Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев саха норуотун дьиҥнээх духуобунай лидерэ.
Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев саха норуотун дьиҥнээх духуобунай лидерэ.
-Аныгы да, кэнэҕэски да көлүөнэ күн бүгүҥҥэ диэри суолтатын сүтэрбэт биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьылҕатыгар дьоһуннаах, инникилээх быһаарыылары ылыныыларын кытта өрүү Михаил Ефимович Николаев аатын сыһыаран саныахтара, - диэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эттэ.
Ытыктабыллаах Михаил Ефимович!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суударыстыбаннай мунньаҕын (Ил Түмэнин), депутаттарын куорпустарын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн – 85 сааскын туолбуккунан эҕэрдэлиибин!
Эн элбэх омуктаах Саха сирин норуоттарын ытыктабылын ылыаххын ылаҕын. Эн саха норуотун дьиҥнээх духуобунай лиидэрэҕин. Эн Өрөспүүбүлүкэ Бастакы Бэрэсидьиэнэ буолан туран, билиҥҥи биһиги олохпут укулаатыгар уурбут тутаах киһибит буолаҕын. 1990 сыллаахха аан бастаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнинэн талылларгар элбэх омуктаах Саха сирэ дьылҕатын, дойдутун сайдыытын эйиэхэ эрэ эрэммитэ. Ол ыарахан 90-с сылларга, эн үтүөҕүнэн, эн сылайары билбэт сыралаах үлэҕинэн, дьаныаргынан федеральнай киини кытары олук түһэрсиллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ интэриэһин, чуолаан, биһиги Төрүт сокуоммутун, РФ Конституционнай сокуонун, 1992 с. кулун тутар 31 күнүгэр Федеративнай дуогабары итиэннэ экэнэмиичэскэй суолталаах Саха сирэ уонна Арассыыйа икки ардыгар судаарыстыбаннай бас билиини араарыыга сөбүлэһиигэ илии баттаһыыны туруулаһыыга эн бигэ позицияҥ, тулҕадыйбат санааҥ тирэх буолбута. Ити докуомуоннар бириэмэтигэр баттаһыллан өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ олоҕу хамсатар тэрилтэлэрэ – уруккута «Якуталмаз», билигин «АЛРОСА» АХ, «Якутскэнерго», «Якутуголь», «Якутзолото», «Сахателеком», о.д.а. тэрилтэлэр Саха сирин бас билиитигэр бэриллибиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ ол кэмтэн ыла, бэйэтин сиригэр-уотугар бас билиитин дьаһайар хаһаайыстыбаннай-экэнэмиичэскэй сүдү быраабы ылбыта. Иккиһинэн, сиртэн хостонор баайтан киирэр нолуок үбүн бүддьүөккэ ылары ситиспиппит. Ити барыта эн өҥөҕүнэн уонна эйигин өйүүр хамаандаҥ үлэтинэн ситиһиллибитэ. Эн улахан болҕомтоҕун социальнай боппуруостарга: доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, успуор, ыччат бэлиитикэтэ, култуура уурбутуҥ. Чуолаан, ол ыччат дьон өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар тирэх буолбуттара. Кадры бэлэмниир департамены тэрийэн ыччаттарбытыгар киин куораттарга үөрэнэр кыаҕы биэрбитиҥ. Дьэ ол үөрэттэрбит ыччаттарбыт кэлэн билигин дойдубут сайдыытыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.