федоровна үһүс истиэпэннээх “Ийэ албан аата” бэлиэ туһааннааҕа, куукула оҥорор маастар.

Голиковтар аҕыйах сыллааҕыта Абый улууһуттан Жатай бөһүөлэгэр көһөн кэлбиттэр. Мин кинилэри кытары дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ кистэлэҥнэрин, өрө тутар сыаннастарын, ситиһиилэрин туһунан сэһэргэстим.

Кэрэ Абый алыбынан холбоһон

2

Сергейдаах Алеся 2005 сыллаахха харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн Абый улууһун киинигэр, Белай Гора бөһүөлэгэр ыал буолбуттар.

-- Төрөөбүт улууспут Аптаах Ый диэн олус кэрэ тыллартан дьүөрэлэһэн тахсыбыт Абый буолар. Кэрэ айылҕалаах, талааннаах дьонноох, түҥ былыргыттан интэриэһинэй историялаах улуус. Алесяны кытары Белай Гора култуурунай киинигэр билсибиппит. Ол күн улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ аатырар “Нонгдан” норуот үҥкүүтүн ансаамбылын кэнсиэрэ ыытыллыбыта. Алеся ансаамбыл кыттыылааҕа этэ. Мин “Саха” НКИХ Абыйдааҕы филиалын салайааччыта буолан, тэрээһини уста кэлбиппит.

Кэнсиэр кэнниттэн, үгэс быһыытынан, ансаамбыл кыттыылаахтарыттан интервью ылбыппыт. Ол кэпсэтии саҕана билсибиппит.

Алеся Белай Гораттан ыраах сытар Кэбэргэнэҕэ олороро, оттон мин -- улуус киинигэр. Инньэ гынан, көрсөрбүт ахсааннааҕа. Арай, тэрээһиннэргэ көрүстэхпитинэ, биһигиттэн ордук дьоллоох дьон суоҕун кэриэтэ этэ. Эһиилигэр Алесяҕа холбоһуох, бииргэ олоруох диэн этии киллэрбитим. Чугас дьоммутун ыҥыран, уруу киэһэтин тэрийбиппит, онтон ыла дьиэ кэргэммит дьоллоох кэмэ саҕаламмыта.

3

2006 сыллаахха күүтүүлээх мааны уолбут Филарет күн сирин көрбүтэ. Билигин дьиэ кэргэммит хаҥаан, аҕыс оҕо төрөппүттэрэ буолабыт. Оҕолорбут Филарет, Зарина, Денис, Саша, Сережа, Елисей, Агата уонна Матвей ситиһиилэринэн үөрдэллэр.

Жатайга олохтоох түмэлгэ дириэктэринэн үлэлиибин. Алеся кыра оҕобутун көрөн олорор, иистэнэр, куукулалары оҥорор. Араас норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, эрэгийиэн иһинээҕи куонкурустарга кыттан, кыайыылаах аатын сүгэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи эбээннэр уопсастыбаннай сойуустарын чилиэннэрэбит, норуоппут үгэһин, култууратын оҕолорбутугар иҥэрэбит. Бу билигин VIII норуоттар икки ардыларынааҕы “Русская цивилизация” диэн хаартыска куонкуруһугар кыттабыт. Күрэҕи Норуоттар дьыалаларыгар федеральнай ааҕыныстыба тэрийэр.

Төрдүбүтүнэн-ууспутунан киэн туттабыт

5

Биһиги төрүттэрбит Индигиир уонна Дьааҥы өрүстэр сүнньүлэринэн олорбуттар. Абый уонна Муома икки ардыгар 1636 сыллаахха нуучча хаһаахтара Зашиверскай куораты төрүттээбиттэрэ. Билигин бу куорат суох эрээри, онно олорбут дьон олоҕун-дьаһаҕын, куорат туохтан төрүөттэнэн эстибитин туһунан номохтор хаалбыттар. Биһиги бу сиртэн тартарыылаах эбиппит. Аҕам Мемельскайдар уустарыттан төрүттээҕэ үһү. “Мемель” диэн эбээн тыла, сахалыы “эһэ” диэн тылбаастанар. Голиковтар диэн араспаанньаны христианскай итэҕэл киирбитигэр биэрбиттэр.

