Өрөспүүбүлүкэ сокуонун тустаах кэмитиэт 2013 сыл ахсынньы 5 күнүгэр 171-с №-дээх федеральнай сокуоҥҥа («О государственном регулировании производства и оборота этилового спирта, алкогольной и спиртосодержащей продукции и об ограничении потребления (распития) алкогольной продукции») сөп түбэһэр гына оҥорбута.
Сокуоҥҥа уларытыыны киллэрэр бырайыакка элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр аттыларыгар баар уопсастыбаннай аһы-үөлү тэрийэр тэрилтэлэргэ аһыы утаҕы атыылыыры бобор туһунан этиллэр. Бу уларытыы олохтоохтор туруорсууларынан киирэр. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн чугас турар баҥкыаттыыр саалаларга, кафеларга сылдьар дьон түүн айдааран, дьону утуппаттара өрүү баар дьыала. Биллэрин курдук, нэһилиэнньэ саҥа тутуллубут дьиэлэр аллараа этээстэригэр кафелар, бардар, аһыы утаҕынан эргинэр маҕаһыыннар аһыллан үлэлииллэрин адьас утарар, сөбүлээбэт. Итинник хабааннаах маҕаһыыннар аттыларыгар өрүү айдааннаах, түүннэри-күнүстэри кэлиилээх-барыылаах буолар. Сокуон барылын кытта Ил Түмэн парламенын анал сайтыгар киирэн, «Сокуон бырайыактарын уопсастыбаннай дьүүллэһии” (раздел «Общественное обсуждение законопроектов») диэн түһүмэххэ киирэн билсиэххитин сөп. Итини тэҥэ, бэйэҕит тус санааҕытын ити түһүмэххэ киирэн суруйуоххутун эбэтэр Дьокуускай куорат, Ярославскай уулусса 24/1 аадырыска 206 кэбиниэккэ уонна Адрес электронной почты защищен от спам-ботов. Для просмотра адреса в вашем браузере должен быть включен Javascript.. диэн электроннай аадырыска суругунан ыытар кыахтааххыт. Сурукка араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын, дуоһунаскытын, аадырыскытын уонна төлөпүөҥҥүт нүөмэрин ыйаргытын умнумаҥ. Нэһилиэнньэ санаатын истии 2021 сыл кулун тутар 20 күнүгэр диэри ыытыллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0