Дэкилэрээссийэ Саха Сирин олохтоохторо көҥүл уонна бырааптаах буолалларыгар, олох-дьаһах тупсарыгар, норуот быһыытынан уратыбытын харыстыырга, итиэннэ инники сайдыыга тирэх буолбута. Бэйэбит сирбитигэр хаһаайын буолар бырааппытын олоххо киллэрбитэ, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи уонна кэлэр кэскилин түстүүр эппиэтинэһи сүктэрбитэ. Ол курдук, Саха Сирэ ыйыыта-кэрдиитэ суох бэйэтэ-бэйэтин сайыннарар бырааптаммыта, сүрүн быһаарыныылары ылынар кыахтаммыта.
Бастакы дипломат уонна кинээс
Былыргы дьыл, ааспыт кэм аннараа өттүлэрин сэгэтэн көрдөххө Саха Сиригэр судаарыстыбаннас үөскээһинэ туохтан саҕаламмытай?
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Саха Сирэ «Саха уобалаһа» диэн аатырара уонна Арассыыйа империятын кытыы сиринэн биллэрэ. Сахалары «инородецтар» дииллэрэ, итиэннэ Сибиир инородецтарын салайыы устаабынан (Устав об управлении инородцев Сибири), көс олохтоох омук быһыытынан билинэллэрэ.
Устуоруйа кэрэһилииринэн, саха норуотун түгэхтээх толкуйдаах, саргылаах санаалаах бас-көс дьоно, чулуу үөрэхтээхтэрэ XVII үйэ 70-с сылларыттан саҕалаан, бэйэни салайыныы быраабын туруорсубуттара. Ол курдук, Тыгын Дархан сиэнэ, Бөдьөкө Бөҕө уола Маһары Баһыакап Арассыыйа ыраахтааҕытыгар Москубаҕа икки төгүл бара сылдьыбыта биллэр.
Маһары бастакы сырыытыгар Нам кинээһэ Нокто Никинниин уонна Мэҥэ кинээһэ Тереке Орсукаевтыын, итиэннэ тылбаасчыт Максим Мухоплевтуун 1676 сыл сайыныгар аттанан баран ол сыл кыһыныгар Москубаны булаллар. Ахсынньы 25 күнүгэр Федор III ыраахтааҕыны (Федор Алексеевич Романов) көрсөллөр уонна 1677 с. тохсунньу 3 күнүгэр Сибиир бирикээһигэр челобитнай (Челобитная якутских родоначальников) түһэрэллэр, о.э. саха кинээстэрэ норуоттарын туһугар көрдөһүүлэрин тиэрдэллэр.
Үс сыл буолан баран, 1679 сыллаахха, Маһары Москубаҕа иккистээн тиийэр. Бу сырыыга кинини кытары Бороҕон кинээһэ Чука Капчиков уонна Мэҥэ кинээһэ Чугун Бодоев барсаллар.
Архыып матырыйааллара туоһулуулларынан, саха дэлэгээттэрэ Москубаҕа сырыыларыгар бэлитиичэскэй сүҥкэн суолталаах соруктары ситиспиттэрэ. Бастатан туран, ыраахтааҕыга дьаһааҕы хомуйар хаһаахтар олохтоох омуктары сиэрэ суох баттаан олороллорун үҥсүбүттэрэ. Ол түмүгэр, дьаһааҕы хомуйааччылар норуоту үтүргэннииллэрэ сымнаабыта, итиэннэ өлбүттэртэн дьаһаах түһээнин ылары тохтоппуттара уонна саха тойотторо дьаһаах хомуйуутугар кыттыһар бырааптаммыттара. Иккиһинэн, саха тойотторо уобаластарын иһинээҕи сорох дьыалалары бэйэлэрэ быһааралларыгар көҥүл ылбыттара. Маны таһынан, Маһары, тус бэйэтэ «кинээс» диэн илии баттыыр көҥүлү ылан, бойобуода кэнсилээрийэтигэр тыла-өһө ыйааһыннаммыта. Ол кэннэ 1680 сыллаахха саха тойотторугар официальнайдык улуус кинээстэрин солотун биэрэр ыйаах тахсыбыта. Онон Маһары сахалартан бастакы дипломат уонна кинээс буолар.
Саха дьокутаата
XIII-c үйэ иккис аҥаарыгар сахалар бырааптарын туруулаһыыларын саҥа түһүмэҕэ саҕаланар.
1766 с. ахсынньы 14 күнүгэр Екатерина II ыраахтааҕы анал ыйааҕынан Дьаһааҕы тэрийэр хамыыһыйаны (Уложенная комиссия) тэрийэр. Бу хамыыһыйа сокуоннары бэрээдэктииргэ уонна реформалары киллэрэргэ көмөлөһүөхтээҕэ. Хамыыһыйаҕа Арассыыйа бары муннугуттан 600-тэн тахса дьокутаат киирбит. Ол эрээри, көс олохтоох омуктар быыбарданан хамыыһыйаҕа киирэр бырааптара суох эбит. Сахалар ону аахсыбакка Маһары хос сиэнин Соппуруон Сыраанабы дьокутаатынан талаллар. Иркутскай дьаһалтата сахалар быыбардарын билиммэтэх. Маныаха, саха кинээстэрэ Сыраанап Москуба куоракка ыраахтааҕыга тиийиэхтээх диэн туруорсубуттар. Иркутскайдааҕы күбүөрүнэ кэнсилээрийэтэ эппиэтинэстэн куотунан, Сыраанабы Тобольскай куоракка Бүтүн Сибиир күбүрүнээтэригэр Чичериҥҥэ ыыппыт. Сенат бастакы департамена 1768 с. от ыйын 4 күнүгэр Сыраанабы эмиэ дьокутаатынан билиммэтэх уонна Москубаҕа барарын көҥүллээбэтэх.
«Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой» диэн өс хоһооно этэринии, Соппуруон Сыраанап Москуба куоракка ыраахтааҕыга тиийбит, алта саһыл тириитин бэлэх тириэрдибит уонна саха дьокутаатынан анаа диэн көрдөспүт. 1768 с. алтынньы ый 23 күнүгэр Хамыыһыйа мунньаҕар ыраахтааҕы анал уурааҕа тахсыбыт «о принятии Сыранова в число прочих депутатов и о произвождении ему надлежащего жалования, так как иные якуты не точно кочевые, но зиму прибывают в своих жилищах».
Дьокутаат буолан баран, Сыраанап үлэтин дьон накааһын хомуйарыттан саҕалаабыт. Быыбардааччыларын накааһынан, дьаһаах төлөөһүнүн түүлээхтэн харчыга көһөрөргө, Хотугулуу-Илин буор-босхо ындыы таһыытын тохтоторго, саха тойотторо дьаһааҕы бэйэлэрэ хомуйалларын көҥүллүүргэ уонна, тус бэйэтиттэн эбэн, саха тойотторун быраабын улаатыннарарга туруорсубут. Итинтэн үксэ олоххо киирэн, сахалар бэйэни бас билиниилэригэр олук ууруллубута.
«Сахалар тустарынан былаан»
Хоту дойду интэриэһин үрдүкү таһымҥа - Арассыыйа ыраахтааҕытын былааһын иннигэр көмүскээбит дьонтон биирдэстэрэ Бороҕон улууһун кулубата Сэһэн Ардьакыап буолар.
Саха уобаластааҕы бырабылыанньатын чунуобунньуктара суруйбуттарынан, Ардьакыап Санкт-Петербурга икки сыл устата ханна да барбакка-кэлбэккэ олорбут уонна Екатерина II ыраахтааҕыны кытары көрсүһэри ситиспит. 1789 с. балаҕан ыйын 18 күнүгэр Зимнэй дыбарыаска «Сахалар тустарынан былаанын...» ыраахтааҕыга туттарбыт.