Ааттан саҕалаан, устуоруйаны бигэргэтэр малларбытын харайабыт. Биир улахан уонна киэн туттар реликвиябыт 120 сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут оҕо биһигэ буолар. Эбээннии “бэбэ” дэнэр. Маннык биһиги оҕо аҕата, эһэтэ харыйаттан биитэр тэтиҥ мастан, биир даҕаны тоһоҕото суох, иҥиир быанан тартаран оҥороллоро. Уол оҕо биһигэ буоллаҕына ботуруон гильзатынан, адьырҕа кыыл тиистэринэн, оноҕосторунан киэргэтэллэрэ, харысхаллыыллара. Бу кырачаан инникитин булчут буоллун диэн ис хоһооннооҕо. Оттон кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ, ону барытын устан баран, оҕуруонан симииллэрэ. 

18

Биһиги дьиэ кэргэммитигэр харайыллар биһик Алеся хос эһэтэ төрөөбүтүгэр оҥоһуллубут. Кэлин эбэтэ, ийэтэ, Алеся бэйэтэ уонна бырааттара биһиктэммиттэр. Биһиги эмиэ бастаан утаа улахан оҕолорбутун сытыарбыппыт. Олус сөбүлээн утуйаллара. Ол эрээри, кэлин, дьиэ кэргэммит ытык мала диэн харыстаан туттубаппыт, быыстапкаларга көрдөрүүгэ эрэ илдьэ сылдьабыт.

 Иллэҥ кэми туһалаахтык

6

Иллэҥ кэммитигэр дьиэ кэргэн бырааһынньыктарын тэрийэбит, айылҕаҕа сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Күһүн ахсын муус аннынан балыктааһын сезонун арыйабыт. Саҥа дьылга дьиэ кэргэнинэн Тымныы оҕонньор, Хаарчаана уонна үүммүт сыл бэлиэтэ буолабыт.

Үгэс быһыытынан сир астыыбыт, тэллэйдиибит, отоннуубут. Бастакы хаар түһүүтэ тиэргэммитигэр сыыр оҥорон сырылыыбыт, айылҕаҕа тахсан хайыһардыыбыт, хаҥкылыыбыт.

Саҥа дьарыкпыт -- дьиэ кэргэн хаартыска альбомнарын оҥоруу буолар. Манна төрүттэрбитин барытын хабабыт. Оҕолор төрөөбүт-үөскээбит сирдэриттэн төһө да ыраах сырытталлар, удьуор ситимнэрин умнубаттарыгар көмө буолуо диэн эрэнэбин.

7

Маны тэҥэ, оҕолор ийэлэрин кытары иистэнэллэр. Кыралар оҕуруо тиһэллэр, папье-маше тиэхиньикэтинэн ону-маны оҥороллор. Улахаттар туойунан куукула оҥороллор. Бу олус уустук дьарык. Куукуланы туойунан сыбаан оҥоруу төбөтүттэн саҕаланар, каркааһа фольганан таҥыллар, боробулуоханан күүһүрдүллэр. Барыта оҥоһуллубутун кэнниттэн, чымпыктаах үлэ саҕаланар: харахтара, мунна, уоһа о.д.а. чочуйуллар. Баттаҕа биирдии утаҕынан олордуллар. Түмүгэр куурдуллар, дьэ, ол кэнниттэн кырааскаланар, таҥаһа тигиллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Алеся кыра эрдэҕиттэн иистэнэргэ уһуйуллубут. Ийэлээх эбэтэ үчүгэй иистэнньэҥнэр, маастардар этилэр. Эбээн национальнай таҥаһын-сабын тигэллэринэн улууска биллэллэрэ.

Оҕолорбут ситиһиилэрэ кынаттыыр

16

Улахан уолбут Филарет 17 саастаах. Математикаҕа, эбээн литературатыгар, муусукаҕа, физкултуураҕа уонна технологияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар призердара, “Көмүс ыллык” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһун кыттыылааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи уруһуй куонкуруһун, “Олоҥхо дойдутун дьоруойдара” диэн куукуланы оҥоруу куонкуруһун кыайыылааҕа. “Нече” оҕо фольклорнай ансаамбылыгар дьарыктанар. Араас куонкурустарга уонна бэстибээллэргэ гран-при хаһаайына буолан үөрдэр. Майыар орто оскуолатын волейболга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ.

Улахан кыыспыт Зарина 14 саастаах. Үөрэҕэр туйгун, математика, биология, химия, физика олимпиадаларыгар ситиһиилээхтик кыттар. Норуоттар икки ардыларынааҕы “Муус устар” ыччат бэстибээлигэр ыҥырыллан кыттыбыта. “Бастыҥнар хамсааһыннарыгар” сылдьар. Фортепианоҕа дьарыктанар. “Эдэр пианист” өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күрэхтэһиигэ кыттыбыта, Санкт Петербург консерваториятыгар Сусов бэрэпиэссэр маастар-кылааһыгар үөрэммитэ. «Якутские напевы», «Волшебный ритм», «Семь нот» куонкурустарга кыайбыта. Маны тэҥэ араас элбэх күрэхтэһиилэргэ кыттан грамоталарынан, сэртипикээттэринэн наҕараадаламмыта.

Денис 13 саастаах, үөрэҕэр туйгун. Билим алын академиятын салаатынан Чапаево бөһүөлэккэ талааннаах оҕолорго анаан арыллыбыт симиэнэҕэ успуорт хайысхатынан ыҥырыллан дьарыктаммыта. “Бастыҥнар хамсааһыннарын” кыттыылааҕа. Оскуола, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах олимпиадалар кыайыылаахтара. «Скрябинские чтения», «Лютовские чтения», «Инникигэ хардыы» билим чинчийэр кэмпэриэнсийэлэргэ кыайыылаах аатын сүкпүтэ. Ил Дархан харыйатын ыалдьыта. Дзюдоҕа уонна самбоҕа Покровскайга, Чапаевоҕа, Дьокуускайга, Алдаҥҥа ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдарга чөмпүйүөннээн турар. ГТО нормативтарын туттарыыга үчүгэй көрдөрүүлээх.

Саша 10 саастаах, эмиэ туйгун үөрэнээччи. “Арассыыйа хотойдоро” (“Орлята России”) хамсааһын кыттыылааҕа, оскуолатааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадалар кыайыылаахтара. Ускуустубаҕа уһуйар оҕо оскуолатыгар байаан салаатыгар дьарыктанар. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох суолталаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ, ол иһигэр, «Весну встречает Маслена-красавица!», «Самоделкин», «Неопалимая купина», «Веселые старты», «ГТО» о.д.а. көхтөөхтүк кыттар.

Сэттэ саастаах Сергей «Касьяновские чтения», «Лютовские чтения» билим чинчийэр кэмпэриэнсийэлэрин кыттыылааҕа, “Мас оонньуу” норуот оонньууларын, дуобакка күрэхтэр кыайыылаахтара, ГТО нуормаларын  туттарыы кыттыылаҕа. Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох суолталаах куонкурустарга, ол иһигэр, «Свобода творчества», «Лето – это маленькая жизнь», «Мой край родной», «Рождественская сказка» о.д.а. ситиһиилээхтик кыттар.

Биэс саастаах Елисей бэлиэр уруһуй куонкурустарыгар кыттар. Саамай кырачааннарбыт, Агата үс саастаах, Матвей балтараалаах.

Дьиэ кэргэн аатын үрдэтиэххэ

17

Элбэх оҕолооох ыал буоларбыт быһыытынан, судаарыстыбаннай өйөбүл баарын, кэнники сылларга кэҥээн иһэрин бэлиэтиибин. Саҥардыллыбыт Конституцияҕа уонна бэйэбит Төрүт сокуоммутугар оҕо судаарыстыба бэлиитикэтин сүрүн хайысхата буоларын 2022 сыллаахха бигэргэппиттэрэ онуоха өссө улахан кыаҕы биэрдэ дии саныыбын. Ил Дархан Айсен Николаев, Бырабыыталыстыба уонна Ил Түмэн дьиэ кэргэни, оҕо аймаҕы өйүүргэ туһуланар үлэни далааһыннаахтык, тэтимнээхтик ыыталлар.

Оҕо дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээх, толору дьиэ кэргэҥҥэ улаатыахтаах, киһи быһыытынан сайдарыгар бары усулуобуйа тэриллиэхтээх. Судаарыстыба ону хааччыйар бэлиитикэни, сокуоннары, үлэни-хамнаһы, тэрээһиннэри сүрүннүүр.

Холобурдаан эттэххэ, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала, оҕо төрөөтөҕүнэ, иитэ ыллахтарына бэриллэр биир кэмнээх көмө, бастакы оҕоҕо бэриллэр биир кэмнээх көмө, элбэх оҕолоохторго оскуола таҥаһыгар (пуормаҕа) сылга биирдэ бэриллэр харчы, эрэгийиэннээҕи ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала, биир кэлим босуобуйа о.д.а.

Ол эрээри, күннээҕи түбүктэри быһаарсарга кыһалҕа син-биир тахса, үөскүү турар буоллаҕа. Холобур, биһиги дьиэ кэргэн массыына атыылаһар баҕа санаалаахпыт да, атыылаһарга үппүт тиийбэт. Улахан дьиэ кэргэн  буоламмыт, микрооптуобус наада курдук. Маныаха тустаах бырагыраама баар диэни истэбит эрэ.

8

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ дьиэ-уот боппуруоһа өрүү сытыытык турар. Биһиги олорор дьиэбит икки этээстээх. Оҕолорбут улааталларыгар, сайдалларыгар, дьарыктаналларыгар табыгастаах буоллун диэн маннык дьиэни атыыласпыппыт. Кэтэх дьиэ буолан элбэх көрүүнү-истиини, үлэни, үбү-харчыны ирдиир. Иккис этээһин, хоруобуйа иһин ситэ оҥоро иликпит. Онтон да сылтаан ини, кыһынын сөрүүн. Оҕолорбутун кытары кыралаан сылаас кэми баттаһа өрөмүөннүүбүт эрээри, үлэтэ өссө да элбэх.

Төрөппүт оруолун өссө күүһүрдүөххэ, нууччалыы тартаран эттэххэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын (престиһин) үрдэтиэххэ наада дии саныыбын. Холобур, эбии чэпчэтиилэри олохтуохха, ол иһигэр, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр босхо көрдөрүнүү, эмтэнии, тиис оҥорторуута, сонотуоруйдарга сынньаныы баар буоларын хааччыйыахха. Оттон 10-тан тахса оҕолоох төрөппүттэргэ хамнас кэриэтэ ый ахсын төлөнөр көмө көрүллэрэ буоллар, маннык дьиэ кэргэн өссө элбиэ этэ.

9

Элбэх оҕолоох ыаллар аҕалара биэнсийэҕэ эрдэ тахсыыларын киллэриэххэ баара. Билигин маннык чэпчэтиинэн ийэлэр туһаналлар. Оттон дьиэ кэргэн ийэттэн уонна аҕаттан турар. Эрэгийиэн иһигэр “Бочуоттаах аҕа” диэн бэлиэни олохтоон, аҕа оруолун үрдэтиэххэ, чэпчэтиилэри олохтуохха сөп.

Дьиэҕэ олорор төрөппүттэр үөрэнэллэригэр усулуобуйа баара эбитэ буоллар. Дистанционнай, онлайн ньымаларынан үөрэннэхтэринэ, билиилэрэ да хаҥыыр, ыраахтан олорон идэлэнэн, эбии дохуот да киллэринэр кыахтаныа  этилэр. Маныаха тустаах бырагыраамма, бүддьүөттэн үп көрүллэрэ буоллар, эмиэ туһалаах буолуо этэ.

11

Биир кэлим босуобуйа дьиэ кэргэҥҥэ улахан төһүү күүс буолар. Ол эрээри, бу чэпчэтиинэн туһанарга дьиэ кэргэн дохуотун көрөллөр. Мин саныахпар, биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ маннык ирдэбили туруорумуохха сөп. Элбэх оҕолоох төрөппүт быыс-арыт булан хас да үлэҕэ үлэлиир, бэйэтэ дьарыктаах урбаанньыт буолан дохуот оҥосто сатыыр. Маннык мэһэйдиир ирдэбили ылан кэбистэххэ, элбэх оҕолоохтор  дохуоттаналларыгар, эбии үлэлииллэригэр көҥүл кэҥиэҕэ.

Дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа буолуу – бу улахан сыаннас буоларын оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн өйдөтүөххэ наада. Оччотугар кини улаатан баран эмиэ үлэни өрө тутар, уопсастыба тирэҕэ буолар дьиэ кэргэни тэриниэ турдаҕа.

Түмүк оннугар

Кэпсэтиибит түмүгэр Сергей Валерьевич: “Сүрүн баайбыт -- дьиэ кэргэммит”, -- диир. Дьиэ кэргэн таптал, ытыктабыл, харыстабыллаах сыһыан, өйдөһүү уонна өйөһүү уйата буоларын этэр.

Кырдьыга даҕаны оннук. Оҕону тапталынан угуттаан, туһалаах дьарыкка сыһыаран улаатыннардахха, кинилэр кыайыыларынан кынаттана сырыттахха, олох тупсар, киэркэйэр. Түгэнинэн туһанан, Голиковтар иллээх-эйэлээх, улахан дьиэ кэргэттэригэр өссө улахан дабайыылары, ситиһиилэри баҕарабын.

 12131415

Галина МАТВЕЕВА

Хаартыскалар Голиковтар архыыптарыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением