Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -27 oC

Алампа... «Алампа» диэн тыл хас биирдии саха кулгааҕар бэйэтэ муусука буолан лыҥкынаан, кутуллан киирэр. Алампа – төрөөбүт норуокка, дойдуга муҥура суох таптал туоһута, бэйэни харыстаммат бэриниилээх үтүө холобура, саха киһитин үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыытын көҕүлүүр, номоххо кубулуйбут үтүө аат. «Саха омугун дууһатын ымыыта», «атаҕастаммыт аанньал»,  «таҥара буолбут киһи, киһи буолбут таҥара» – ити барыта киниэхэ норуот иҥэрбит ааттара.

Алампа... «Алампа» диэн тыл хас биирдии саха кулгааҕар бэйэтэ муусука буолан лыҥкынаан, кутуллан киирэр. Алампа – төрөөбүт норуокка, дойдуга муҥура суох таптал туоһута, бэйэни харыстаммат бэриниилээх үтүө холобура, саха киһитин үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыытын көҕүлүүр, номоххо кубулуйбут үтүө аат. «Саха омугун дууһатын ымыыта», «атаҕастаммыт аанньал»,  «таҥара буолбут киһи, киһи буолбут таҥара» – ити барыта киниэхэ норуот иҥэрбит ааттара.

Саха дьоно сэтинньи 14 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 138 сылын бэлиэтээтэ. Бу кэрэ-бэлиэ күнү көрсө өрөспүүбүлүкэҕэ «АЛАМПА» уопсастыбаннай бириэмийэ туттарыллар. Бириэмийэни алтыс төгүлүн туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ Национальнай уус-уран түмэлгэ ыытылынна.

-- «Алампа» бириэмийэни айар аймах түмсүүтүн аатыттан, айар интэлигиэнсийэ бэйэтэ аныыр. Онон норуот көҕүлээһининэн, дьиҥ кырдьыктаах бириэмийэ буолар. Алампа айымньылара норуот кутугар-сүрүгэр бааллар. Алампа тыллара тыгар тыыннаахтар, кинини куруук аттыбытыгар баар курдук саныыбын, -- диэн Дархан сүбэһитэ, РФ уонна СӨ норуодунай артыыһа Андрей Борисов эттэ.

Дьоро киэһэни талааннаах артыыстарбыт Роман Дорофеев уонна Лена Маркова иилээн-саҕалаан ыыттылар. П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын эдэр артыыстара Алампа «Таптал» пьесатыттан быһа тардан, оонньоон көрдөрдүлэр. Сүрүн оруоллары Григорий Иванов уонна Нарыйа Колесова толордулар. Ону таһынан, Алампа хоһооннорун ааҕан, ырыаларын ыллаан, дьоро киэһэни киэргэттилэр. Дьоро киэһэни тыыннаах муусука доҕуһуоллаата. Кэрэ киэһэҕэ өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр» диэн норуот кутун туппут ырыатын киһи эрэ дууһатын долгутуох истиҥник толордо.

a8fb4681 574b 4c23 ab5a 1d5f4ed09a37

Норуот билиниитэ

Бириэмийэ сүрүн сыалынан Арассыыйа уонна аан дойду, ону тэҥэ саха классикалыы литэрэтиирэтин уонна ускуустубатын үгэстэригэр сөп түбэһэр уонна байытар уус-уран айымньылары, үлэлэри айар талааннаах ааптардары булуу итиэннэ биһирээһин буолар.

Статуэткалары, үгэс быһыытынан, скульптор Николай Чоччасов айан, дьүһүйэн, чочуйан оҥорбут. Быйылгы кыайыылаахтарга статуэткалары урукку сыллардаах кыайыылаахтар туттардылар. Бырааһынньыктыы киэркэйбит саалаҕа айар куттаах култуура, ускуустуба диэйэтэллэрэ биир-биир кыайыылаахтары ааттаталаатылар. Ол курдук, 2024 сыллаах кыайыылаахтар:

«Өрөгөйдөөх өйөөччү» -- «Якутцемент» ААУо генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Алиш Мамедов.

«Уран тыл» -- бэйиэт Ангелина Шадринова-Суоһааны.

«Дэгиттэр режиссер» -- Александр Титигиров.

«Дархан ойууһут» -- скульптор Николай Чоччасов.

«Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» -- режиссер Алексей Романов.

«Идэтигэр сүдү бэриниилээх» -- Литература түмэлин үлэһитэ Ефросинья Ноговицына.

«Чаҕылхай артыыс» -- Гаврил Менкяров.

«Чаҕылхай артыыска» – тыйаатыр артыыһа Ирина Никифорова.

«Суруйааччы» – прозаик Данил Макеев.

«Ырыа айааччы» – Степан Васильев.

Хайдах төрүттэммитэй?

АЛАМПА ААТ (айар аймах түмсүүтэ) 2018 сыллаахха ахсынньыга тэриллибитэ. Бастакы тэрээһин П.А. Ойуунускай аатынан Литература түмэлигэр олунньу ыйын 1 күнүгэр буолбута. Бу күн Алампа аатын үйэтитэр уонна ускуустуба араас эйгэтин талааннаах дьонун бэлиэтиир соруктаах, Алампа аатынан норуот бириэмийэтэ төрүттэммитэ.

Сыл ахсын сэтинньи 14 күнүгэр, Алампа төрөөбүт күнүгэр, саха уус-уран литэрэтиирэтин, бэчээтин төрүттэһээччи, прозаик, драматург, поэт, тылбаасчыт, саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ, саха омук духуобунай лиидэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан бириэмийэни туттарыы тэриллэр буолбута.

Бу эмиэ туспа устуоруйалаах. 1935 сыл алтынньы 22 күнүгэр Анемподист Иванович Саха Сиринээҕи сэбиэскэй суруйааччылар сойуустарыгар туһаайбыт кэриэс суругар литературнай нэһилиэстибэтиттэн киирбит үптэн сахалыы суруллубут бастыҥ драматическай айымньыга кини аатынан бириэмийэ олохтонуохтааҕа ыйыллар. Бу кэриэс суругу XXI-с үйэ эдэр интэлигиэнсийэтэ, чуолаан «Алампа» айар аймах түмсүүтэ олоххо киллэрэр, үйэлээх үгэскэ кубулуйда.

Бу бириэмийэ, Саха Сирин бары айар сойуустарын, түмсүүлэрин — суруйааччылары, худуоһунньуктары, киинэ, тыйаатыр үлэһиттэрин, муусука айааччылары сомоҕолуур, холбуур бириэмийэ буолар.

Алампалыыр убайбыт, ахтарга көҥүллээ

Кылгастык кэпсиир буоллахха, Алампа Боотур Уус улууһугар (билиҥҥитэ Таатта улууһа) сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Ийэтэ суох улааппыт. Түөрт кылаастаах таҥара дьиэтин оскуолатын иккис кылааһын бүтэрбит. 1907 сыллаахха «Якутский край» хаһыакка наборщигынан үлэҕэ киирбит. Онтон Кирилэ Дабыыдап диэн үөрэҕэ суох балыксыт, балыгынан эргинэр киһиэхэ суруксутунан үлэлээбит. «Саха саҥата» сурунаалга үлэлээбит, 1912 сыллаахха «Төрөөбүт дойдум» диэн аатырбыт хоһооно бэчээттэммит.

Олоҕун устата талааннаах драматург быһыытынан биллибитэ, кини драмалара саха тыйаатыра олохтоноругар улахан төһүү буолбуттара, «Дьадаҥы Дьаакып» (1914), «Таптал» (1916) пьесалара киэҥник биллибиттэрэ. Тылбаасчыт быһыытынан эмиэ биллибит киһи. «Манчаары» диэн ааттаах саха бастакы хаһыатын бастакы эрэдээктэрэ. «Чолбон» сурунаал уонна Саха тыйаатырын бастакы салайааччытынан үлэлээбитэ. Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтигэр дьокутаатынан талылла сылдьыбыта.

2012 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов-Алампа көмүс уҥуоҕа, Таатта улууһун олохтоохторун уонна аймахтарын көрдөһүүлэринэн, Ытык Күөлгэ Хадаайы диэн сиргэ иккистээн көмүллүбүтэ.

150 ырыа уонна хоһоон ааптардара. Кэпсээннэрэ билиҥҥэ диэри саха литературатыгар холобур буола сылдьаллар.

Аата ааттаннын

Тус бэйэм Алампа – биир саамай сөбүлүүр бэйиэтим, суруйааччым. Алампа Софронов саныыр санаатын, олоҕу көрүүтүн ордук толорутук поэзиятыгар көрдөрбүтэ, саха киһитин айылгытын арыйбыта, кини уустук олоҕун эгэлгэлээн, дьүһүннээн эппитэ. Сүрэҕи ууллара уйадытар, дууһаны ытатар-ыллатар истиҥ-иһирэх айымньыларынан саха поэзиятыгар бастакынан лиирикэни киллэрбитэ. Кини аан маҥнайгынан саха поэзиятыгар дьахтары үрдүк кэрдиискэ таһаарбыт, таҥара оҥостон үҥпүт-сүктүбүт бэйиэт буолар.

Норуотун туһугар олоҕун толук уурбут улуу Анемподист Иванович Софронов-Алампа айар үлэтэ, саха култууратыгар, ускуустубатыгар киллэрбит кылаата, кини кэриэс тыла аныгы кэмҥэ саҥа ааттары, талааннары арыйа турарыттан киһи сөҕөр-махтайар.

Бириэмийэ кыайыылаахтарын ситиһиилэринэн киэн туттабыт, итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Иван Петров хаартыскаҕа түһэриилэрэ

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

“Көмүлүөктэр” көхтөөхтөр

Дьокуускай куорат Октябрьскайдааҕы уокуругар “Көмүлүөк” диэн бэтэрээннэр кулууптара…
21.11.24 12:29