Быйылгы “Библионочь” Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананна. Бү күн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр күнүскүттэн киэһэ хойукка диэри кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр, өйү сайыннарар араас оонньуулар, билиини тургутар күрэхтэһиилэр, сатабылга уһуйар маастар-кылаастар ыытылыннылар.
Оруобуна “Тотальный диктант” күнэ түбэһэн, бастаан бэйэни бэрэбиэркэлэнэ таарыйа, нууччалыы таба суруйуу аахсыйатыгар кыттыстылар. Икки былаһаакканан барыта 60-тан тахса киһи наһаа ыарахана суох “Мой дневник” диэн тиэкиһи суруйдулар. Түмүгүн муус устар 25 күнүгэр totaldict.ru. сигэнэн киирэн көрүөхтэрин сөп.
Дьэ, онтон үөрүүлээх быһыыга-майгыга 2023 сыл түмүгүнэн Национальнай бибилэтиэкэ бастыҥ ааҕааччыларын наҕараадалаатылар: 35-тэригэр диэри саастаах ыччакка Айыына Афанасьева, улахан дьоҥҥо Юрий Васильев, дьиэ кэргэҥҥэ Ирина Николаевна уонна Иван Иванович Каженкиннар. Электроннай бибилэтиэкэбит пуондатыттан СӨ наукаларын академиятын үлэһитэ Варвара Филиппова 2179, оттон «Литрес»-тэн Галина Адамова 256 кинигэни онлайн аахпыттара бигэргэннэ. Саайпыт өҥөтүнэн барылардааҕар үгүстүк Үөһээ Бүлүүттэн Мария Егорова туһанарын тус кэбиниэтин көҕүнэн быһаардылар.
Бу күн «Семейная книжная реликвия» куонкурус түмүгүн таһаардылар. Сэттэ улуустан уонна Дьокуускайтан барыта 18 кыттааччы күндүтүк саныыр уонна сыаналыыр кинигэлэрин билиһиннэрдилэр.
-- Мин бэйэм төрдүм Орто Халыма. Былыр онно сахалар хантан кэлиэхтэрэй? Мантан үтүрүллэн бардахтара дии. Хаҥаластар тиийэн, билигин I уонна II Хаҥалас нэһилиэктэрэ баар. Ол сахалара биһиги, Варлаам ыччаттара, буолабыт. Төрдүбүтүн, төрүччүбүтүн билээри, архыыбы хасыһан, син элбэх матырыйаалы булбуппут. Онтукабытынан 2019 сыллаахха архыыптар ыыппыт күрэхтэһиилэригэр иккистээн турабыт. Онтон кынаттанан, кыыспын кытта бэлэмнээн, 2022 сыллаахха “Варлаам ыччаттара” диэн кинигэни бэчээттэппиппит. Онтукабыт биһиги аймахха көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр кэриэс малбыт буолуоҕа, - диэн санаатын үллэһиннэ Татьяна Гуляева.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, ыччакка Оҕотоойоп олоҥхотуттан быһа тардан толорбут, “Элэс Боотур” кинигэ кинилэр дьиэ кэргэҥҥэ ураты суолтатын сырдаппыт Айтал Необутов (Дьокуускай) бастаата, II миэстэ – Ирена Кардашевская (Ороһу, Үөһээ Бүлүү) , III м – Аня Яковлева (Элгээйи, Сунтаар).
Улахан дьоҥҥо куорат олохтоохторо: I степеннээх диплому СӨ үтүөлээх учуутала Розалия Попова тутта. Кини ытыс саҕа миниатюрнай кинигэлэри мунньар эбит. Дьонуттан тиксибит патефонун илдьэ кэлэн тыаһаппыта, иһирэх түгэни ураты истиҥ эйгэлээн биэрдэ. Любовь Петросян иккистээтэ, Евдокия Бочкарева үһүстээтэ. Кыттыбыттар бары Туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.
“Саамай, саамай...” диэн быыстапка дьон болҕомтотун тарта. Холобура, Национальнай бибилэтиэкэ “саамай ыарахан” кинигэтэ 6.5 кг ыйааһыннаах эбит. “Саамай төкүнүк” быһыылаах – Эдьиий Дора туһунан Огдо суруйбут кинигэтэ. “Саамай мааны” – Августина Филиппова күлүмүрдүүр таастаах, атлас таҥас хахтаах фотоальбома.
Суруйааччылар сөбүлүүр аһылыктарынан менюлаах литературнай кафены ким да тумнан ааспата. Биир бэйэм Пушкин сүбүөкүлэлээх, хортуоппуйдаах, оҕурсуулаах рулетын атыылаһан амсайдым, амтаныттан астынным. Аны, көрдөрүүгэ турбут бүлүүдэлэри киэһэтин аукциоҥҥа оонньоттулар. Киирбит үп көмөҕө ананна.
Быраас идэлээх оҕо суруйааччыта Лидия Тарасовалыын көрсүһүүгэ: “Оҕо төрөппүтүҥ үтүктэр, эһиги холобургутугар улаатар. Бэйэҕит төлөпүөнтэн тутулуктаах буоллаххытына, оҕоттон ааҕары ирдээмэҥ даҕаны. Тэҥҥэ ааҕыҥ, ол үөрүйэҕи дьиэҕитигэр олохтооҥ”, - диэн.
Бу “Библионочь” сүрүн түгэнинэн сценарист Мария Находкина кэлэн ыалдьыттаабыта буолла. Кини суруйбут “Карина” киинэтэ билигин Арассыыйа прокатыгар тахсан эрэр. Көрбүт эрэ барыта сөбүлээтэ.
Биир бэйэм Мария артыыс, киносценарист, суруйааччы Илья Находкин сиэнэ буоларын саҥа биллим. Кини оҕо сылдьан эһэтин кинигэтин ыскааптан булан ылан баран, бэйэтин араспаанньатын көрөн соһуйбутун, ол аптаах түгэн кинини суруйар идэҕэ туһаайбытын сэһэргээтэ. “Каринаны кытта мин бэйэм хаһан да көрсүбэтэҕим. Тоҕо? Айбыт дьоруойбун илэ баар киһи уобараһа сабарыйыа диэн көҥөнөн”, – диэтэ айар киһи сиэринэн. Кини куоракка улааппыт буолан, сценарийын барытын нууччалыы суруйарын, атын дьон оруолларын саҥаларын тылбаастаан биэрэллэр эбит.
Өссө биир кэрэхсэбиллээх көрсүһүү историческай саалаҕа буолла. Ньурба улууһун Түмүк нэһилиэгин олохтооҕо Дария Федоровна Яковлеваны кытта. Кини 10 оҕолоох Дьоруой Ийэ. Улахан дьиэ кэргэммин диэбэккэ, аһыныгас санаалаах Айыы Далбар Хотуна өссө 5 кырдьаҕаһы, ырааҕынан аймахтарын, бэйэтигэр ылан ииппит. Ол түбүгүттэн ордон, 40-ча сыл алын кылаастарга учууталлыыр. Маннык үтүөкэн Ийэ оҕолоро бары дьоһун дьон буола улааппыттарын суруналыыс Прокопий Иванов “Ил Түмэн” хаһыакка суруйан турар: бастакы уол Николай ФСБ-га өр сылларга үлэлээн баран, билигин ХИФУ-га куттал суох буолуутугар проректор. Федор – "Сэттэ" тутуу тэрилтэтин салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Валентина – биология наукатын хандьыдаата, АГАТУ преподавателэ. Дмитрий геолог идэлээх, Накыын алмааһын бэтэрээнэ. Владимир Накыыҥҥа күндү металларга хонтурулуордуур. Елена – Саха уонна Олоҥхо тыйаатырдарын артыыската. Юрий – тутааччы-технолог. Айыына –нарколог быраас, Артем – урбаанньыт. Егор – ГИБДД управлениетын отделын начаалынньыгын солбуйааччы. Дьэ, аахтыгыт? Киһи киэн туттар ыала – Яковлевтар.
Быйыл элбэх киһи сэҥээриитин ылбыт "Слово пацана: кровь на асфальте" киинэ туһунан психолог Надежда Васильевалыын ырыттылар. Тус санаалары этии кэнниттэн, уопсай биир түмүккэ кэллилэр: маннык киинэлэри улаатан эрэр оҕолортон кистиир, буойар-бобор сыыһа, олох түктэри өрүттэрин бэйэлэрин уопуттарыгар буолбакка, айымньыттан билэн өйдүүллэрэ ордук диэн.
Ыччаты тыйаатыр ускуустубатыгар уһуйааччы Андрей Адамов чуолкайдык саҥарарга дьарыктаата. Онно сылдьыбыт эрэ бары олус дуоһуйан: "Өссө уһун бириэмэни анаабыттара буоллар..." - дэстилэр.
Түмүктээн эттэххэ, “Библионочь” кэлбиттэр күннэрин олус туһалаахтык атаардылар: юристартан босхо консультация ылан, сюцай ньыматынан төрөөбүт күннэрин-сылларын аахтаран, квиз оонньоон, 50-70-с сылларга саха остуоруйаларынан тахсыбыт мультиктары диафильмынан, 33-с, 3-с оскуолалар театральнай устуудьуйаларын дьүһүйүүлэрин кэрэхсии көрөн, бэйэлэрин мэтириэттэрин уруһуйдатан, маастар-кылаастарга дьарыктанан, “Айар” кинигэлэрин атыылаһан.
Аны кэлэр “Библионочька” булгуччу сылдьаарыҥ. Онно “ҺӨҔҮҤ: хоһоонунан хоһуйуу” видеопоэзия күрэҕин түмүгүн таһаарыахпыт. Үлэлэри ыам ыйын 5 күнүгэр диэри тутабыт. Көрсүөххэ диэри, күндү доҕоттор!
Анисия Иевлева, суруналыыс.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0