Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Дьэ, чахчы айылҕаттан айдарыылаах эҥинэ бэйэлээх талааннаахтар баар эбит буоллахтарына,  олортон биирдэстэринэн, туох да мөккүөрэ суох ааспыт үйэ бүтүүтэ олорон, үлэлээн ааспыт ССРС доруобуйатын харыстабылын  туйгуна, икки «Бочуот Знага» уордьан, элбэх мэтээл хабалыардара, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, Саха сиригэр аан бастакынан иннэнэн эмтээһин ньыматын киллэрбит Семен Семенович Яковлев буолар диэтэхпинэ, сыыстарбат буолуохтаахпын.

Дьэ, чахчы айылҕаттан айдарыылаах эҥинэ бэйэлээх талааннаахтар баар эбит буоллахтарына,  олортон биирдэстэринэн, туох да мөккүөрэ суох ааспыт үйэ бүтүүтэ олорон, үлэлээн ааспыт ССРС доруобуйатын харыстабылын  туйгуна, икки «Бочуот Знага» уордьан, элбэх мэтээл хабалыардара, Сунтаар улууһун Бочуоттаах гражданина, Саха сиригэр аан бастакынан иннэнэн эмтээһин ньыматын киллэрбит Семен Семенович Яковлев буолар диэтэхпинэ, сыыстарбат буолуохтаахпын.

Кини олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан араас сурулунна, кэпсэннэ аҕай буолуо даҕаны, бу кэрэ киһи туһунан кэпсэл бүтэр уһуга суох дии саныыбын. Оттон норуокка үтүөнү оҥорбут киһи аата үйэлэргэ умнуллубат диэн буолар. Олох сокуонунан сылтан сыл көлүөнэ солбуллар. Ол үүнэр эдэр көлүөнэҕэ анаан биһиги кинилэр тустарынан, саатар, олохторун төгүрүк сылыгар түбэһиннэрэн ахта-саныы түһэн ааһар ытык иэспит буоллаҕа…

Семен Семенович Яковлев уруккунан Бутукай, билигин Сиэйэ нэһилиэгин Муоһааны күөлүн сыһыытын илин эҥээригэр 1910 сыллаахха от ыйын 26 күнүгэр дьадаҥы ыалга күн сирин көрбүтэ. Сиэйэ сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, 1932 сыллаахха Дьокуускайдааҕы эмп-томп техникумун суһаллык (экстренно) үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэннэ эдэр уолу тутатына кырса кыыл баайдаах Орто Халыма улууһугар ыыппыттара. Семен Яковлев бастаан балыыһа сэбиэдиссэйинэн, онтон үксүн кэрийэ сылдьан эмтиир биэлсэринэн үлэлээбитэ. Эдэр уол эриирдээх-мускуурдаах суоллаах-иистээх, хоһуун дьонноох, эриэккэс кэрэ айылҕалаах хоту дойдуну олус сөбүлээбитэ. Үлэ да ситиһиилээх этэ. Дэлэҕэ тыйыс, дьиппиэ майгылаах хоту сир дьоно биһиги уолбут үлэтин сөбүлээн, кэрэхсээн, махтанан «Дьикти уол», «Эриэккэс эмчит», «Эдэркээн барахсан» диэн ааттыахтара дуо! Туох да омуна суох, хаардаах Халыма дьоно биһиги уолбутун сайыһа хаалбыттара.

Яковлев Семен Семенович копия

 Хоту сиргэ үлэлиир болдьоҕо бүппүт биэлсэр Семен Яковлевы Саха сирин доруобуйатын харыстабылын наркома ситтиҥ-хоттуҥ, арыый киэҥ, улахан сиргэ дойдугар, Сунтаар улууһугар, тиийэн өссө күүскэ үлэлээ диэн сорудахтаан ыыппыта. Оччолорго салалта этиитэ диэн булгуруйбат булгуччулаах сорудах буоллаҕа. Уруттуу түһэн эттэххэ, Семен Семенович төрөөбүт Элгээйитигэр кэлэн олохсуйан, дьэ чахчы айымнылаахтык, хонноҕо аһыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Гиппократ андаҕарын туох да эҥкилэ суох чиэстээхтик толорбута.

Ол курдук, кини Элгээйигэ кэллэ кэлээт, бастакы акушерскай пууну, бастакы аптеканы  астарбыта. Сэллиги эмтиир балыыһаны олохтообута уонна онно өр сылларга дьаныһан туран таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини тутуу барарын сайдыы биир көрүҥүнэн сыаналыыра. Учаастактааҕы балыыһа кылаабынай бырааһын эбээһинэһин толорорун саҕана Элгээйигэ мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр үгүс тутуу ыытыллыбыта, саҥардыллыбыта. Семен Семенович ханна баҕарар үлэлиир кэлэктиибигэр нуучча омук бэрэстэбиитэллэрин кытта бэркэ тапсан үлэлиирэ. Кэлин кинилэри олус үтүө тылынан ахтара. Атын сиргэ букатын көһөн барбыт эбэтэр суох буолбут киһини амарахтык ахтыы эмиэ мээнэ киһиэхэ бэриллибэт хаачыстыба. Семен Семенович дьоҥҥо оннук олус иһирэх, амарах сыһыаннааҕа.

Семен Семенович үлэҕэ ситиһиилэригэр кини кэргэнин, олоҕун аргыһын, норуот үөрэҕириитин туйгунун Александра Спиридоновна Руфова аатын ааттаабат буолар кэрэгэй буолуо этэ. Ол биир туоһутунан, кинилэр 1954 сыллаахха «Руководство по современной Чжень-цзютерапии» диэн дуоктар Чжу Лянь иннэлээн эмтээһин ньыматын туһунан суруйбут кинигэтин нууччалыыттан сахалыы тылбаастаабыттарын оччолорго дьон-сэргэ олус сэҥээрбитэ, киэҥник туһаммыта биллэр.

Яковлевтар 5 оҕону төрөтөн, иитэн олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, Яковлевтар удьуор эмчит династиялар диэххэ сөп. Ол курдук, Семен Семенович төрөппүт кыыһа Клара Семеновна терапевт-быраас. Чугас балтылара Александра уонна Анастасия  Яковлевалар эмиэ эмчит идэлээхтэр. Кийииттэрэ, иннэлээһин, түөннээһин  ньыматыгар тойонуттан элбэххэ үөрэммит Анна Васильевна Дохунаева биһиги Сунтаарбыт дьонун доруобуйатын туһугар өр сылларга дьаныардаахтык үлэлээбит үрдүк категориялаах терапевт-быраас. Ол үтүөтэ-өҥөтө  сыаналанан,  киниэхэ бу соторутааҕыта Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Түгэнинэн туһанан, Анна Васильевнаны өссө төгүл эҕэрдэлиибит!

Улуу эмчит туһунан кылгас бэлиэтээ­һиммин Семен Семенович туһунан «Саха мындыр эмчитэ» диэн кинигэттэн быһа тардыынан түмүктүүбүн:

«Семен Семенович мындыр өйдөөх, үрдүк култууралаах, кырдьыга да, ханнык биэлсэр, көннөрү да быраас харах курдук уустук уоргаҥҥа эпэрээссийэ оҥоруой…  Академик Филатов үлэлэрин үөрэтэн баран, оройуоҥҥа аан бастакынан туттубута… Тириини олордууга… быста сыспыт илиини салҕаан, үлэлиир дьоҕурдаабыта… Биир тылынан эттэххэ,  Семен Семенович наадалаах кэмҥэ биэлсэр да, акушер да, хирург да үлэлэрин ситиһиилээхтик толортуура… Новатор эмчит Семен Семенович 1963 сылтан норуот былыргы эмтиир ньыматын – иннэнэн эмтээһини быраактыкаҕа киэҥник туттууну саҕалаата, көдьүүстээҕин дакаастаата. Көрбөт дьону көрөр, саҥарбат дьону саҥарар оҥортоото. Сорохтору уҥан ыалдьыы (эпилепсия) араас көрүҥнэриттэн эмтээн, чэпчэтэр уонна үтүөрдэр түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтар». 

 Дьэ, итинник эмчит этэ биһиги Семен Семеновичпыт барахсан.

Семья копия

Үтүө аат умнуллубат

Айылҕаттан айдарыылаах үтүө эмчит үрдүк аата умнуллубат. РФ, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Светлана Пантелеймоновна Конобулова сэбиэдиссэйдээх Элгээйи учаастактааҕы балыыһата Семен Семенович Яковлев үтүө аатын дьоһуннаахтык сүгэр. С.С. Яковлев олоҕун, үлэтин кэпсиир мемориальнай мусуой-хос Элгээйи «Туойдаах Алаас» мусуойугар олохсуйда.

