Национальнай бибилэтиэкэҕэ баар салааҕа оҕолор көмөлөһө кэлбиттэрин түмсүү салайааччыта Тамара Попова үөрэ-көтө көрүстэ. Оҕолорго түмсүү туһунан билиһиннэрдэ, ол кэнниттэн икки бөлөҕүнэн арааран үлэлэттэ. Уолаттар хаххалыыр илими баайдылар, кыргыттар саалаҕа киирэн, сахалыы харысхаллары оҥордулар. Уолаттар тарбахтара сылайыар диэри илими баайыы албастарыгар үөрэннилэр, «ыарахан эбит», -- диэтэллэр да, бэркэ кыһаллан үлэлээтилэр, кыргыттар дьоҕурдаахтара тута көһүннэ, олус үөрүйэхтик туттан-хаптан харысхалларын оҥордулар.
Бу кимнээх буолалларын, ханнык оскуолаларын, туох санааттан волонтердарга кэлбиттэрин туоһуластым.
Саха тылын учуутала, 10 «б» кылаас салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕиритин туйгуна Марианна Федорова кэпсииринэн, оҕолор гуманитарнай хайысхалаах нуучча кылааһыгар үөрэнэллэр эбит. Кыайыы туһугар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрээри көмөлөһө кэлбиттэр.
-- Маннык алтыһыы иитиигэ суолтата улахан. Кылааспытыгар Анал байыаннай дьайыыга сылдьар аҕалаах оҕолоохпут. Онон бу тиэмэ биһиэхэ чугас, оҕолор аҕаларбыт, убайдарбыт эйэлээх олох туһугар туруулаһаллар диэн өйдүүллэр. Хаххалыыр илими өрөөччүлэргэ бастакы сырыыбытын кэллибит. Волонтердар тустарынан төрөппүт Натали Иванова кэпсээбитэ, онон түмсүү туохха аналлааҕын, тугу гыналларын эрдэттэн билсибиппит. Федор Попов сахалартан маҥнайгы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа. Бастаан, 1973 с., кини аатын пионер дружинатыгар иҥэрбиттэрэ, 2000 сылтан оскуола кини аатын сүкпүтэ. Онон оҕолору патриоттуу өйгө-санааҕа, тыыҥҥа иитии оскуолабыт үлэтин сүрүн хайысхата буолар. Холобур, строевой ырыа көрүүтэ, патриоттуу ырыа куонкуруһа, АБДь кыттыылаахтарын кытта көрсүһүү, «Эдэр армеецтар» уонна «Бастакылар хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕолор, ыччаттар патриоттуу уопсастыбаннай хамсааһыннарынан дьаһаллар, кылаас чаастара, араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллалар, -- диэтэ Марианна Федорова.
Саргылаана Данилова: «Бүгүн учууталбытын кытта 15 оҕо буолан кэлэн, хаххалыыр илими уонна харысхаллары оҥорорго көмөлөстүбүт. Илим тепловизионнай матырыйаалтан оҥоһуллар, ол иһин буойуттары харыстыыр аналлаах. Бэйэм Амма улууһун Сулҕаччытыттан төрүттээхпин. Онно сайын оҕолору кытта кулуупка мустан, хаххалыыр илими оҥорорго көмөлөспүппүт, онон илими баайары сатыыбын. Буойуттар санааларын көтөҕөн, саллааттарга сурук суруйан уонна харысхаллары оҥорон ыыппыппыт. Анал байыаннай дьайыыга Саха Сириттэн элбэх киһи барбыта, биһиги кинилэргэ көмөлөһөргө сэмэй кылааппытын киллэрэбит».
Далан Иванов: "Хаххалыыр илими хайдах оҥороллорун көрдүбүт, баайарга үөрэннибит. Волонтердар үлэлэрэ ыарахан, онон кинилэргэ көмө наада эбит диэн өйдөөтүм. Биһиги кылааспыт, оскуолабыт иһинэн ыытыллар патриоттуу тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. Дойдубут устуоруйатын, өрөспүүбүлүкэбит төрүт олохтоох норуоттарын култууратын, олохторун-дьаһахтарын үөрэтэбит, «Дьоһуннааҕы сэһэргэһии» уруоктара буолаллар, хас бэнидиэнньик аайы Өрөгөй ырыатын ыллыыбыт, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ туһунан киинэлэри көрөбүт. Бэйэм саастыылаахтарбар туһаайан этиэм этэ: хас биирдии оҕо иллэҥ кэмигэр волонтердарга көмөлөһүөн сөп. Бу олус наадалаах, туһалаах дьарык. Көмөлөһүҥ, дойдугут патриоттара буолуҥ, ханнык да түгэҥҥэ толлубат, бэриммэт санааланыҥ».
Дойду үрдүнэн быһыы-майгы сытыырхайан турар кэмигэр, бу курдук, эдэрдиин-эмэнниин биир санаанан салайтаран, Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар күүс-көмө буоларбыт Кыайыыны чугаһатар.
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ
- 4
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0