Былаан сахалар ааспыт уонна билиҥҥи туруктарын ойуулааһынтан саҕаланар. Ол курдук, Ардьакыап сахалар баҕа өттүнэн ааспыт сүүс сыл устата Арассыыйа державатын олохтоохторо буолалларын, Улуу ыраахтааҕы хааһынатыгар дьаһаах түһээнин тохтоло суох төлүүллэрин уонна бэйэлэрин эҥкилэ суох сулууспаларынан бырабыыталыстыба үчүгэй сыһыанын ылалларын, итиэннэ үгүс саха дворянин аатын москубатааҕы испииһэгинэн ылбыттарын туһунан суруйбут. Онтон сахалар билиҥҥи туруктарын суруйарыгар Ардьакыап сахалар бэйэлэрин аттарынан Охотскайга уонна Сибиир Хотугулуу-Илиҥҥи өттүгэр араас аһылыгы, хааһына уонна эспэдииссийэлэр ыарахан ыйааһыннаах таһаҕастарын, сыаркап малын уонна байыаннай этэрээттэр састааптарын, таһаҕастарын, тэриллэрин тиэйэннэр Арассыыйа империята Чуумпу байҕал хотугулуу-арҕаа кытылыгар бэйэтин былааһын бигэргэтэригэр көмөлөһөллөрүн бэлиэтээбит.
Сэһэн Ардьакыап былааныгар Саха уобалаһын баһылыгын дуоһунаһын олохтуурга, итиэннэ уобалас баһылыгыттан, улуус баһылыктарыттан уонна нэһилиэктэр кинээстэриттэн турар суобас суутун (совестный якутский суд) тэрийэри көрдөһөр.
Ардьакыап төрүт олохтоохтору дьаһаах түһээнин батталыттан көмүскүүр сыаллаах, сахалары оҥочону өрүс устун тардар үлэттэн босхолууру, бу эбээһинэһи сыылкаҕа кэлбит сокуону кэһээччилэргэ сүктэрэри, ону сэргэ, Иркутскайдааҕы тыраах 36-с почта ыстаансыйатын хааччыйар үлэттэн тохтотору туруорсар.
Ыспыраабынньык дуоһунаһыгар саха тылын уонна үгэстэрин билэр киһини аныыр наадатын туһунан ыйбыт. Маны таһынан, Дьокуускайга саха норуотун учуулуссатын аһарга көрдөһөр: «Училище для якутского народа, коих обучать российской грамоте и другим наукам... дабы оные впредь были годны на службу общественную и государственную и к просвещению сородцов своих». Сиргэ кэтэх бас билии быраабын сокуонунан бигэргэтэргэ, маннык быраабы бастакынан сири таҥастаабыт киһиэхэ букатыннаахтык биэрэргэ туруорсар.
Ыраахтааҕы 1785 с. муус устар 21 күнүнээҕи «Грамоты дворянству» докумуонун 1-ы уонна 20-с параграфтарыгар тирэҕирэн, Ардьакыап Екатерина II-тэн саха кинээстэрин уонна баһылыктарын дворянскай сололууругар көрдөһөр.
«Сахалар тустарынан былааны...» 1789 с. алтынньы 1 күнүгэр Судаарыстыбаннай Сэбиэт мунньаҕар «Прошение, поданное на Высочайшее ее Императорского Величества имя, от якутского князца Борогонского улуса головы Алексея Аржакова, с описанием прежняго и нынешняго состояния якутов, и с предложением выгоднейших для казенной пользы и для их положений» диэн аатынан көрөллөр. Маныаха, Судаарыстыбаннай Сэбиэт былааҥҥа ыйыллыбыт кыһалҕалары миэстэтигэр көрөн ордук сиһилии билиллиэхтээх диэн санааттан, Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэрин дьүүлүгэр ыытарга быһаарбыт.
Екатерина II «Сахалар тустарынан былааны...» көрөн баран, Иркутскай генерал-күбүрүнээтэр И.А. Пиль аатыгар анал рескрибкэ Саха уобалаһын баһылыгын быыбара, итиэннэ учуулусса уонна суобас суутун дьиэтэ аһыллара көҥүллэнэр уонна ыспыраабынньыгынан, кыаллар буоллаҕына, саха тылын, үгэһин билэр киһини аныырга диэн ыйбыт.
Бу курдук Сэһэн Ардьакыап Ектарина II ыраахтааҕыны кытта көрсүһүүтэ, бастатан туран, экэнэмиичэскэй ситиһиилэринэн түмүктэммитэ уонна Саха Сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын уһун болдьохтоох тосхолунан буолбута. Ол курдук, кэлин бу былаантан сиэттэрэн, сахаларга дьаһаах түһээнин усулуобуйата хаттаан көрүллүбүтэ. Оттон уобалас баһылыгын быыбарын туһунан Ыраахтааҕы ыйааҕа Степной Дуумаҕа олоххо киирбитэ.
Саха Степной Дуумата
Санатан эттэхпинэ, Саха Сиригэр бэйэни салайыныы күүрээннээх сайдыыта Степной Дуума кэмигэр буолбута. Саха Степной Дуумата 1827 с. кулун тутар 11 күнүгэр арыллыбыта уонна 10 сыл устата үлэлээбитэ. Хас да улуус бэрэстэбиитэллээх, улахан хаһаайыстыбаннай боломуочуйалаах, быыбарданар бэйэни салайыныы уоргана Илин Сибиир генерал-күбүрүнээтэринэн бигэргэтиллэрэ. Сүрүн салайааччынан (родоначальник) Бороҕон улууһун кулубата Иван Емельянович Мигалкин талыллыбыта. Сэтээтэллэринэн Хаҥаластан В. Павлов, Боотурускайтан И. Артемьев, Намтан К. Прокопьев, Дүпсүнтэн Л. Васильев, Байаҕантайтан А. Каленинскай, Мэҥэттэн Я. Березин диэн дьон буолбуттар. Степной Дууманы тэрийиигэ Иван Мигалкины сэргэ, Дуума кэнсилээрийэтин босхоломмут суруксутунан өлүөр диэри үлэлээбит Хаҥалас кулубата Николай Рыкунов-Ырыкыныап Суруксут улахан өҥөлөөх.
Дуума саха дьонун быраабын уонна көҥүлүн ситиһэр санаалаах балайда көҥүл бэлиитикэни тутуһара. Туруоруллар боппуруостар көҥүл уонна тэҥ быраапка олоҕуран быһаарыллыыларын туһугар үлэлиирэ. Сахалар үгэстэрин тутуһан олорор бырааптарын көмүскээн, ыраахтааҕы уобаластааҕы дьаһалтата уонна полиция сахалар ис олохторугар орооһоллорун утарара. Онон Саха Степной Дуумата улам-улам кыраайы салайыыга балайда улахан боломуочуйалары эрэйэр, былааска утарсар уоргаҥҥа кубулуйан барбыта.
Аптаныамыйа
1917-1922 сылларга Саха Сиригэр аптаныамыйаны олохтооһун тула улахан киирсиилээх мөккүөрдэр буолбуттара. Маныаха, олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн, 1917 с. кулун тутар 26 күнүттэн муус устар 16-гар диэри Саха уобалаһын сахаларын уонна нуучча бааһынайдарын I-кы Сийиэстэрэ буолбута. Бу сийиэстэн саҕалаан М.К. Аммосов бэлиитикэҕэ суола арыллыбыта. Оччолорго 20-лээх уол аан бастаан саха норуота бэйэтин бэйэтэ быһаарынар быраабын туһунан тыл эппитэ уонна аптаныамыйа киэбэ саха норуотун көмүскүүр ньыманан буоларын ыйбыта.
Хайа баҕарар саха киһититтэн «Өрөспүүбүлүкэбит Судаарыстыбаннаһын кимнээх төрүттээбиттэрэй?» диэн ыйыттахха, кини өйүгэр-санаатыгар, бастатан туран, Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Василий Никифоров-Күлүмнүүр, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уобарастара тиллэн кэлиэхтэрэ. Бу саханы саха дэппит чулуу дьоммут сүҥкэн үлэлэрин түмүгэр 1922 с. муус устар 27 күнүгэр, РСФСР Президиумун Киин кэмитиэтин уурааҕынан, Саха Аптаныамынай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ. Бу кэмтэн ыла судаарыстыбаннас өйдөбүлэ киирбитэ.
Аптаныамыйалаах өрөспүүбүлүкэ анал туругун ылыы Саха Сирэ инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көҕүлүүр күүһү уонна тыа хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ, бырамыысыланнаһы, олох-дьаһах эйгэтин, билими, үөрэҕириини, доруобуйа харыстабылын тэтимнээхтик сайыннарыыга кыаҕы биэрбитэ.
Судаарыстыбаннас саҥа тутула
90-с сылларга дойду үрдүнэн уларыта тутуу кэмигэр судаарыстыбаннай саҥа тутулу олохтооһун саҕаламмыта. Бу кэм Михаил Николаев аатын кытта быһаччы сибээстээх. Ол курдук, кини салалтатынан, 1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай Сүбэринитиэтин туһунан Дэкилэрээссийэни ылыммыта. Дьоһун докумуон өрөспүүбүлүкэ иһигэр бэйэтин сокуоннара баһыйалларын бигэргэппитэ уонна оччотооҕу олох-дьаһах улаханнык айгыраабыт ыарахан кэмигэр, экэниэмикэни быыһыыр, дьон олоҕо бүтэһиктээхтик алдьанарыттан көмүскэнэр туһугар ылыллыбыт дьаһалынан буолар.
1991 с. олунньу 26 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаев Саха Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ (Якутская-Саха ССР) судаарыстыбаннай статуһун туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Бу сыл алтынньы 17 күнүгэр Саха Сиригэр бэрэсидьиэн үнүстүүтэ тэриллибитэ, «Саха ССР Бэрэсидьиэнин туһунан», «Саха ССР Бэрэсидьиэнин быыбарын туһунан» сокуоннар ылыллыбыттара.
1991 с. ахсынньы 20 күнүгэр Саха Сирин Бастакы Бэрэсидьиэнинэн Михаил Николаев талыллыбыта.
1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ атын Өрөспүүбүлүкэлэри кытта, тэҥ бырааптаах субъект быһыытынан, Федеративнай дуогабарга илии баттаспыта. Ол түмүгэр, Арассыыйа Федеративнай судаарыстыба быһыытынан чөл хаалара ситиһиллибитэ.
1992 с. муус устар 4 күнүгэр СӨ Үрдүкү Сэбиэтин 11-с уочарата суох сиэссийэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) ылыныллыбыта уонна муус устар 27 күнүгэр күүһүгэр киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга тугу ордук чорботорун, ханнык хайысхалары сүрүн оҥосторун бэйэтэ быһаарынар кыахтаммыта.
1993 с. ахсынньы 12 күнүгэр СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) I-кы ыҥырыытыгар 56 дьокутаат талыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэ Балаататын бэрэссэдээтэлинэн Е.М. Ларионов, солбуйааччыларынан В.А. Филатов, Е.Г. Егоров, онтон Бэрэстэбиитэллэр Балааталарын бэрэссэдээтэлинэн А.П. Илларионов, солбуйааччытынан А.В. Власов үлэлээбиттэрэ. Парламент I-кы ыҥырыыта Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тутулун демократическай уларыйыытын кэмигэр үлэлээбитэ. Бу федерализмы саҥалыы өйдөөһүн уонна тоталитаризмтан аккаастаныы кэмэ этэ.
***
Судаарыстыбаннас национальнай өй-санаа сиппитин-хоппутун туоһулуур. Судаарыстыбаннастаах Саха Сирэ элбэх омуктаах норуотун үтүө үгэстэригэр тирэҕирэн, аныгы ньымалары туһанан күн бүгүн сайдыы суолун тэтимнээхтик хорутан, Арассыыйа модун күүһүн бөҕөргөтөргө сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэр.
Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0