Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -29 oC

Бу күһүн Халыма-Индигиир биир мандааттаах уокуругуттан талыллан, норуот дьокутаата буолбут, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев эҕэрдэлиир.

Бу күһүн Халыма-Индигиир биир мандааттаах уокуругуттан талыллан, норуот дьокутаата буолбут, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев эҕэрдэлиир.

--Мин бу ааһан сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр буолбут быыбарга кыайан, экология миниистириттэн уурайан, норуот дьокутаата буолбутум. Олохтоох бэйэни салайыныы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Александрович Местников күн сириттэн баран, ити уокурук дьоно дьокутаата суох хааланнар, кинилэр туруорсаннар, өйөөннөр, бэрэстэбиитэллээх уоргаҥҥа үлэбин саҕалаабытым.

Туох ханнык иннинэ сүрүннээн уокурукпун кытта үлэлээтим. Улуустарым баһылыктарын хас биирдиилэрин кытта көрсөн, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыттан саҕалаан, араас хайысхаларга турбут кыһалҕалары, боппуруостары быһаарыыга ыкса үлэлэһэн кэллим. Бүддьүөттэн үбүлээһини тыырыы, почтанан малы-салы, итиэннэ аһы-үөлү таһыы, оптоволокнонан сибээс ситимин тардыы боппуруостарын барытын ситэриилээх былаастары, тустаах тэрилтэлэри кытта быһааран олоробут.

Маны тэҥэ 2022 сылга нэһилиэктэргэ «Үтүө дьыала» чэрчитинэн, олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагырааматынан туох тутуулар барыахтаахтарын, ханнык эбийиэктэри үлэҕэ киллэриэхтээхпитин былааннаатыбыт. Онно сүрүн сүбэһиттэрим уонна накаас биэрээччилэрим – быыбардааччыларым. Ити хайысханы сүрүн үлэбинэн ааҕабын. Күн бүгүҥҥэ диэри норуоппун кытта көрсө олоробун. Сибээс, интэриниэт ситимэ сайдан, сорохтор ВКС нөҥүө кэпсэтэллэр, сорохтор тус бэйэлэрэ кэлэллэр.

Үүнэр сыл тохсунньутугар, олунньутугар уокуругум улуустарыгар тиийэн, дьону-сэргэни кытта көрсөн, кыһалҕаларын чопчулаһан үлэбин өссө кэҥэтиэҕим. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлин быһыытынан федеральнай сокуоннары СӨ сокуоннарын кытта сөпсөһүүтүн оҥорууга баһаам үлэ ыытылынна. Биир сүрүн хайысханан сир баайын сокуонугар хостооччуларга, булчуттарга, балыксыттарга көҥүл биэрии өттүгэр олус элбэх уларыйыы киирдэ. Ити үс хайысханы СӨ сокуонун кытта тэҥнииргэ кылгас кэмҥэ баһаам үлэ оҥоһулунна.

Маны таһынан ирбэт тоҥ тиэмэтэ федеральнай таһымнанна. Ону үөрэтиигэ үлэ хамыыһыйата тэрилиннэ. Хамыыһыйаны РФ Экологияҕа уонна айылҕа баайыгар миниистирэ Александр Козлов салайар. Онно ирбэт тоҥу үөрэтиигэ кэккэ этиилэри киллэрдим. Олортон биирдэстэрэ чинчийии эбэһээтэлистибэтин Росгидромет эрэ ситимигэр биэрбэккэ, бэйэбитигэр баар ирбэт тоҥу үөрэтэр научнай институппутугар боломуочуйаны биэрии диэн буолар. Итиэннэ Судаарыстыбаннай Дуума туһааннаах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Кобылкинныын кэпсэттим. Кини Саха сиригэр кэлэн, көһө сылдьар мунньаҕы ыытарын ситистим. Мунньахха айылҕа харыстабылыгар, ойуур баһаардарыгар, бултааһыҥҥа, балыктааһыҥҥа, сир баайын хостуурга сыһыаннаах федеральнай сокуоннарга уларытыылары киллэриигэ сөбүлэһэн, илии тутуһан кэллим.

Быыбардааччыларбын чуолаан Өймөкөөн, Муома, Үөһээ Халыма, Орто Халыма уонна өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун кэлэн иһэр Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Хоту улуустарым хоруона хамсыгын утары быһыыны ылыыга инники күөҥҥэ сылдьалларын үөрэ истэбин. Бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ! Оҕолор үөрэхтэригэр ситиһиилээх буоллуннар, кырдьаҕастарбыт ыалдьыбатыннар, куруук сүбэлии-амалыы сырыттыннар. Дьоллоох-соргулаах Саҥа дьылы, барыта этэҥҥэ буоллун!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением