Сыстыганнаах ыарыы күүскэ туран, дьон-сэргэ уйулҕата хамсаабыт кэмигэр, үрүҥ халааттаах аанньаллар ыарыһахтары эмтииргэ күүскэ үлэлэһэ сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ Нам оройуонун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев буолар.
Улууска COVID-19 күөдьүйүүтэ хайдах этэй?
Нам улууһугар коронавирус дьаҥар сыстыы аан бастаан 2020 сыл муус устар ый 30 күнүгэр бэлиэтэммит. Оччолорго Намнааҕы киин 2-с №-дээх балыыһатыгар 20 куойкалаах инфекционнай отделение тэриллэн, үлэлииргэ бэлэм буолан турбут. Хамсык саҕаланыаҕыттан, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ ыарыыны кытары үлэлэһэргэ наадалаах тэриллэринэн 10 мөлүйүөн солкуобайга үс ИВЛ-аппаратынан, уончака кислородтаах концентраторынан, уо.д.а аппарааттарынан хааччыйбыт.
Бу кэмҥэ Нам улууһугар соһуччу, көһүппэтэх өттүттэн коронавирус күөдьүйбүт. Ол курдук, ыам ыйыгар балыыһаҕа саамай тэйиччи сытар нэһилиэнньэттэн ыарыһах киһи кэлбит, аны ыарыы сибикитэ биллэ илигинэ, чугас дьонун, аймахтарын кытары көрсүһэ сылдьыбытын туһунан иһитиннэрбит. Өр-өтөр буолбакка сылдьыбыт сиригэр, Салбан нэһилиэгэр, улахан дьаҥ күөдьүйүүтэ тахсыбыт. Оччолорго нэһилиэнньэ 270 киһититтэн, 50-тан тахса киһи биир кэмҥэ сыстыган ыарыыга ылларбыттар. Ол туһунан Ариан Сергеев кэпсиир:
– Былырыын саас 300 - чэкэ нэһилиэнньэлээх саамай тэйиччи сытар нэһилиэкпитигэр – Салбаҥҥа 56 киһи биир кэмҥэ ыалдьыбыттара. Онно биһиги тутатына бөртөлүөтүнэн биригээдэ ыыппыппыт. Бу көтөр аал 13-тэ кырыммыта, инньэ гынан, 26 киһини Маҕаҥҥа көһөрөн аҕалбыппыт. Ый кэриҥэ мобильнай инфекционнай бөлөх тиийэн, солбуйса сылдьан, бүтэһик үтүөрбүт киһиэхэ диэри үлэлээбитэ. Манна терапевт быраас, педиатр, биэлсэр, лабараан-биэлсэр, уонна мэдиссиинэ сиэстирэлэрэ киирэн ыарыыны бопсууга үлэлэспиттэрэ. Кэлэктииппит бэриниилээх уонна сыралаах үлэтин түмүгэр, бу күөдьүйүү саба баттаммыта.
Ити курдук, Нам улууһугар коронавирус дьаҥа киһи көһүппэтэх өттүттэн кэлэн, ыксаллаах быһыыга-майгыга түһэртээбит, ол да буоллар, үрүҥ халааттаах аанньаллар күнүстэри-түүннээри ыарыһахтары эмтээн, кинилэр олохторун быыһыырга улахан күүһү уураннар, кыайыылаах тахсыбыттар.
– Билигин даҕаны улууска, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн курдук, балаһыанньа ыарахан. Ол эрэн, быраастар эмтииргэ үөрүйэхтэрэ биллэ улаатан, эрдэттэн билэн, диагностикалаан, эмтиири баһылаатылар. Быраастарбыт бары уопутурдулар. Ол иһин, улахан кыһалҕа суоҕун кэриэтэ.
Быйыл балыыһаҕа компьютернай томограф киллэриллиэхтээҕин туһунан бу курдук кэпсээтэ:
– Аппараат кэлэн турар, билигин КТ аппараат кэбиниэтигэр улахан өрөмүөн үлэлэрэ бара тураллар. Ол кэннэ үлэлэтэн саҕалыахпыт. Маны таһынан, саҥа тииһи эмтиир тэриллэри туруордулар. ИФАанализатор, хаан туттарар анализатор, онтон да атыттары ылан дьаһанныбыт. Быйылгы сыл сонуннарыттан үллэстэр эбит буоллахха, эмтэнээччи сытарыгар быдан тупсаҕай усулуобуйалардаах ыарыһахтары тутар хос арыллынна. Ону таһынан, поликлиника иһигэр улахан өрөмүөн үлэтэ ыытылла турар. Уонна Бөтүҥҥэ биэлсэр-акушер пуунун (ФАП) тутуута бара турар. 2023-2024 сылларга стационары тутуу, бөдөҥсүтүү бырагыраамата киирэн турар. Онуоха билигин саҥа стационар тутуутун докумуоннарын оҥоруу үлэтэ бара турар.
– Поликлиника дьоҥҥо чугас,аһаҕас, оттон мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбыта үрдүк буолуохтаах, – диэн Ариан Сергеев кэпсээнин түмүктүүр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0