Сыыппаралар элбэҕи этэллэр
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин чахчытынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 181 456 таба баар.
Таба иитиитигэр барыта холбоон 114 хаһаайыстыба идэтийэр. Бас билии киэбинэн ыллахха, бу хаһаайыстыбалар истэригэр 2 аахсыйалаах уопсастыба, 1 хааһына тэрилтэтэ, 7 муниципальнай тэрилтэ, 68 аҕа ууһун общината, 25 тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ, 11 хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба бааллар. Таба 3,4 %-а судаарыстыба бас билиитигэр, 21,6 %-а муниципальнай бас билиигэ, 30 %-а аҕа ууһун общиналарын, 40 %-а кэпэрэтииптэр, 5 %-а хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбалар бас билиилэригэр сылдьаллар. Дьэ бу хаһаайыстыбаларга барыта 1 245 киһи, ол иһигэр 1010 табаһыт уонна 235 чуумсук үлэлииллэр. Ити иһигэр дьиэ кэргэнинэн табаҕа үлэлиир 256 ыал баар. Сайын устатыгар ыстаадаларга 685 оҕо сайылаан, төрөппүттэригэр көмөлөспүттэр.
Дьарыктаах буолуу өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай кэмитиэт чэрчитинэн, ыстаадаҕа үлэлиир үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр кыра хамнас көрүллэрэ олохтоммута балачча буолла. Өйөбүл бу көрүҥүн көс олохтоох табаһыт ыаллар олус биһирииллэр, итиэннэ оҕолор ыстаадаҕа саас үөрэх дьыла бүтүөҕүттэн, күһүн, саҥа үөрэх дьыла аһыллыар диэри сылдьалларын учуоттаан, хамнаһы икки эрэ ыйга буолбакка, үс ыйга (бэс ыйыгар, от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар) көрөргө сиэрдээхтик туруорсаллар.
Сыранан ситиһиллибит 3,7 %
Быйыл 37 898 тугут ылыллан, төрүөх дьыалабыай тахсыыта 47,9 %-ҥа тэҥнэспит, оттон улахан табаны чөл тутуу 84,1 % буолбут. Былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 3,7 %-ынан тупсарыллыбыт. Бу сыыппараны баҕар, ким эмит мыына саныаҕа, ол эрээри, сайынын, тыаҕа уот турар, араас адьырҕа кыыл суоһуур уонна таба хаанын уулуур үөн-көйүүр элбээбит кэмигэр бу улахан сыралаах үлэнэн ситиһиллэр түмүк буоларын өйдүүр, учуоттуур наада.
Саамай элбэх табалаах, сыллата чиҥ көрдөрүүлээх улуустарынан Усуйаана (31 676), Анаабыр национальнай (долгаан-эбэҥки) улууһа (22 795), Булуҥ улууһа (17 947), Муома улууһа (14 931), Аллараа Халыма улууһа (14 121) буолаллар. Кэбээйи, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарыгар 2010-с сс. таба ахсаана биллэррдик көҕүрээн баран, кэлиҥҥи биэс сыл устатыгар кыратык эбиллиэхчэ буолан эрэр. Оттон Алдан, Өлүөхүмэ, Нерюнгри улуустарыгар сир баайын хостооһун үлэтэ күүһүрбүтэ, тимир суол, массыына суола уонна электроуот ситимэ тутуллубуттара таба мэччийэр сирэ аччыырыгар, таба ахсаана аҕыйыырыгар тиэрдибит.
Ыстаадаларга улахан кутталы адьырҕа кыыллар оҥороллор. Барыллаан ааҕыынан, Алдан, Аллараа Халыма, Анаабыр, Булуҥ, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Усуйаана уонна Эбээн Бытантай улуустарын табаһыттара 315 (!) бөрөнү өлөрбүттэр.
Эмтиир-сэрэтэр дьаһаллар
Бэтэринээринэй эмтиир-сэрэтэр үлэ төһө даҕаны былаан быһыытынан, тиһигин быспака ыытыллар буолан, уопсай турук куһаҕана суох. Ол эрээри, таба диэн туундара-тайҕа көҥүл кыыла буоллаҕа, хаһан баҕарар араас ыарыыны хабар кутталлаах. Холобур, былырыын Анаабырга кыыл табалартан сыстан биир ыстаада табалара саркаптоз (чесотка) ыарыыга хаптарбыттара бэлиэтэнэн, ону утары улахан үлэ ыытыллыбыта. Тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениета иһитиннэрэринэн, бу ыарыыны төрдүттэн суох оҥорорго Суол хаартата оҥоһуллан, саас ыстаадаларга саркаптозтан уонна Сибиир дьааспатыттан эмтиир-сэрэтэр быһыылар бэриллибиттэр. Билигин да үлэ салгыы ыытыллар.
Өлөөн улууһун биир ыстаадатыгар ииригирэн ыарыы (бешенство) түбэлтэтэ тахсан, бэтэринээрдэр онно харантыын дьаһалларын тэрийбиттэр.
Племенной үлэ
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ таба хаанын саҥардарга уонна табаларын ахсаанын элбэтэргэ үлэлиир улуустарга табаны хааччыйыы үлэтин былааннаахтык ыытар.
Ол курдук, табаны массыынанан тиэйии-таһыы ороскуота судаарыстыба бүддьүөтүттэн толуйуллар. 2022 сыллаахха «Сэбээн» судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ (Кэбээйи) уонна «Үчүгэй» УоПХ (Өймөкөөн) 50 атыыр табаны, былырыын «Томпо» фактория-кэпэрэтиип (Томпо) уонна «Кукуин» аҕа ууһун общината (Муома) 35 атыыр табаны атастаспыттара. Кэнники икки сылга Эбээн Бытантай, Өлөөн, Усуйаана улуустарын хаһаайыстыбаларыттан Алдан, Булуҥ, Кэбээйи, Нерюнгри, Эдьигээн улуустарын хаһаайыстыбаларыгар 3500 ыччат таба илдьиллибит. Онуоха хаһаайыстыбалар табаны атыыласпыт ороскуоттарын 85 %-а толуйуллубут.
Быйыл – 14 киһиэхэ
«Саха сирин Аартыкатааҕы түбэтин уонна төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыылара» эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, «Эдэр табаһыт» диэн социальнай өйөбүл бырагыраамата 2020 с. оҥоһуллубута. Ол чэрчитинэн, ыстаадаҕа эдэр дьон үлэлии кэлэрин көҕүлээн, 35-гэр диэри саастаах табаһыт дьиэ-уот туттарыгар биир мөлүйүөн солкуобай бэриллэр. 2021-2023 сс. бу өйөбүлүнэн 50 эдэр табаһыт туһаммыта.
Сыана ыараабыта учуоттанан, быйыл 28 мөл. солк. көрүллэн, көмө 14 эдэр табаһыкка бэриллибит. Бырагыраама олоххо киириэҕиттэн табаҕа үлэлиир эдэр дьон ахсаана бытааннык эрээри, эрэллээхтик эбиллэр, 2020 сыллаахха 185 эдэр табаһыт баар эбит буоллаҕына, билигин кинилэр ахсааннара 235 буолбут.
«Ааҕыыга бэлэмнэнэбит»
Билигин ыстаадалар кыстыкка бэлэмнэнэллэр. Ол туһунан Кэбээйи улууһун Ламыҥха эбээн национальнай нэһилиэгин «Сэбээн» судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэтин салайааччы Людмила Бурцева маннык кэпсиир:
– Сайын этэҥҥэ ааста, улахан ыарыы, сүтүк суох. Сааскы өттүгэр эһэ мэнээктээн куттуу сылдьыбыта, ону табаһыттарга көҥүлү биэрэн бултатарга туруорса сылдьыбыппыт, ыстаада ахсын табаһыттар иккилии-үстүү «кырдьаҕаһы» хаптаппыттара. Билигин күһүҥҥү маршрукка киирэн, хараалга, ол эбэтэр табаларбытын ааҕарга бэлэмнэнэ сылдьабыт. Хараал кэнниттэн кыһыҥҥы маршруттарбытынан барыахпыт. Үрдүкү салалтабыт: «Табаларгытын чииптээҥ» – диэн эрэр. Ону ылына иликпит. Тоҕо диэтэххэ, ааспыт өттүгэр чииптээбиппит да, биһиги уһун, тымныы кыһыммытыгар төрүт сөбө суох эбит, дэлби хайыта баран, алдьанан хаалбыттара. Аны ороскуота да баһархай, сканер, чиип барыта тус-туһунан сыаналаахтар.
Эмиэ биир эппиэттээх кэм
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ тустаах улуустар дьаһалталарын кытары табаны иитии салаатын сайыннарыыга сөбүлэһиилэри түһэрсэн, субвенция харчытын толору кээмэйинэн ыыппыт. Онон, бу ааспыт атырдьах ыйынан таба хаһаайыстыбаларыгар барыларыгар көрүллүбүт үп-харчы тиэрдиллэн турар диэн министиэристибэ үгэс буолбут хотугу салааларга отделын салайааччы Иннокентий Баланов иһитиннэрэр:
– Билигин табаһыттар сайылаабыт сирдэриттэн кыстыыр сирдэригэр тахсан эрэллэр, сотору кэминэн харааллааһын, табаны түмэн ааҕыы, наардааһын, эмтиир-сэрэтэр үлэлэр саҕаланыахтара. Онон, хаһаайыстыба салайааччылара радиодиспетчерскэй сулууспа үлэтин күүһүрдэн, ыстаадалары кытары сибээһи тута олороллор, кыстыыр сирдэринэн аһы-үөлү, туттар тэрили хааччыйар дьаһаллары тэрийэ сылдьаллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0