Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүттэн ылыллар бородууксуйаны элбэтэргэ силиэксийэлиир-племенной үлэ улахан оруоллаах. Ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтигэр 2023 сыл устатыгар ыытыллыбыт племенной-силиэксийэлиир үлэ туругун туһунан киэҥ ыҥырыылаах мунньах буолла.

Тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүттэн ылыллар бородууксуйаны элбэтэргэ силиэксийэлиир-племенной үлэ улахан оруоллаах. Ааспыт нэдиэлэҕэ «Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтигэр 2023 сыл устатыгар ыытыллыбыт племенной-силиэксийэлиир үлэ туругун туһунан киэҥ ыҥырыылаах мунньах буолла.

Көрдөрүү тупсарыллар

Сүрүн иһитиннэриини Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин сүөһүнү иитиигэ, племенной дьыалаҕа, кэпэрээссийэҕэ итиэннэ бааһынай хаһаайыстыбалары кытары үлэҕэ департаменын салайааччы Николай Питимко оҥордо.

птимко.jpeg

Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 70 хаһаайыстыба племенной үлэнэн дьарыктанарыттан, 41 хаһаайыстыба Арассыыйа таһымнаах сибидиэтэлистибэлээхтэр. Силиэксийэлиир-племенной үлэҕэ 340 мөл. (федеральнай бүддьүөттэн 165 мөл., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 175 мөл. солк.) көрүллэн, толору туһаныллыбыт.

Ынах сүөһүнү иитиигэ федеральнай племенной сибидиэтэлистибэлээх 8 хаһаайыстыба холбоон 2 024 ынахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир ынахтан сыл устатыгар ортотунан 2563 кг үүт ыаммыт буоллаҕына, племеннойдар 3 239 кг үүтү ыабыттар, 2018 с. тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 241 киилэнэн тупсарыллыбыт. Ордук үчүгэй көрдөрүүнү «Бөртө сылгы собуота» ХЭТ (3 858), «Туймаада экэпиэрмэ» ХЭТ (3430) ситиспиттэр, намыһах көрдөрүүлээҕинэн «Күндээдэ» ХЭТ (2 810) буолбут. Төрүөҕү ылыы 84 %-ҥа тэҥнэспит.

Сылгыны үөрдээн иитиигэ 27 хаһаайыстыба федеральнай племенной сибидиэтэлистибэлээх. Кэлиҥҥи икки сылга ыытыллыбыт күүстээх үлэ түмүгэр, үс хаһаайыстыба: Строд аатынан сылгы собуота (Амма), «Хорообут» (Мэҥэ Хаҥалас), «Победа» (Таатта) ХЭТ-тэр федеральнай таһымнаах сылгы собуота буолары ситиспиттэр. Кинилэри таһынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үс сылгы собуота баар.

Табаны итиигэ 5 хаһаайыстыба федеральнай племенной сибидиэтэлистибэлээх. Кинилэр табаларын ахсаанын сыллата бытааннык эрээри, эрэллээхтик элбэтэн иһэллэр. Сибиинньэни иитиигэ биир хаһаайыстыб федеральнай племенной сибидиэтэлистибэлээх.

Ааспыт сылга бу хаһаайыстыбалар 176 тыһаҕаһы, 959 убаһаны, 1606 табаны, 97 сибиинньэни атыылаабыттар. Холобур, «Омолой» община (Усуйаана) 634, «Өлөөн» МУТ 331, «Приморскай» МУТ (Булуҥ) 241 табаны табаларын ахсаанын элбэтэргэ, боруодатын тупсарарга үлэлиир хаһаайыстыбаларга биэрбиттэр.

«Сахаагроплем» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин салайааччы Алексей Жирков племхаһаайыстыбаларга ыытыллыбыт кэлим сыанабылга 493 ынах сүөһү, 1 587 сылгы, 600 таба, 320 сибиинньэ хабыллыбытын, сэттэ племхаһаайыстыбаҕа 4 500 үүт боруобата ылыллан чинчийиллибитин туһунан иһитиннэрдэ. Быйыл ыытыллар үлэ былаанын билиһиннэрдэ.

осипова.jpeg

Кэлиинэн үлүһүйүмүөххэ

Министиэристибэ сүөһүнү иитиигэ, племенной дьыалаҕа, кэпэрээссийэҕэ итиэннэ бааһынай хаһаайыстыбалары кытары үлэҕэ департаменын салайааччыны солбуйааччы Галина Осипова өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалыллыбыт боруода сүөһү туругун чинчийии түмүктэрин туһунан кэпсээтэ.

2011-2023 сс. 37 хаһаайыстыба атын уобаластартан 5 162 (3 856 үүт хайысхалаах, 1 306 эт хайысхалаах) сүөһүнү атыылаһан аҕалбыт. Онуоха ороскуоту толуйуу быһыытынан, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бүддьүөттэн 582 мөл. солк көрүллүбүт. Чинчийии көрдөрөрүнэн, кэлии (истиэп кыһыл боруодата, кыһыл эриэн, сычевскай уонна гольштин хааннаах симменталь) ынахтар үүтү биэриилэрэ бастакы сылларга арыый үрдүк буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга намтыыр итиэннэ төрөөн баран, чөллөрүгэр түһэн, эһиилги төрүөххэ анаан көҕүйэр кэмнэрэ бытаарар эбит. Холобур, биһиги олохтоох симменталь уонна холмогор боруода ынахтарбыт төрөөн баран, 45-60 хонугунан чөллөрүгэр түһэр буоллахтарына, кинилэргэ 180 хонук наада. Ол түмүгэр, төрүүр кэмнэрэ хойутаан испит, кытарыыр буолбуттар, түмүгэр ыанар кэмнэрэ быдан кылгаан биэрбит. Килиимэти, усулуобуйаны, кэмчи аһылыгы атыҥыраан, кэлиэхтэриттэн элбэх ынах ыалдьыбыт, уҥуоҕа кэбирээн эчэйбит. Селекционердар хас да боруоданы холбоон үөскэппит боруода сүөһүлэрэ аһа-үөлэ, турар усулуобуйата уларыйда, мөлтөөтө да, битэмиинэ тиийбэт буолан аһааҕыран, саһа сыппыт ыарыыта көбөр. Ол курдук, лейкоз көстөн биир хаһаайыстыба сүөһүтэ сүүскэ бэриллибит, атын хаһаайыстыбаҕа бруцеллез булуллан харантыын оҥоһуллубут.

2011-2014 сс. Новосибирскай уобаластан, Калмыкияттан уонна Бурятияттан 1 306 эт боруода сүөһү аҕалыллыбыта. Кинилэртэн билигин Сунтаарга, Мэҥэ Хаҥаласка уонна Хаҥаласка 374 (154 герефорд, 220 калмык боруода) сүөһүтэ баар. Технологиятын быһыытынан калмык сүөһүтэ көҥүл-босхо аһыы-сии, хотоҥҥо киирэ-тахса сылдьыахтаах, ону сорох хаһаайыстыбалар хотоҥҥо баайан кэбиһэллэрин түмүгэр, майгыта уларыйан кырыктаах буолар, дэлби мөхсөн эчэйэр уонна төрөөтөҕүнэ, ньирэйин тэпсэн кэбиһэр эбит.

Онон сөптөөх усулуобуйаны уонна аһылык базатын тэрийбэккэ сылдьан, тастан боруода сүөһүнү аҕалар көдьүүһэ суоҕа көстүбүт.

В.jpeg

Аһылыгы хааччыйыахха

Бу этиини «Кириэстээх» кэпэрэтиип салайааччыта Владимир Егоров чиҥэтэн биэрдэ. Бары көрдөрүүлэринэн инники күөҥҥэ сылдьар хаһаайыстыба 2014 с. Алтайтан 200 истиэп кыһыл боруода ынахтарын аҕалбыта, ону таһынан бэйэтин симменталларыттан бастыҥнарын талан, сүөһүлэрин тупсаран, үрдүк бордууксуйаны биэрэр ынахтары үөскэппит. Истиэп кыһыл боруода ынахтара бор-тар, сыл устатыгар ортотунан 4 тыһ. киилэ үүтү, бастыҥнара 5 тыһ. киилэни ыатар, аны ыамматаҕына, түргэнник уойар уратылааҕынан биһирэппит.

