Оччолорго мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин Д.Ф.Ходулов аатынан тыйаатырыгар үлэлээн баран, Дьокуускай куоракка көһөн кэлбит кэмим этэ. Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) хаһыаттаммыт үһү диэни истэммин, саҥардыы тэриллэн үлэлээн эрэр эрэдээксийэ үлэһиккэ наадыйара буолуо диэн санаанан салайтаран аан бастаан тиийбитим.
Оччолорго «Ил Түмэн» хаһыат үлэһиттэрэ 1-кы №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтин мунньахтыыр саалатыгар бааллара - бука бары улахан, уһун остуол тула суруйа-бичийэ олороллоро. Муннукка биир көмпүүтэр турара, суруналыыстар бэчээттиир кыыс таһыгар олорон илиинэн суруйбуттарын доргуччу ааҕан биэрэр этилэр. Кылаабынай эрэдээктэр Константин Федоровка үлэ көрдүү сылдьарым туһунан эппиппэр кини: «Эн ыстатыйаларда суруйан аҕал. Ааҕыахпыт, суруйар дьоҕургун көрүөхпүт. Хаһыакка тахсыан сөптөөх эбит диэтэхпитинэ, бэчээттиэхпит”, – диэн эппититтэн ыла мин суруналыыс идэтигэр үлэлиир аартыгым аһылыннаҕа, 30-ча сыл тиргиччи үлэлиир кэмим-кэрдиим саҕаланнаҕа...
Суруйар идэҕэ кэлии туһунан бэрт кылгастык эттэххэ, төрөөбүт төрүт буорбар – Тааттаҕа Туора Күөл орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан 5 кылаастан ыла саха тылын уонна литературатын эйгэтигэр үлэлиэм диэн ыраахтан ыллыктаммыт ыра санаалааҕым. Инньэ гынан, оскуоланы бүтэрээт, М.К.Аммосов аатын сүгэр Саха судаарыстыбаннай үнүбэрситиэтигэр 1991 сыллаахха, оччолорго филологическай факультет саха тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитим.
Оскуолаҕа үөрэнэрим саҕана саха тылын, литературатын, норуоппут ырыатын-тойугун, олоҥхотун, оһуохайын улуус таһымыгар олус үрдүк кэрдиискэ туталлара. Араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр быыстала суох бараллара. Оннук, «Былатыан Ойуунускай ааҕыыларыгар» оскуолаҕа үөрэнэр саастаахтары күргүөмүнэн кытыннараллара. П.А.Ойуунускай айымньыларынан өйтөн суруйуу, дакылаат, хоһоон айыыта, нуучча классик суруйааччыларын хоһооннорун сахалыы тылбаас эҥин курдук түһүмэхтэргэ арааран оҕолору түмэ тардаллара. Мин онно барытыгар кыттан, куруук инники кирбиигэ сылдьарым, мэлдьи бириистээх миэстэлэри ыларым.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбыттан Таатта улууһун, оччолорго Алексеевскай оройуон «Коммунист» хаһыатыгар ыстатыйалары куруук суруйарым. Ол ыстатыйалар сотору-сотору бэчээттэнэллэрэ. Инньэ гынан, бэйэбин эрэллээхтик сананан «Ил Түмэн» хаһыатыгар суруйан саҕалаабытым. Бастакы бэчээттэммит ыстатыйам «Умнуллубуту уһугуннарар ураты талаан» диэн этэ, Саха сирин норуотун маастара, архитектор, учууталым Эрнст Алексеев айар үлэтигэр анаммыта.
Ити кэмтэн ыла ыстатыйаларым утуу-субуу хаһыакка бэчээттэнэн барбыттара. Ыстатыйаларбын оччолорго хаһыакка литературнай эрэдээктэринэн үлэлиир Михаил Иванович Слепцовка аҕаларым. Кини миигин куруук олус эйэҕэстик, үөрэ-көтө, күө-дьаа көрсөрүн күн бүгүҥҥэ диэри олус истиҥник, сылаастык саныыбын. Суруйууларым туох туһунан буолуохтаахтарын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Итинник уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан син балачча сырытым. 1999 сыл күһүнүттэн суруйан саҕалаан баран, 2000 сыл сааһыгар үлэҕэ ылбыттара. Үлэҕэ киирээппин кытта кылаабынай эрэдээктэр Константин Анатольевич сүбэринитиэт өрөспүүбүлүкэҕэ сабыдыалын туһунан хайысхаларынан арааран суруйарбар сорудахтаабыта. Ити курдук, кини биһигини, эдэр суруналыыстары улахан тиэмэлэртэн толлон, чаҕыйан турбат гына иитэлээбитэ. Хаһыат бэчээттэнэн тахсыбытын кэннэ ыстатыйаларбытын куолаан олорон ырытарбыт. Ол биллэн турар, инники үлэбитигэр туһалаабыта, үтүө эрэ өттүнэн дьайбыта кыратык да саарбахтаммат.
Сахалыы тылынан тахсар «Ил Түмэн» хаһыакка мин үлэлии кэлэрбэр эппиэттиир сэкирэтээринэн Альберт Степанов, литературнай эрэдээктэринэн Михаил Слепцов, кэриэктэринэн Зоя Васильева үлэлиир этилэр. Суруналыыстар - Иван Гаврильев, Петр Томскай, Прокопий Иванов, Виктория Контоева.
Оччолорго парламент икки балааталааҕа – Бэрэстэбиитэллээх уонна Өрөспүүбүлүкэ балааталарыгар арахсара. Үлэбин парламент II ыҥырыытын дьокуутааттарын сахалар, биһиги бары да тумус туттар, түс-бас дьоммутун кытта алтыһан саҕалаабытым. Кинилэр ортолоругар Вячеслав Штыров, Айсен Николаев, Роберт Бурнашев, Филипп Охлопков, Юрий Готовцев уо.д.а курдук чаҕылхай дьокутааттар бааллара. Үлэбит ис хоһооно да чэпчэкитэ суоҕа – өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн, социальнай-экэнэмиичэскэй туругун, Төрүт сокуонун, онно уларытыылары киллэрии, дьокутааттар сокуоннар барылларын ырытан, ыараҥнатан ылыныыларын сахалыы тылынан суруйарбыт. Оччотооҕу кэмҥэ дьокутааттар ылынар сокуоннара, уопсастыбаннай үлэлэрэ бүүс-бүтүннүүтэ биһиги суруналыыстар болҕомтобут үөһүгэр этилэр. Ити курдук, уонтан тахса сыл устата, харыс да халбарыйбакка, «Ил Түмэн» хаһыакка үлэлээн ааспытым.
Хаһыаппыт эрэдээксийэтэ дьокутааттар сокуону оҥорор үлэлэринэн эрэ муҥурдаммата, элбэх уопсастыбаннай суолталаах хамсааһыннарга кыттара, ол иһигэр эбии үөрэхтээһини тэрийэн, көҕүлээн ыытара.
2012 сыллаахха суруналыыстартан талыллан биир идэлээхпин Татьяна Бурцеваны кытта Москваҕа Судаарыстыбаннай Дуумаҕа, Федерация Сэбиэтигэр тиийэн, Арассыыйа сокуоннарын хайдах ырыталларын, ылыналларын илэ харахпытынан көрбүппүт-истибиппит. Саха Сириттэн дьокутааттар Судаарыстыбаннай Дуумаҕа үлэлэрин ис өттүн сырдаппыппыт.
Билигин кэлэн эргитэ санаан көрдөхпүнэ, «Ил Түмэн» хаһыат идэтийбит дьону кытта күннэтэ алтыһыннаран, элбэҕи кэпсэтиннэрэн-ипсэтиннэрэн, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн күүскэ сайыннарбыт эбит.
Елена ОБУТОВА (Григорьева), СӨ Бэчээтин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Хаартыскалар ааптар архыыбыттан.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0