Ол курдук, «Уоттаах сыллар» быыстапка «Саха аныгы устуоруйата» диэн мультимедийнай быыстапка сороҕото буолар уонна Улуу Кыайыыга Саха Сирин киллэрбит кылаатын сырдатар. Быыстапкаҕа турбут матырыйааллар интерактивнай-мультимедийнай технологиянан оҥоһуллубуттар, дьиҥнээх устуоруйа докумуоннарынан уонна хаартыскаларынан эбиллибиттэр.
Иккис быыстапка «Аҕа дойду Улуу сэриитин наҕараадалара» диэн ааттаах. Манна барыта 50-ча мэтээл куопуйатын Николай Саввич Степанов хос сиэнэ, уопсастыбынньык Маргарита Степанова биэрбит. Санатан эттэххэ, 1941-1945 сс. Саха Сириттэн 2,3 тыһыынча киһи бойобуой наҕараадаҕа тиксибитэ.
Маны таһынан, байыаннай реконструктордар, байыаннай кулууп чилиэннэрэ тэрийбит быыстапкалара турда. Быыстапка аармыйа аммунициятын уруккуттан билиҥҥи кэмҥэ диэри устуоруйатын сырдатар.
Быыстапкалары ыам ыйын 19 күнүгэр диэри, 10 чаастан киэһэ 18 чааска дылы босхо көрүөххэ сөп. Көрүҥ, сэргээҥ, оҕолоргутугар кэпсээҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0