Кэпэрэтиип толору мэхэнисээссийэлээх звенолары тэрийэн, сүөһү аһылыгын бигэ базатын хааччыйар, ходуһа отун таһынан, учуонайдар сүбэлэринэн 1000-тан тахса гектардаах бааһынаҕа үүтү ордук биэрэр култууралары ыһан, сиилэс уонна сенаж оҥорор. Инньэ гынан, аһылык рациона зоотехническай ирдэбилинэн хааччыллар, Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов курдук чулуу ыанньыксыттарга тирэҕирэн, үлэ эрэсиимэ тутуһуллар, ынах синньин сайыннарыы, үүттүтүү үлэтэ утумнаахтык ыытыллар.

Урукку үгэһи сөргүтэн, сүөһү иитэр комплекстарга типовой кормокухня, төрүүрэ чугаһаабыт уонна саҥа төрөөбүт ынахтары туспа тутар сир баар буоларын хааччыйыахха наада, дьэ оннук усулуобуйаҕа боруода сүөһүлэри аҕалан көдьүүстээхтик туһаныахха сөп, – диэтэ Владимир Егоров.

Төбөттөн – үүккэ

Племхаһаайыстыбалар ынахтарыгар сылга 7,5 тыһ. солк. субсидия көрүллэр. Бу харчы племенной үлэни тэрийэргэ, селекционер-зоотехнигы уонна учуотчугу хамнастыырга олус кыратын «Тумул» кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткина бэлиэтээтэ. Иккиһинэн, үүт харчытыгар тохтоото.

Үүт харчыта төһө да үрдэтилиннэр, син биир намыһах, «төбө харчытын» ылар буоланнар, кэтэхтэр үүт туттарбаттар. Инньэ гынан, соҕотуопка таһыма түспүтүн учуоттаан, харчыны улуус дьаһалыгар биэрэргэ этэбин, оччотугар «төбө харчытын» суола-ииһэ суох, кытыы нэһилиэктэргэ эрэ биэрэн баран, үүт харчытын үрдэтиэххэ сөп, оннук эрэ гыннахха, тэрээһиннээхтэр тулуктаһар кыахтаахпыт, – диэтэ уопуттаах салайааччы.

Бастыҥнар бэлиэтэннилэр

Берте.jpeg

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Николай Степанов үөрүүлээх быһыыга-майгыга алта хаһаайыстыба салайааччыларыгар Арассыыйа Федерациятын сибидиэтэлистибэлэрин, «Бөртө сылгы собуота» ХЭТ салайааччыта Александр Павловка «Көмүс күһүн-2023» быыстапка түмүгүнэн анаммыт «Племенной уонна табаарынай сүөһүнү иитиини сайынарыыга үрдүк көрдөрүүлэрин иһин» көмүс мэтээли туттарда.

нагр.jpeg

«Сахаагроплем» СБТ салайааччы Алексей Жирков искусственнай сиэмэлээһин ыстаансыйатыгар анаан оҕус ньирэйдэри иитиигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүгүн иһитиннэрдэ, кыайыылаахтарга наҕараадалары туттарда. Ол курдук, III истиэпэннээх диплому Варвара Романова («Тумул» кэпэрэтиип, Мэҥэ Хаҥалас), II истиэпэннээх диплому Мария Романова («Туймаада экопиэрмэ», Хаҥалас), I истиэпэннээх диплому Михаил Егоров («Хорообут» ХЭТ, Мэҥэ Хаҥалас) туттулар. Үрдүк көрдөрүүлэрин иһин, зоотехник Лилия Пономарева «Сахаагроплем» СБТ Махтал суругунан бэлиэтэннэ.

общ.jpeg

Хаартыскаҕа Анна Сергучева түһэриилэрэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением