Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Бу сыл алтынньытыгар нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһэ ыытыллыахтаах этэ. Ол, биллэр биричиинэнэн, РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан 2021 сыл муус устарга көһөрүллэн бэриллибитэ. Сахабыт сирэ уустук тырааныспар схемалааҕынан, тиийэргэ-түгэнэргэ ыарахан суоллааҕынан-иистээҕинэн биллэр, онон биэрэпис биһиэхэ олунньу ыйтан саҕаланара сабаҕаланар.

Бу сыл алтынньытыгар нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһэ ыытыллыахтаах этэ. Ол, биллэр биричиинэнэн, РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕынан 2021 сыл муус устарга көһөрүллэн бэриллибитэ. Сахабыт сирэ уустук тырааныспар схемалааҕынан, тиийэргэ-түгэнэргэ ыарахан суоллааҕынан-иистээҕинэн биллэр, онон биэрэпис биһиэхэ олунньу ыйтан саҕаланара сабаҕаланар.

Бу иннинээҕи нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 2010 сылга ыытыллан турар, биэрэпис сокуонунан 10-нуу сыл буола-буола ыытыллыахтаах. Бу биэрэпис уруккулартан уратыта диэн, сыыппара технологияны киэҥник туһаныы буолуоҕа. Судаарыстыбаннай өҥөлөр нөҥүө интэриниэт-биэрэпис ыытыллыаҕа. Биэрэпиһи ыытааччылар планшеттары туһаныахтара. Биэрэпис стационарнай учаастактара үлэлиэхтэрэ. Волонтердар кыттыахтара.

Муус устар 1 күнүттэн 22-гэр диэри интэриниэт-биэрэпис күүскэ үлэлээн, онтон биэрэпистээччилэр миэстэлэргэ тиийтэлээн, ыйыллыбыт болдьоххо үлэ түмүктэниэхтээх.

— Биэрэпистэн аккаастанааччылар, боппуруостарга эппиэттииртэн батынааччылар баар буолаллар, — диир Сахастат тэрилтэ нэһилиэнньэ олоҕун таһымын чинчийэр отделын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Беляшова.

перепись фото копия

– Оччотугар информацияны дьаһалта­лартан ылабыт. Муус устар 1 күнүгэр төрөөбүт оҕо, өлбүт киһи биэрэпистээһининэн хабыллаллар. Оҕо 15 сааһыттан боппуруостарга эппиэттиир бырааптаах. Биэрэпис барыллаан түмүктэрэ 2021 сыл алтынньытыгар, оттон толору түмүктэрэ 2022 сыл устата таһаарыллыаҕа.

Биэрэпис ыйытыыларыгар киһи сааһын, дьахтарын-эр киһитин, омугун, эр-ойох буолуу, үөрэҕин(маныаха бакалавриат, магистратура ыйыллар),  ханнык тыллары билэрэ, күннээҕи олоҕор-дьаһаҕар төһө туттара, ханна үлэлиирэ, үлэтин миэстэтэ ханна баара, олоҕу олороругар туттар источниктара (маныаха кээмэйэ ыйыллыбат, дөкүмүөннэр ирдэммэттэр), олорор усулуобуйа туһунан боппуруоска киһи интэриниэттээҕин туһунан ыйытыы эбилиннэ. Сүнньүнэн 23 ыйытыы бэриллэр, ис хоһоонугар уларыйыы суоҕун кэриэтэ.

Нэһилиэнньэ национальнай састаабын, дьиэ кэргэн туһунан, үөрэх, дьарыктаах буолуу, олорор усулуобуйа тустарынан информацияны биэрэпистэн эрэ ылыахха сөп.

Тыа хаһаайыстыбатын кыччыгый биэрэпиһэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыс­тыбатын биэрэпиһэ бэдэрээлинэй сокуонунан сүрүннэнэн, эмиэ уоннуу сыл буола-буола ыытыллар. Бу гынан баран, 5 сыл кэнниттэн ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын кыччыгый биэрэпиһэ диэн баар. 2016 сылга тыа хаһаайыстыбатыгар уон сыллаах биэрэпис ыытыллыбыт буоллаҕына, 2021 сыл атырдьах ыйыгар 5 сыллаах кыччыгый биэрэпис барыаҕа. Кыччыгый биэрэпиһинэн тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин 30% итэҕэһэ суоҕа хабыллыахтаах.

Бу 2021 сылга ыытыллыахтаах тыа хаһаайыстыбатын кыччыгый биэрэпиһин сыала-соруга: тыа хаһаайыстыбатыгар тахсыбыт устуруктуурунай уларыйыылар тустарынан официальнай статистическай информацияны ылыы. Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын категорияларынан сибидиэнньэлэри ылыы.  Биэрэпис икки ардынааҕы кэмҥэ нэһилиэнньэ чинчиллибэт сорҕотун кээпписийиэнин көннөрөн биэрии. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын сабаҕалааһыны ырытан оҥоруу. Тыа хаһаайыстыбатын көдьүүһүн үрдэтиигэ экэнэмиичэскэй дьайыы дьаһалларын ырытан оҥоруу.

Сахастат тыа хаһаайыстыбатыгар отделын начаалынньыгын солбуйааччы Надежда Макарова этэринэн, тыа хаһаайыстыбатын кыччыгый биэрэпиһин эбийиэктэринэн буолаллар, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ тыа хаһаайыстыбаннайа суох тэрилтэлэр көмө хаһаайыстыбаларын киллэрэн туран. Бааһынай (фермер) хаһаайыстыбалар уонна биирдэм предпринимателлэр. Кыраасданнар тус бэйэ көмө уонна атын биирдэм хаһаайыстыбалара. Кэммиэрчэскэйэ суох табаарыстыбалар.

2021  сыллааҕы кыччыгый биэрэпискэ тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тустарынан сибидиэнньэни хомуйууга, маннык көрүҥнээх биэрэпис лиистэрэ бигэргэммиттэр: №1 «Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин биэрэпистиир лиис.

  • №2 «Бааһынай (фермер) хаһаайыс­тыбалары уонна биирдэм предпринимателлэри биэрэпистиир лиис».
  • №3 «Кыраасданнар тус көмө  уонна атын биирдэм хаһаайыстыбаларын биэрэпистиир лиис».
  • №4 «Кыраасданнар саад, оҕуруот уонна атын кэммиэрчэскэйэ суох табаарыстыбаларын биэрэпистиир лиис.

Сахастат исписэлииһэ этэринэн, сибилиҥ­ҥи кэмҥэ тыа сирин нэһилиэнньэлээх пуун­нарыгар тус көмө хаһаайыстыбаны тэри­нэр, чааһынай олорор дьиэни туттар сыалынан сир учаастактардаах кыраасданнар испииһэктэрин чопчулааһын үлэтэ ыытыллар.

Итинэн сибээстээн, 2016 сыллааҕы Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбаннай биэрэпис түмүктэринэн оҥоһуллубут кыраасданнар испииһэктэрин  сыһыаран туран, быйыл сайын  муниципальнай улуустар баһылыктарыгар суруктар  ыытыллыбыттара.

Маны таһынан, балаҕан ыйыгар олохтоох салайыныы уорганнарыгар алтынньы ый 1 күнүгэр диэри муниципальнай тэрээһиннэргэ тыа хаһаайыстыбатын кыччыгый биэрэпиһин ыытыыга хамыыһыйаны тэрийэр туһунан, муниципальнай тэрээһиннэр сирдэригэр-уоттарыгар олорор сиринэн туһанааччылар тустарынан ФСГС уорганнарын сибидиэнньэлэринэн хааччыйалларыгар сүбэлэннэ.

Дьоҕус уонна орто урбаан субьектарын үлэлэрин-хамнастарын кэлим бэдэрээлинэй статистическай кэтээн көрүү

Дьоҕус уонна орто урбаан субьектарын үлэлэрин-хамнастарын кэлим бэдэрээлинэй статистическай кэтээн көрүү – бу табаары оҥорон таһаарыыга (үлэ, өҥө), дьарыктаах буолууга уонна үлэ төлөбүрүгэр, үп-харчы туругар сүрүн экэнэмиичэскэй көрдөрүүлэр хомуурдарын  статистическай чинчийии буолар. Кэлим кэтээн көрүү кэмиттэн кэмигэр Арассыыйа сиригэр-уотугар бүттүүнүгэр ыытыллар. Онуоха «РФ-га дьоҕус уонна орто предпринимательствоны сайыннарыы туһунан» бэдэрээлинэй сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, официальнай статистическай информацияны ылар сыалынан биир кэлим статистическай методологияны туһаныллар.

перепись фото 3

Кэлим кэтээн көрүү сыалынан дьоҕус уонна орто урбаан хаһаайынныыр субьектарын экэнэмиичэскэй үлэлэрин-хамнастарын характарыыстыкалааһын уонна ол түмүгэр официальнай статистическай информацияны олохтооһун буолар.

— Дьоҕус биисинэс биэрэпиһин иннинэ 2021 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри отчуоттарын туттарыахтаахтар, - диир предприятиелар статистикаларын отделын начаалынньыга Марта Керемясова. – 2010 сыл түмүгүнэн 2011 сылга, 2015 сыл түмүгүнэн 2016 сылга биэрэпис барбыта уонна 2020 сыл түмүгүнэн 2021 сылга ыытыллыаҕа. Бу саҥа биэрэпис буолар. Былааҥкалары толорууга уларыйыы суох. Электроннай барыйаанынан «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» портал нөҥүө барыаҕа, онон кумааҕы олох аҕыйах буолуоҕа. Ол эрэн, электроннай көрүҥүнэн сатаан туһаммат дьоҥҥо кумааҕы син биир хаалыаҕа. Киһи эрэйдээхтик тиийэр-түгэнэр сирдэрэ бааллар. Олохтоох дьаһалталары кытта үлэлэһэбит.

10700 юридическай сирэй, 34 тыһ. биирдэм предприниматель баар. Биэрэпис ис хоһоонун дьон үчүгэйдик билбэт этэ, ол иһин информациялыыр үлэни күүскэ ыытабыт. Сахастат саайтыгар киирэн, наадыйар информацияҕын булуоххун, сиһилии билсиэххин сөп. Билигин почтаны кэтэһэр, күүтэр төрдүттэн наадата суох буолла. Урут дьоҕус тэрилтэни кытта бэйэбит үлэлэһэр этибит. Билигин нолуок сулууспатын реестригэр киирэн сылдьар тэрилтэлэр хабыллаллар. Орто биисинэс тэрилтэтэ отчуоттуура элбэх буолан хабыллыбат. Биһиги, статтар, нолуок сулууспатыгар туох да информацияны биэрбэппит, онон биһигиттэн сэрэхэдийэр наадата суох. Статистика дьоҕус биисинэс экэниэмикэ сайдыытыгар киллэрэр кылаатын чинчийэр сыаллаах.

Кэлим кэтээн көрүү эбийиэктэринэн буолаллар: дьоҕус уонна орто урбаан Биир уопсай реестрдэригэр турар юридическай сирэйдэр. Биирдэм урбаанньыттар Биир уопсай судаарыстыбаннай реестрдэригэр турар, юридическай сирэйи үөскэппэккэ эрэ предпринимательскай үлэнэн-хамнаһынан дьарыктанар физическэй сирэй. Бааһынай (фермер) хаһаайыстыбалар баһылыктара – биирдэм урбаанньыттар.

ЕРМСП уонна ЕГРИП хонтуруола уонна салайыыта Арассыыйа бэдэрээлинэй нолуокка сулууспатынан ыытыллар. Сибидиэнньэлэри  хомуйуу электроннай көрүҥүнэн уонна кумааҕынан толоруллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением