Сэтинньи 6 күнүнээҕи Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев социальнай ситимнэринэн быһа эпииригэр элбэх киһи ити боппуруоһу көтөхтө. Дьон үксэ ханнык тырааныспар көрүҥэр нолуок үрдүүрүн чуолкайдаста.
Саха сирэ Арассыыйа үрдүнэн тырааныспарга саамай намыһах нолуоктаах үс эрэгийиэн ахсааныгар киирэр. Тырааныспар нолуога өрөспүүбүлүкэҕэ бүтэһигин 2010 сыллаахха үрдээбитэ биллэр. Онтон ыла солкуобай да үрдүү илик.
Саҥа сокуон бырайыагынан, нолуок үрдээһинэ аччыгый литражтаах массыыналары таарыйбат. Ол оннугар 200-тэн үрдүк ат күүстээх мотуордаах тырааныспарга нолуок 2 төгүл үрдүүрэ этиллэр.
Ол курдук, 200-250 ат күүстээх массыыналаах дьон хас биирдии ат күүһүн иһин 60 солк, оттон 250 уонна онтон үөһэҕэ – 120 солк төлүөхтэрэ. Инньэ гынан нолуок үрдээһинэ өрөспүүбүлүкэ сиринэн тырааныспарын 5 % таарыйыаҕа.
Бу нолуоктан киирбит үп-харчы (сыллата 190 мөл. солк.) Суол пуондатыгар барыаҕа. Манан 9,5 км усталаах суолу өрөмүөннүөххэ эбэтэр 3,8 км усталаах саҥа буор суолу оҥоруохха сөп.
Санатан эттэххэ, Аартыка улуустарын олохтоохторо, инбэлииттэр уонна инбэлиит оҕолоох ыаллар тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор. Ону таһынан, элбэх оҕолоох ыаллары уонна күөх төлөҥҥө көспүт массыыналары нолуоктан босхолуурга эмиэ этии киирэн турар.
Саҥа нолуок 2022 сыл сэтинньи ыйыттан төлөнүөҕэ.
СӨ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0