Эһиги Судаарыстыбаннай Мунньаххыт бары ыҥырыытын дьокутааттара ааспыт сыллар уопуттарын итиэннэ үгэстэрин иҥэринэн, сокуону оҥорон таһаарыы үлэтэ атаҕар турарыгар уонна сайдарыгар киллэрбит кылааккытын үрдүктүк сыаналыыбын. Үлэҕит үтүө түмүктэрэ дьокутааттар куорпустара идэтийбит таһымнааҕын, Арассыыйа субъектарын ситэриилээх былааһын уонна сокуону таһаарар уорганнарын кытта хардарыта дьайсыыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар көдьүүстээҕин бигэргэтэр. Бу күҥҥэ Ил Түмэн эрэгийиэҥҥэ нэһилиэнньэ бары араҥатын интэриэһин учуоттуур, билиҥҥи кэм тыыныгар уонна уопсастыба ирдэбилигэр эппиэттиир быраап тирэхтээх сайдыытын толору хааччыйар.
Бүгүн Амурскай уобалас уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ араас хайысханан бииргэ үлэлэһэллэр. Бу, биллэн туран, эрэгийиэннэр хардарыта сайдыыларыгар инвестиционнай кэрэхсэбили үрдэтэр, олохтоохторун уйгуларын тупсарар.
Маны таһынан, «Уһук Илин уонна Забайкалье» Парламент Ассоциациятыгар бииргэ үлэлээһиннэрэ эрэгийиэннэр парламеннарын алтыһыыларын сайыннарар. Уһук Илин олохтоохторун уопсай туруорсууларын быһаарар сыаллары бииргэ үлэлээммит ситиһиэхпит диэн бигэ санаалаахпын.
Ис сүрэхтэн сокуону таһаарар үлэҕитигэр ситиһиилэри, муударай уонна тобуллубут быһаарыныылары, быыбардааччыларгытын кытары көдьүүстээх алтыһыыны баҕарабын!
Константин Дьяконов,
Амурскай уобалас Сокуону таһаарар Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ,
«Уһук Илин уонна Забайкалье» Парламент Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0