Аалай уоттаах сулуһа сырдыкка сирдиирэ
Мөлүйүөнүнэн ыччаты түмпүт, күргүөмнээх үлэҕэ көҕүлээбит, үрдүк ситиһиилэргэ кынаттаабыт ыччат тэрилтэтин ханнык да атын түмсүү солбуйбатын олох бэйэтэ көрдөрдө. Хомсомуол аатын сүгэ сылдьыбыт оччотооҕу көлүөнэ ыччат ЫБСЛКС үтүө тылынан ахтара оруннаах.
Эбии дохуот хаһааҥҥытааҕар да элбэх
Сыл бүтүүтэ маннык улахан суумалаах дохуот киирбитэ өтөрүнэн суоҕа. Бу 20 млрд солк. барыта чопчу хайысхаларынан тыырылынна диэн тоһоҕолоон этиэххэ наада. Улахан сууманы олох сөпкө туһанныбыт.
Саҥа сокуоннар — инникигэ хардыылар
Ил Түмэн XXX (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар олох-дьаһах араас эйгэтигэр сыһыаннаах сокуоннар барыллара көрүлүннүлэр.
Ыччат – норуот кэскилэ
Дойду бары хайысхаларынан сайдыытын, сүүһүнэн сыллар тухары мунньуммут баайын, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ситиспит ситиһиитин тутан хаалар, чиэстээхтик уонна эппиэтинэстээхтик иннин диэки дьулурутар ыччата, солбуга суох буоллаҕына кэхтэр суолга киириэн сөп.
Сыраанап курдук туруулаһан, туруорсан
Хаҥалас улууһун дьокутааттарын мунньаҕа 1995 сыллаахха төрүттэммитэ. Билигин оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн IV, V уонна VI ыҥырыылаах мунньах дьокутаата Анатолий Антонов талыллан үлэлии сылдьар.
Сылгыттан төрүөҕү ылыы кистэлэҥэ
Ааспыт сыллар үлэҕэ үтүө үгэстэрэ умнуллуо суохтаахтар, бастыҥ уопут быһыытынан туһаныллыахтаахтар, итиэннэ аныгы технологиянан байытыллан, үлэ култууратын тупсарыахтаахтар, үрдүк көрдөрүүлэргэ сирдиэхтээхтэр.
Күннээҕи олохпут ымпыга-чымпыга
«Хаарбах дьиэттэн көһөрүү», «Чэпчэтиилээх ипотека» курдук араас бырагыраамалар үлэлээннэр, өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа дьиэлэр тутуллаллара тэтимирдэ. Бүгүн ааҕааччыларбыт ыйытыыларыгар госстройжилнадзор үлэһиттэрэ хоруйдууллар.
Сопхуос сайдыытыгар бары улахан өҥөлөөхтөр
Быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэринээринэй сулууспатын 90 сыла.
Уһулуччулар Уйбааҥҥа уһуйуллаллар
Ханнык баҕарар спортсмен ситиһиитэ тириэньэриттэн улахан тутулуктаах. Тириэньэр кинини эт-хаан эрэ өттүнэн күүстээх оҥорор буолбатах, өссө модун санаалаах, кыра аайы сынтарыйбат кытаанах майгылаах буоларыгар эмиэ эрчийэр.Ханнык баҕарар спортсмен ситиһиитэ тириэньэриттэн улахан тутулуктаах. Тириэньэр кинини эт-хаан эрэ өттүнэн күүстээх оҥорор буолбатах, өссө модун санаалаах, кыра аайы сынтарыйбат кытаанах майгылаах буоларыгар эмиэ эрчийэр. Бүгүн эһиэхэ Дыгын оонньууларын 7 төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа Иван Белолюбскай-Күүстээх Уйбааны тириэньэр быһыытынан билиһиннэрэбит.
Атын ыарыылартан сиэттэрэн «охсор»
Бүгүн Инсульт ыарыыны утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Онон сибээстээн сааһын тухары инсуллаабыт дьону эмтээбит Земфира Макаровна Кузьминалыын кэпсэтиибитин билиһиннэрэбит.
Олохтоох салайыныыны сайыннарар соруктааҕа
Ил Түмэн олохтоох салайыныы боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, 34-с №-дээх Халыма-Индигиир быыбардыыр уокуруктан Судаарыстыбаннай Мунньах V, VI ыҥырыыларын дьокутаата, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах гражданина Василий Александрович Местников орто дойду олоҕуттан туораабыта сарсын биир сылын туолар.
Сотуллубат хара бээтинэ
Алтынньы 30 күнүгэр бэлитиичэскэй репрессия сиэртибэлэрин кэриэстиибит. Репрессия туһунан Николай Егорович Винокуров-Урсуннуун ирэ-хоро кэпсэттибит. Николай Егорович этэринэн, Саха сиригэр репрессия үс эрэ долгуннаах буолбатах эбит. «Сэбиэскэй Сойуус былаһын тухары баара», – диир.
Хаппыыстаттан – ас арааһа!
Чурапчы Далбар Хотуна, биир бастыҥ оҕуруотчута Маарыйа Саабына бу күннэргэ хаппыыстатын тууһуу сылдьар. Биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларыгар сүбэлиир.
Ас-үөл сыаната тоҕо уонна төһө үрдээтэ?
Эт сыаната кэнники сылларга үүнэ-тэһиинэ суох үрдүүр, онон сотору кэминэн сүөһү да, сылгы да этэ «деликатес» буоларыгар тиийдэ.
Ытыктабыллаах ааҕааччыларбыт! Хаһыаты «Горпечать» киоскаларыттан атыылаһыаххытын уонна 2022 сыл бастакы аҥарыгар онлайн сурутан ылыаххытын сөп. Хаһыат сыаната удамыр: 1 зона - 995 солк., 2 зона - 1222 солк. Онлайн https://podpiska.pochta.ru/press/ПА508 сайтка мобильнай төлөпүөнүнэн киирэн сурутаҕыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0