Урукку өттүгэр 50-чаҕа тиийэ үлэһиттэнэ сылдьыбыт Элгээйи балыыһата билигин араас суол сарбыйыы түмүгэр 23,5 эрэ штаттаах хаалла. Ол да буоллар, Элгээйи эмчиттэрэ санааларын түһэрбэттэр. Дьоннорун-сэргэлэрин доруобуйаларын туһугар улахан убайдарын С.С. Яковлев дьоһун аатын-суолун түһэн биэрбэттии, наада буоллаҕына, түүннэри-күнүстэри даҕаны түбүгүрэн үлэлииллэр. Светлана Пантелеймоновна салайааччы буолуоҕуттан, өссө ол да инниттэн Элгээйигэ таас балыыһаны туруорсаллар. Арай бу саас биһиги улууска СӨ доруобуйатын харыстабылын минииистирэ Елена Борисова кэлэ сылдьан, эһиги балыыһаҕыт тутуута бырагыраамаҕа киллэриллибитэ диэн үөрдүтэлээн барбыта. Онон элгээйилэр билигин аныгылыы тупсаҕай тутуулаах таас балыыһаланалларыгар эрэллэрэ улахан. Дьэ оччотугар 60-ча сыл тухары саҥа тутуу туһугар дууһатынан ыалдьыбыт Семен Семенович санаата туолуо, дууһата нус-хас буолуо этэ буоллаҕа…

Борис Николаев

  Өлбөт үйэлэнэн...

Былыр, инньэ уон тохсус үйэҕэ

Үөһээ Дьааҥы хаайыылааҕа*

Эппит эбит: «Саха биэлсэргэ үөрэниэхтээх,

Улуус барыта биэлсэрдэниэхтээх ...».

Ол санааны толороору,

Тыаҕа эмчити элбэтээри

Аһыллыбыта Дьокуускайга

Биэлсэри үөрэтэр оскуола*.

Сэбиэскэй кэмҥэ сайдыбыта,

Элбэх биэлсэри бэлэмнээбитэ.

Туолбута Худяков баҕата,

Тыа сирэ эмчиттэммитэ.

Элгээйиттэн Сэмэн уола Сэмэн

Ааспыт үйэ отутустарыгар

Биэлсэр оскуолатын бүтэрэн,

Эргиллибитэ дойдутугар.

Оччолорго, ыарахан олоххо

Ыарыы, өлүү-сүтүү үгүһэ.

Саханы одуруун*** сордуура,

Сиэмэх сэллик сиирэ.

Эдэр эмчит эрчимнээҕэ,

Үлэтэ-хамнаһа элбэҕэ.

Ыраас олоххо үөрэтэрэ,

Оҕону, кырдьаҕаһы эмтиирэ.

Киэҥ, дириҥ билиилээҕэ,

Көрүҥэ да көстүүлээҕэ.

Сэрэтэр үлэни тэниппитэ,

Ыарыыны, дьаҥы бопсубута.

Биэс уонус сылларга тыаҕа

Быраас олох аҕыйаҕа.

Эмтиирэ, тэрийэрэ биэлсэр,

Эмчит бастыҥа – луохтуур.

Таҥара биэрбит биэлсэрэ

Эмчитинэн дэгиттэрэ.

Үйэтин анаабыта үлэҕэ,

Ыарыыны, өлүүнү кыайарга.

Ылбыта норуот эмчитин аатын

Дьоҕурунан, мындырынан.

Эмп-том кыайбатаҕын

Үтүөрдэрэ иннэнэн.

Дьиҥ чахчы норуот эмчитэ,

Сунтаар Бочуоттаах олохтооҕо

Үтүөтэ-өҥөтө бэлиэтэммитэ,

Икки «Бочуот знага» уордьаннааҕа.

Элгээйи эмтиир балыыһатыгар,

Алта уонча сыл үлэлээбит сиригэр

Семен Семенович аата иҥэриллэн,

Тэҥҥэ хаамсар, өлбөт үйэлэнэн.

* - И.А. Худяков, нуучча революционера, этнограф. 1867-1874 сс. Верхоянскайга сыылкаҕа олорбута.

** - 1906 сыллаахха.

*** - Трахома.

Валериан Николаев.

Дьокуускай.

21.07.2020 с.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением