Мэҥэ Хаҥалас олоҥхоһута Николай Абрамов-Кынат Амма бааһынайдарыгар бурдуктаһа баран иһэн, аара Эмискэ баай Бэстэрикиэп кыыһын уруутугар мустан олорор дьоҥҥо бэйэтин кэмигэр албан аатырбыт, суон сурахтаммыт Түмэппий Захаров-Чээбийи кытта күөн көрсүбүт. Дьиэлээх тойон бэйэтин киһитин үрүҥ дьиэҕэ, оттон саҥа олоҥхолоон эрэр Кынаты хара дьиэҕэ олоҥхолоппут. Иккиэн да этэр тыл илбистээхтэрэ, тохтор тойук дорҕоонноохторо истээччилэри олус сэргэҕэлэппиттэр, онтон сыыйа эдэр олоҥхоһуту сонурҕаан, Кынат олоҥхолуурун истибиттэр. Дьиэлээх хаһаайын бэркэ хайҕаан, эдэр олоҥхоһуту кууллаах бурдугунан манньалаан ыыппыт.
Өлүөхүмэ биллэр атыыһыта Степан Идельгин, Сунтаартан төрүттээх буолан, ырыаны-тойугу сөбүлүүр эбит. Өлүөхүмэ аатырбыт олоҥхоһутун Ырыа Бабанчаны бэйэтин кытта илдьэ олорон, улуустартан кэлбит олоҥхоһуттары кытта күрэстэһиннэрэр үгэстээх, астыннаҕына, бурдугунан манньалаан ыытар эбит. Манан урут олоҥхону кэрэхсииллэрин уонна олоҥхоһуттары маанылыылларын, талааннаахтары өрө туталларын холобурдуубун.
Сэбиэскэй былаас сылларыгар
Олоҥхоһуттары көҕүлээһин көрүү курдук буолар эбит. Маҥнайгы көҕү Тыл уонна култуура үнүстүүтүн дириэктэрэ, тыл билимин маҥнайгы учуонайа Платон Ойуунускай оҥорбута. Намҥа Күннүк Уурастыыраптыын тахсан Нам олоҥхоһуттарын түмэн тэрийбитэ. Онуоха биллэр олоҥхоһуттар Егор Охлопков, Афанасий Сивцев-Дьиибэ Бытык, Кузьма Сивцев-Тойон Мурун, Прокопий Ядрихинскй-Бэдьээлэ уо.д.а. кыттыбыттар. Платон Алексеевич бэркэ үөрэн-көтөн туран, «Дьол, үөрүү ырыалара» ыстатыйаны таһаарбыта.
Маҥнайгы көрүү Норуот айымньытын дьиэтин көҕүлээһининэ 1937 с. тэриллибитэ. Онуоха сүнньүнэн киин улуустар олоҥхоһуттара Семен Герасимов-Хорообо (Хаҥалас), Илларион Давыдов (Таатта), Дмитрий Говоров (Уус Алдан), Николай Абрамов-Кынат, Николай Степанов-Ноорой (Мэҥэ Хаҥалас), Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ (Нам), Михаил Шараборин-Кумаарап (Өлүөхүмэ), барыта уон олоҥхоһут кыттан, оччолорго саҥа тарҕанан эрэр патефонунан бэлиэтэммиттэрэ.
Кэлин, 1980-с сс., Норуот айымньытын дьиэтэ уонна ТЛНЧИ кыттыгас тэрийэн ыыппыт Олоҥхо күннэригэр уонна киэһэлэригэр Хайҕал суруктары уонна өйдөбүнньүк сүбэниирдэри туттартаабыппыт.
Ирдэбиллэр
Уларыта тутуу сылларыгар национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириитинэн, төрүт култуураны үөрэтиигэ болҕомто ууруллубута. Култуура да эйгэтигэр олоҥхоҕо, ырыаҕа-тойукка, оһуокайга, ыһыахха, саха таҥаһыгар, итэҕэлгэ аналлаах сэминээрдэр, кэмпириэнсийэлэр, көрүҥнэринэн куонкурустар тэриллэн барбыттара.
Олоҥхоһуттарга анаан бастаан Методкиин (дириэктэр Надежда Толбонова) көҕүлээһинэн, «Мин Олоҥхо дойдутун оҕотобун» диэн куонкуруһу тэрийбиппит. Бу куонкурус сыллата ыытыллан кэллэ, улуустартан элбэх оҕо кыттар. Кэлин Арчы дьиэтигэр Борис Михайлов көҕүлээһининэн, «Уруйдан, улуу олоҥхо» куонкуруһу ыыппыппыт. Онуоха олоҥхону олохсуйбут ньыманан биирдиилээн да, кыттыгас да толорууну ирдэбил быһыытынан туруорбуппут.
Бу ирдэбил оҕолорго да, эдэрдэргэ да, кырдьаҕастарга да билигин тэҥҥэ турар. Ол аата олоҥхолооһуну сөргүтүү төрүт үгэскэ тирэҕирдэ. Бу күөн көрсүүлэргэ тэрийээччилэр бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, баай тэрилтэлэри кытары кэпсэтэн, араас бириистэри хааччыйаллара. Кыттыбыт дьон илии тутуурдаах, өттүк харалаах, үөрэн-көтөн баралларыттан дьүүллүүр сүбэ бэркэ астынарбыт.
Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылаахтара
Олоҥхоһуту сыаналааһын уопсай бэлиитикэттэн улахан тутулуктаах. 2005 с. олоҥхо аан дойду култууратын барҕа баайынан билиниллиэҕиттэн олоҥхоҕо, олоҥхоһукка сыһыан тосту уларыйбыта. Сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллэн, араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, ийэ олоҥхоһут Дария Томскаяҕа, Петр Решетниковка, Афанасий Соловьевка Ил Дархан истипиэндийэтэ анаммыта, тус сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраама оҥоһуллан, Олоҥхо ыһыахтара сыл аайы улуустарынан тэриллэр уо.д.а. буолбуттара.
Сунтаарга маҥнай тэриллибит Олоҥхо ыһыаҕар Намтан төрүттээх, Өлүөхүмэҕэ олохсуйбут Афанасий Соловьев Олоҥхо ыһыаҕын маҥнайгы кылаан бирииһин туппута, олоҥхоһут быһыытынан аатын-суолун үйэтиппитэ. Онтон кэлиҥҥи ыһыахтарга Тааттаҕа – Петр Решетников, Уус Алдаҥҥа Семен Черноградскай, Горнайга Иннокентий Терентьев, Мииринэйгэ Дмитрий Кривошапкин бастааннар, сыаналаах бирииһи ылбыттара. Ньурбаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕыттан саҕалаан, бастаабыт олоҥхоһуттарга массыына күлүүһүн туттарар буолбуттара. Массыына күлүүһүн туппут: Николай Баишев, Юрий Борисов, Валентин Исаков, Семен Иванов, Николай Григорьев, Елена Маркова, Александр Багардынов, Афанасий Попов, Алексей Николаев олоҥхону бастыҥ толорооччу быһыытынан билиннилэр, сорохтор өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахсан олоҥхолоон биһирэнэр буоллулар. Онон Олоҥхо ыһыахтарыгар олоҥхоһуттар күөн күрэстэрин тэрийии кинилэр олоҥхолуурга тардыһыыларын көҕүлүүр, олоҥхолооһуну сайыннарыыга олук охсор ньыма курдук көрүөххэ сөп. Сорохтор эдэрдэри өйүөххэ дииллэр да, биир бэйэм кинилэр чиэстэнэр, биһирэнэр кэмнэрэ үүнүө дии саныыбын.
Күөн көрсүүнү тэрийиигэ санаалар
Олоҥхону толоруу күрэстэһиилээх буоллаҕына, ордук кэрэхсэбиллээх. Билигин сүрүн болҕомто олоҥхоһуттар талааннарын сайыннарыыга, олоҥхо дьоҥҥо киэн туттууну үөскэтэр ньыма быһыытынан көрүллэригэр туһуланар. Ол эбэтэр, олоҥхо толоруллар үгэстэрин тутуһуу, олоҥхо ис хоһооно, сюжета сайдан иһиитэ болҕомто киинигэр туруохтаах. Олоҥхо үйэлэр тухары тутуһуллан кэлбит ис хоһооно, мифологията, уобарастара, матыыптара, поэтиката, олук хоһоонноро, баай-талым ойуулуур-дьүһүннүүр эгэлгэтэ тутуһулларын туһугар, ырыата-тойуга, түөлбэлэринэн араастара, аатырбыт олоҥхоһуттар этэр тылларын эгэлгэтэ кустук курдук дьэрэкээннэнэн иһиллэрин ситиһиэхтээхпит. Хомойуох иһин, ордук эдэрдэр, сааһырбыт да олоҥхону толорооччулар олоҥхону айдыбыт диэн ааттаан араас кус-хаас тойугун түһэрэллэрин биир бэйэм ылыммаппын.
Олоҥхо олук хоһооннорун “аҕыс иилээх-саҕалаах Аан ийэ дойду“, ”көхсүттэн тэһииннээх күн улуустара“, ”киһи гиэнэ килбиэннээҕэ, саха гиэнэ саарына“... диэн курдук олук хоһооннору тутуннахха, ойуулааһын сэргэх буолар. Оскуола үөрэнээччитин курдук өйгө үөрэтэн этэр соччо табыгаһа суох. Дьиҥ олоҥхоһуттар аан дойду, сир халлаан үөскээһинин анаан хоһуйаллара, онно хайаан да Аал Луук Мас баар буолара. Олоҥхо мифологическай сюжеттарын, матыыптарын, дьүһүлгэннэрин туттубакка эрэ олоҥхолуур табыллыбата буолуо.
Аны бириэмэнэн хааччахтааһын баар. Мин саныахпар, истиини 10-20 мүнүүтэнэн быһан, кыттааччы кыаҕын сыаналаан баран, үс-түөрт олоҥхоһуту хаалларан күрэстэһиннэрэн, кыайыылааҕы быһаарыахха сөп. Урут оһуохайга эдэрдэртэн, орто, аҕам саастаахтартан сүүмэрдээн куоталаһыннарар этибит.Күрэстэһээччилэр ону ордук астыналлара.
Кэнники сылларга Февронья Шишигина этиитинэн, тиэмэнэн талларан, тута хоһуйан толорууга күрэстэһиннэрэбит эрээри, кырдьыга баара олоҥхону толорооччулар санаа хоту арыллан олоҥхолооботтор. Билиҥҥи олоҥхоһут баай-талым тыллаах, хааһахтан хостоон эрэр курдук уустаан-ураннаан этэн субурутар, тойуксут туйгуна, хоһоонньут хомоҕойо, уобарастарын араас матыыптарынан арыйан көрдөрөр олоҥхоһут бастыҥа буолуохтаах. Күрэстэһээччилэр иннилэригэр бэриллибит тиэмэнэн, урукку олоҥхоһуттар курдук, ыллаан-туойан, кэпсээн-ипсээн, истибит киһи санаата көтөҕүллэрин, астынарын, дуоһуйарын ситиһэр сорук турар.
Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхоһуттар ситиһиилээхтик кытталларыгар, эдэрдэри көҕүлүүллэригэр баҕарабын. Олоҥхобут үтүө үгэстэрэ сайдан, туругуран истиннэр, ийэ олоҥхоһуттар үөскээн, үүнэн истиннэр, олоҥхобут уруйа улаата турдун!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0