Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха Сирин идэлээх сойуустарын федерациятыгар Уһук Хоту олохтоохторун үлэҕэ бырааптарын уонна мэктиэлэрин көмүскэлигэр анаммыт билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ буолан ааста.

Саха Сирин идэлээх сойуустарын федерациятыгар Уһук Хоту олохтоохторун үлэҕэ бырааптарын уонна мэктиэлэрин көмүскэлигэр анаммыт билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ буолан ааста.


Идэлээх сойуустар федерацияларын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев кэпсэтиини саҕалыырыгар 2004 с. ылыллыбыт 122 №-дээх федеральнай сокуон хотугу мэктиэлэргэ үгүс хааччахтааһыны оҥорбутун, ол түмүгэр ыччат киин сирдэргэ талаһарын эттэ. Хотугу улуустарга ыччат олохсуйан үлэлиирин ситиһэр туһуттан 35-гэр диэри саастаах исписэлиистэргэ урукку сыллардаах чэпчэтиилэри сөргүтэр наада диэтэ.
Кэмпириэнсийэҕэ видео-сибээһинэн Арассыыйа тутулуга суох идэлээх сойуустарын федерациятыттан  бэрэссэдээтэли солбуйааччы Давид Кришталь, генсэбиэт хоту дойду олохтоохторун бырааптарыгар хамыыһыйатын салайааччы Александр Корчагин кытыннылар. Маннык тэрээһин дойду Бырабыыталыстыбатын кытары тирээн турар боппуруостары быһаарсарга тоҕоостоох былаһаакка буоларын бэлиэтээтилэр.

голомар

Ил Түмэн төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева Аартыка улуустарын уонна төрүт олохтох хотугу омуктар түөлбэлээн олорор сирдэрин нэһилиэнньэтин биэнсийэнэн хааччыйыы итиэннэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн көмүскээһин боппуруостарыгар маннык этиилэри киллэрдэ:
– Кырдьаҕаһынан уонна инбэлиитинэн биэнсийэҕэ тахсыыга биэнсийэ страховкалыыр чааһын тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит, тыа сиригэр олорор кыраасданнарга көрүллэр олохтоммут төлөбүр кээмэйиттэн 25 %-ынан үрдэтэргэ;
– Табаһыттар хоту дойду экстремальнай усулуобуйатыгар үлэлииллэрин уонна салааҕа каадыр тиийбэтин учуоттаан, биэнсийэҕэ тахсан баран үлэлии сылдьар табаһыттарга тыа сиригэр үлэлээбит ыстаас иһин көрүллэр эбиилиги олохтоммут кээмэйтэн 25 %-ынан үрдэтэр үлэни ыытарга;
– Уһук Хоту олорор, үлэлиир усулуобуйа ыараханын уонна төрүт олохтоох омуктар олохторун уһуна кылгаан иһэрин учуоттаан, тыа хаһаайыстыбатыгар 20 сыл (30 сыл оннугар) үлэлээбит биэнсийэлээхтэр (табаһыттар, балыксыттар, булчуттар) биэнсийэлэригэр эбилииги аныыр итиэннэ ону биэнсийэ страховкалыыр чааһыгар олохтоммут кээмэйинэн үрдэтэр үлэни ыытарга;
– Биэнсийэ страховкалыыр чааһыгар олохтоммут кээмэйи үрдэтэр идэлэр, дуоһунастар кэрискэлэригэр табаһыттары уонна булчуттары киллэриэххэ (кинилэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһитин ахсааныгар киллэриллибиттэрэ эрээри, ити кэрискэҕэ суохтар).
Кэмпириэнсийэҕэ киирбит этиилэр өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уонна үлэ-социальнай сыһыаннаһыылары сүрүннүүр үс өрүттээх хамыыһыйа социальнай салаатыгар учуокка ылыллыахтара. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-киинэ иһитиннэрэр.
Хаартыска: Ил Түмэн саайта.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0