Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын «Арассыыйа Федерацията 2019 с. ахсынньы 7 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕар уларытыылары киллэрэр туһунан» 1347 №-дээх уурааҕын быһыытынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүттэн саҕалаан сэтинньи 14 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Санатан эттэххэ, бу биэрэпис былырыын буолуохтааҕа пандемиянан сибээстээн быйылгы сылга көһөрүллүбүтэ.

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын «Арассыыйа Федерацията 2019 с. ахсынньы 7 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕар уларытыылары киллэрэр туһунан» 1347 №-дээх уурааҕын быһыытынан, Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүттэн саҕалаан сэтинньи 14 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Санатан эттэххэ, бу биэрэпис былырыын буолуохтааҕа пандемиянан сибээстээн быйылгы сылга көһөрүллүбүтэ.

Бүтүн Арассыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин түмүгүнэн дойду нэһилиэнньэтин туругун туһунан чахчылар түмүллүөхтэрэ. Онно тирэҕирэн олох-дьаһах уйгутун уонна демография бэлиитикэтин тупсарарга туһаайыллар дьаһаллар былааннаныахтара, өйөбүл саҥа ырычаахтара оҥоһуллуохтара. Даҕатан эттэххэ, быйылгы Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ Аан дойду нэһилиэнньэтин биэрэпиһин биир сорҕото буолар. ХНТ чахчытынан, билигин нэһилиэнньэ биэрэпиһэ 80 судаарыстыбаҕа ыытылла турар.

Устуоруйа быыһын сэгэттэххэ

Нэһилиэнньэ ахсаанын туһунан сибидиэнньэни хомуйуу үгэһэ былыргыттан баара биллэр. Бу чахчылар судаарыстыбаны салайарга тирэх буолаллара, чуолаан түһээни хомуйарга итиэннэ сэрии буолар түгэнигэр төһө киһилээх аармыйа хомуллуон сөбүн быһаарарга наадалара.

Аан дойду муудараһа түмүллүбүт ытык кинигэтигэр, Биибилийэҕэ, Египет кулуттааһыныттан тахсаат, Моисей дьэбириэйдэргэ биэрэпис ыыппыта кэпсэнэр (Моисей биһиги эрабыт иннинэ 1300 сыллаахха олорбута). Былыргы Римҥэ хас биирдии гражданин цензорга аатын-суолун, сааһын уонна дьиэ кэргэнин, бас билэр баайын-дуолун туһунан хайаан да суруйтарар эбит. Август император нэһилиэнньэни биэрэпистииргэ ыйаах таһаарбытыгар, Мариялаах Иосиф биэрэпистэнэр сирдэригэр Иерусалимҥа (оччолорго Рим империятыгар киирэрэ) айаннаан иһэннэр, Вифлеемҥэ Иисуһу төрөппүттэр.

Нуучча сиригэр нэһилиэнньэ ахсаанын туһунан чахчылары биирдиилээн бойобуодалар, кинээстэр хомуйтарар эбиттэр. Нэһилиэнньэ биэрэпиһин аан бастаан XIII үйэҕэ монгуоллар ыыппыттар. Ол курдук, Киевскэй Руська 1245, Новгород сиригэр 1273 с. нэһилиэнньэ ахсаана суруллубутун туһунан летопистар кэпсииллэр. Кэлин, дойду биир сомоҕо буолбутун кэннэ, биэрэпис кэмиттэн кэмигэр тэриллэр буолбут. Саха сирэ ол биэрэпистэргэ эмиэ хабыллыбытын учуонайдар уонна кыраайы үөрэтээччилэр Национальнай архыыпка хараллан сытар дьаһаахтар испииһэктэринэн, “ревизскэй сказкаларынан” билэр буолуохтаахтар.

Атаҕар туран эрэр Сэбиэскэй былаас сайдыы тосхолун ылынарыгар туох ханнык иннинэ дойду социальнай-экэнэмиичэскэй туругун билэрэ наада этэ. Ол иһин, нэһилиэнньэ бастакы биэрэпиһэ 1920 сыллаахха Бүтүн Арассыыйа таһымынан, сорох уобаластарга гражданскай сэрии бара турар кэмигэр буолбута. ССРС тэриллибитин кэнниттэн Бүтүн Сойуустааҕы биэрэпистэр 1926, 1937, 1939, 1959, 1970, 1979, 1989 сс. ыытыллыбыттара. 1937 сыл бүтүүтүгэр ыытыллыбыт биэрэпис түмүгэ көһүтүллүбэтэх чахчылары көрдөрбүт: нэһилиэнньэ ахсаана барылламмыт 172 мөл. оннугар 164 мөл. буолбут, ону таһынан дойду олохтоохторун аҥаара таҥараны итэҕэйэр эбит! Табыгаһа суох биэрэпиһи тэрийээччилэр “норуот өстөөҕө” аатырбыттар, биэрэпис 1939 с. хаттаан оҥоһуллубут.

Национальнай бырайыактары саҕан

Саҥа Арассыыйа нэһилиэнньэтин маҥнайгы биэрэпиһэ 2002 с. ыытыллыбыта. Дойду нэһилиэнньэтин ахсаана 145,6 мөлүйүөн киһи буолара быһаарыллыбыта (1989 с. биэрэпискэ Сэбиэскэй Сойуус нэһилиэнньэтин ахсаана 286,7 мөл., ол иһигэр РСФСР нэһилиэнньэтин ахсаана 147,4 мөл. этэ). Баара-суоҕа 13 сыл иһигэр бас билии көрүҥэ төрдүттэн уларыйан, нэһилиэнньэ ахсаана икки мөлүйүөн киһинэн көҕүрээн, демография бэлиитикэтэ сытыырхайбыта, собуоттар-фабрикалар, сопхуостар эстэннэр, күөгэйэр күнүгэр сылдьар дьон халыҥ халҕаһата үлэтэ суох хаалбыта, кыаммат, инбэлиит ахсаана элбээбитэ, быһата, олох-дьаһах биллэрдик ыараабыта көстүбүтэ.

Бу чахчыларга тирэҕирэн, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй бэлиитикэтин салаалара чопчуламмыттара. Олох таһымын үрдэтэр инниттэн болҕомто ордук чуолаан доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, биэнсийэнэн хааччыйыы, олорор дьиэни-уоту тутуу, суолу-ииһи оҥоруу, үлэни-хамнаһы тэрийии, уо.д.а. курдук социальнай уонна экэнэмиичэскэй боппуруостары быһаарыыга туһуламмыта. Ол түмүгэр 2007 с. “Доруобуйа”, “Үөрэхтээһин”, “Олорор дьиэ-уот” уонна “АПК-ны сайыннарыы” национальнай бырайыактарынан улахан хамсааһын саҕаламмыта. Бу үлэ салгыы ыытыллара наадатын 2010 с. Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин түмүгэ чиҥэтэн биэрбитэ. Бу биэрэпис дойдуга 143 мөл. 436 тыһ. киһи, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 958 тыһ. 528 киһи олорорун көрдөрбүтэ.

Быйылгы биэрэпис уратылара

Бүтүн Арассыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ алтынньы 15 күнүттэн саҕалаан, сэтинньи 14 күнүгэр диэри ыытыллар, ол эрээри ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарга өссө кыһыҥҥы суолу баттаһа саҕаламмыта.

– Онон муус устарга аҕыс хотугу улууска, от ыйыгар Өлүөхүмэ улууһун, атырдьах ыйыгар Алдан, Өймөкөөн уонна Уус Маайа улуустарын кытыы нэһилиэктэригэр ыытыллыбыта, – диир Статистика управлениетын Саха сиринээҕи салаатын эппиэттээх исписэлииһэ Мария Деляшова. – Онон билигин 17 улуус ыраах нэһилиэктэригэр биэрэпис түмүктэнэн эрэр.

Быйылгы биэрэпис иккис уратытынан, пандемиянан сибээстээн харыстыыр дьаһал быһыытынан, дойду олохтоохторо судаарыстыба өҥөтүн порталыгар (Gosuslugi.ru) киирэн сыыппаранан уонна QR-куоду ылан, биэрэпис илииһин бэйэлэригэр уонна дьиэ кэргэннэригэр электроннай көрүҥүнэн толоруулара буолуоҕа. Судаарыстыба өҥөтүн порталыгар биэрэпис илииһин алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 8 күнүгэр диэри толоруллар. Оттон дьиэлэринэн сылдьан биэрэпиһи оҥорооччулар анал бырагырааманан хааччыллыбыт планшеттары туһаныахтара.

Ыйытыктар

Былааҥкаларга киһи сааһын, туох кэргэннээҕин, омугун туһунан чахчылары таһынан төһө үөрэхтээҕин, ханнык омук тылын билэрин, ханна, туох дьиэҕэ-уокка олорорун, телекоммуникация ситиминэн төһө туһанарын туһунан ыйытыктар киирбиттэр.

Дьарык туһунан салааҕа киһи төһө харчыны өлөрөрө таарыйыллыбат, ол оннугар «хамнас», «бэйэ дьарыга», «биирдэм тэрилтэ» диэн чопчуланар, кэтэх хаһаайыстыба, истипиэндийэ, биэнсийэ, босуобуйа, патент, хас иитимньи баара ыйыллар. Онуоха туох да туоһулуур докумуон ирдэммэт, барыта киһи бэйэтэ этэринэн суруллар. Бу олорор дьиэҥ ким бас билиитэ буоларын, дохуотуҥ төһөнүтүн, пааспарыҥ дааннайын уо.д.а. курдук ыйытыы суох. Итинэн ханнык омуктар олороллоро, кинилэр төрөөбүт тылларын төһө билэллэрэ, ханнык омук тыла сайдара, ханнык сүтэн эрэрэ, нэһилиэнньэ үөрэҕин таһыма, хантан дохуоттанара, интэриниэтинэн уонна мобильнай сибээһинэн төһө туһанара, ыал хайдах (толору хааччыллыылаах биитэр хааччыллыыта суох, таас биитэр мас, элбэх кыбартыыралаах биитэр чааһынай) дьиэҕэ-уокка итиэннэ хас киһи буолан олороро барыта бэлиэтэниэҕэ.

Дьарыктаах буолуу ыйытыктара саҥардылынна. Үлэ миграциятын үөрэтэр сыалтан гражданин эрдэ ханна олорбутун туһунан уонна «Сүрүн үлэҥ ханна этэй?» диэн ыйытыктар киирбиттэр. Ити ыйытыыларынан дьон үлэни батыһан атын сирдэргэ (тыа сириттэн куоракка, куораттан тыаҕа, атын эрэгийиэннэргэ о.д.а.) төһө көһөрө быһаарыллыаҕа, баахтанан уонна дьыл кэмиттэн тутулуктаах үлэҕэ сылдьааччылар эмиэ учуоттаныахтара.

Миграннар эмиэ ааҕыллаллар

Атын дойдулартан үлэлии кэлбит дьоннор (миграннар) гражданстволарыттан тутулуга суох биэрэпискэ киирэллэр. Даҕатан эттэххэ, 2010 с. ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ дойду үрдүнэн 489 тыһ. мигрант олорорун көрдөрбүтэ.

Бу сырыыга кинилэр икки бөлөххө араарыллан ааҕыллыахтара: «бастайааннай олорооччулар» уонна «быстах кэмҥэ олорооччулар», ол эбэтэр кэлбиттэрэ биир сылын туола иликтэр диэн. Бастакы бөлөххө киирээччилэр Арассыыйа бары гражданнарын курдук, үөрэх, дьиэ кэргэн, сүрүн үлэ о.д.а. туһунан 23 ыйытыыга хоруйдуохтара. Быстах кэмҥэ олорооччуларга сэттэ (туох сыаллаах, төһө өр буола кэлбиттэрин туһунан) ыйытыы бэриллиэҕэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением