Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Ханнык баҕарар нэһилиэк олоҕо, укулаата туруктаах буолар төрдүн, олоҕун уйгутун бигэ тирэҕэ – кини бэйэтин дьонун ис кыаҕар, санаатын күүһүгэр, үтүөҕэ тардыһыытыгар олоҕурар. Дойду дьонун-сэргэтин ити дьулуурун күүркэтэн, бэйэтэ да сайдар-туругурар аналлаах.

Ханнык баҕарар нэһилиэк олоҕо, укулаата туруктаах буолар төрдүн, олоҕун уйгутун бигэ тирэҕэ – кини бэйэтин дьонун ис кыаҕар, санаатын күүһүгэр, үтүөҕэ тардыһыытыгар олоҕурар. Дойду дьонун-сэргэтин ити дьулуурун күүркэтэн, бэйэтэ да сайдар-туругурар аналлаах.

Дьон-сэргэ бүгүн үчүгэй өттүгэр уларыйыы, сайдыы тохтооботугар, дьулурҕатык салҕанан иһэригэр баҕарар. Олох таһыма үрдээтэҕин аайы саҥаттан-саҥа ирдэбил үөскээн, улаатан иһэр.

Билиҥҥи кэм киһитэ олох тэтимиттэн хаалбакка, барыны бары үчүгэй эрэ өттүнэн ылынан, ыра санаанан салайтаран сылдьыахтаах. Туох баар үтүө-кэрэ бэйэбит илиибитигэр баар буоллаҕа.

Кэлиҥҥи сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамата нэһилиэнньэлээх пууннар, ордук тыа сирэ сайдарыгар, тупсарыгар улахан күүс-көмө, өйөбүл буолар.

Үп министиэристибэтин бирикээһигэр олоҕуран ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (ППМИ), муниципальнай тэриллиилэргэ олохтоох суолталаах боппуруостарын быһаарар кыаҕы биэрэр, олорор усулуобуйалара тупсарыгар төһүү күүс буолар. Ити чэрчитинэн улуус нэһилиэктэригэр олоххо киирбит бырайыактар элбэхтэр. Итини олохтоохтор бэйэлэрэ мунньаҕынан быһааран талбыт уонна олоххо киллэрэргэ үлэлэспит, кыттыспыт буолан билэллэр.

Чахчы да Саха Сирин олохтоохторо кэнники сылларга нэһилиэктэр, улуустар сайдыыларыгар туһуланар саҥа бырайыактарга, бырагыраамаларга көхтөөхтүк кытталлар, кэскиллээх үлэ ыытыллар.

Тааттак улууһун нэһилиэктэрэ биллэрдик тупсубуттура харахха быраҕыллар, көстөр. Үгүс нэһилиэктэргэ маннык бырагырааманы туһанан араас хабааннаах үлэлэр ыытыллаллар: өрөмүөн үлэтэ, хаарбах туруктаах дьиэлэри көтүрүү, нэһилиэк иһинээҕи суоллары оҥоруу о.д.а. Олохтоохтор араас куонкурустарга көхтөөхтүк кыттаннар, олорор усулуобуйаларын, тулалыыр эйгэлэрин тупсараллар.

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама (ППМИ) баара тыа сирин сайдыытыгар олус туһалаах тэрээһин буолар. Биһиги, Таатта улууһун Харбалааҕын олохтоохторо, бу бырагыраамаҕа кыттыһан, нэһилиэкпитигэр дьон олорор усулуобуйатын тупсарыыга дьоһуннаах хардыылары оҥорон үөрэбит, астынабыт. Ол иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар махталбыт муҥура суох.

Табыгастаах усулуобуйа

Ол курдук, 2018 сыллаахха чааһынай ыаллар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ  холбуурга туһаммыппыт. Салгыы олохтоохтор бары түмсэн турунан, билигин Харбалаах бөһүөлэгин 90-тан тахса бырыһыана бары киин хочуолунайтан  сылытынан олоробут. Ити түмүгэр, үгүс ыаллар дьиэлэригэр толору хааччыллыыны киллэриннилэр.

2019, 2020, 2021 сылларга бу бырагыраама көмөтүнэн бөһүөлэк уулуссаларын уотун саҥардыы күүскэ барбыта. Ырыаҕа ылланарын курдук, «Харбалаах тырымнас уоттара” күннэтэ сандаарыччы тыган, уйгулаах олоҕу түстэһэр.

2022 сыллаахха олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа Харбалаах олохтоохторо 77 700 солкуобайы, олохтоох дьаһалта 11 7500 солкуобайы, спонсордар (“Төлөн” ААУо, Е.М. Халыева С.И. Петров, Ю.А. Дарбасов, А.Д Рахлеев, Е.Р. Халыева) 150 000 солкуобайы, өрөспүүбүлүкэ 1500 000 солкуобайы кыттыһаннар, 340 миэтэрэ усталаах саҥа күрүөнэн  пааркабыт икки эркинин саҥардыбыппыт уонна киирии аарканы оҥорбуппут. Нэһилиэк олохтоохторо, бары биир киһи курдук турунан, саҥа күрүөнү кырааскалаабыттара. 2023 сылга пааркабыт күрүөтэ ситэриллибитэ, иккис аарка оҥоһуллубута.

Оттон быйыл бу бырагыраама көмөтүнэн, Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Кыайыы болуоссатын кэҥэтии, күрүөлээһин буолла,  ис хоһоонун дириҥэтэн эбии истиэндэ оҥоһулунна, сүгүрүйүү бэлиэтэ -- Ытык уот саҥардылынна. Манна барытыгар 2 710 000 солкуобай харчыны олохтоохтор, спонсордар, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ үбүлээтилэр. Буоларын курдук, кырааскалааһын үлэтигэр оскуола үөрэнээччилэриттэн саҕалаан, нэһилиэк олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Тимир баҕаналары оҥорбуттара олус үчүгэй. Билигин, холобур, киэһэ оҕолор ускуустуба оскуолатыттан дьиэлииллэригэр сүрдээх табыгастаах. Хаһан баҕарар сырдык буоллаҕа. Пааркабыт наһаа үчүгэй көстүүлэннэ, күрүөлэннэ. Дьон кэлэн сынньанар сирэ буолан кубулуйда.

Кэлэр сылга уу ылар сиринэн быһа кырдьаҕас, кыаммат дьоммут маҕаһыыннарга, сынньалаҥ киинигэр сылдьалларыгар табыгастаах буоларын курдук хапытаалынай уоттаах-күөстээх тротуар оҥоруутугар ылсыахпыт, олохтоохтор харчынан өйүүргэ бары сөбүлэһэн, бу да сырыыга көхтөөхтүк куоластаатылар.

Тыа сирин сайдыытыгар өйөбүл буолар бырагыраамабыт өссө да уһун сылларга үбүлэнэн, тыа сиригэр ыччат олохсуйарын, олох-дьаһах  таһыма үрдүүрүн кэҥэтэ-түргэтэтэ туруо диэн эрэлбит улахан.

Түмүк оннугар

Билиҥҥи кэмҥэ тыа сиригэр социальнай бырайыактары олоххо хайдах киллэрэбитий? Нэһилиэк социальнай-култуурунай эйгэтин ханнык ньыманан тэрийиэххэ сөбүй? Бу курдук боппуруостар тула үгүс киһи төбөтүн сынньар. Судаарыстыба, норуот бэйэтин көҕүлээһинэ, биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ буолан бары куолаан, бу маннык сыалы-соругу бигэтик олоххо киллэриэххэ сөп.

Бу маннык дьоһун үлэ-хамнас тыа сирэ чэчирии сайдарыгар, олохтоохтор киин  сир дьонуттан итэҕэһэ  суох усулуобуйаҕа олороллорун ситиһиэххэ сөп.

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр быраграама Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2017 сылтан үлэтин саҕалаабыта диэн санатыахха сөп. Арассыыйаҕа бу бырагыраама  РФ Үбүн  министиэристибэтин өйөбүлүнэн, Аан дойдутааҕы баан сүбэтинэн, көмөтүнэн 63 эрэгийиэҥҥэ үлэлиир.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бу бырагырааманан үлэни-хамнаһы  2017 сыллаахтан саҕалаабыта. Онтон ыла хас биирдии бөһүөлэк, куорат көхтөөх кыттыыны ылан нэһилиэнньэ баҕатын олоххо киллэрэр. Пилотнай бырайыакка биэс  улуус кыттыбыта, ол иһигэр  Чурапчы, Хаҥалас,  Үөһээ Бүлүү, Уус  Алдан уонна Жатай бөһүөлэгэ.

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама Бүтүн аан дойдутааҕы баан (Всемирный банк) бырагыраамата буолар. Аан дойдутааҕы баан олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагырааматын салайааччыта Иван Шульга: “Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагырааманан, Саха сирэ Арассыыйаҕа мөккүөрэ суох бастыҥ эрэгийиэннэр истэригэр киирэр”, — диэн бэлиэтээн эппиттээх.

Бу курдук Сахабыт сиригэр араас тутуулар киирэннэр, олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан нэһилиэнньэ бүттүүн куоластааһынынан улуустар, нэһилиэктэр тупсаллар. Олохтоохтор кыһалҕаларын быһааран, баҕа санааларын олоххо киллэрэн олорор усулуобуйаларын тупсараллар.

Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама тыа сирин сайдыытыгар улахан көмөлөөх.  Маны нэһилиэнньэ табатык өйдөөн нэһилиэктэр дьаһалталара ыытар үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттар, санаатын тириэрдэр.

Бырагыраамаҕа киирбит бырайыак кыттыгас үбүлээһин суотугар толоруллар, ол иһигэр үбүлээһин сорох бырыһыана нэһилиэнньэттэн хомуллар. Онон дьон туруорсар боппуруоһа олоххо киириитигэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэллэр.

Валентина Кривошапкина,

Таатта, Харбалаах

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04