Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -22 oC

2020 сыл атырдьах ыйын 31 күнүттэн Арассыыйаҕа уонна эригийиэннэргэ булт быраабылаларыгар кэккэ уларытыылар киирдилэр. Бу уларытыылары РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ бигэргэттэ. Докумуон кэлэр дьыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр.

2020 сыл атырдьах ыйын 31 күнүттэн Арассыыйаҕа уонна эригийиэннэргэ булт быраабылаларыгар кэккэ уларытыылар киирдилэр. Бу уларытыылары РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэтэ бигэргэттэ. Докумуон кэлэр дьыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр.

Туһах көҥүллэннэ

Саҥа быраабылаларынан туһаҕынан, тепловизорынан, хараҥаҕа кыҥааһынынан, мэхэниичэскэй сириэстибэлэринэн бултааһыҥҥа биирдиилээн көрүҥҥэ көҥүл баар буолбут.

Ол да буоллар, туһаҕынан бултуурга эмиэ туспа бэрээдэги тутуһар ирдэнэр. Сорох эрэгийиэннэргэ туһах букатын да бобуллубут.

Оттон Саха сиригэр куобаҕы туһахтыыр көҥүллэммитэ үөрүүлээх. Саха норуота былыр-былыргаттан туһаҕынан бултаан,  сэрии, сут сылларыгар айаҕын ииттиммитэ баар суол.

Ити үөһэ этиллибит тэриллэринэн бултааһыны эригийиэн баһылыктара быһаараллар. Ол аата Ил Дархан бултка, булт болдьоҕор хааччахтары киллэрэр (эбэтэр букатын бобор) кыахтаах.  

Саҥа докумуон үлэлии турар быраабылаларга уларытыылары киллэрбитин ааһан, төрүкү саҥа быраабылалары эмиэ киллэрдэ. Ол курдук, кыттыгас бултааһыҥҥа бэлиэ таҥаһы (сигнальная одежда) кэтии, быраҕан (метательное оружие) бултуур сэпкэ-сэбиргэлгэ туспа ирдэбиллэр киирдилэр. Маны сэргэ сааны-саадаҕы туттуу куттала суох буоларын туһугар ирдэбил кытааппыт.

Саха сиригэр киирбит уларыйыылар

Чуолаан Саха өрөспүүбүлүкэтигэр киирбит уларыйыылары ылан көрүөххэйиҥ.

Андыны бултааһын болдьоҕун ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри түөрт күн иһинэн халбаҥныыр оҥордулар.

Тайахха булт болдьоҕо балаҕан ыйын 15 күнүттэн саҕаланар. Манна тайах сааһыттан тутулуга суох бултанара көҥүл.

Тыатааҕыны бултааһын болдьоҕо атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһаата. Ол аата тыатааҕыны арҕахха бултуурга кыах бэриллэр. Ол эрээри биир сааһын туола илик оҕо эһэни  уонна быйылгы төрүөх оҕолоох эһэни бултуур бобуллар.

Ол оннугар кыыл табаны бултааһын болдьоҕо кылгаата. Атырдьах ыйын 1 күнүттэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри бултаһар көҥүллэнэр.

Туртас атыырын бултааһын атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри көҥүллэнэр.

Куобаҕы туһаҕынан бултааһын бары улуустарга көҥүллэннэ. Урут Арктика эрэ оройуоннарыгар бултуур кыах баара.

Саас атыыр көҕөнү бултааһын болдьоҕо 30 күн устата уһуур кыахтаах. Бу быраабыла аҥаардастыы тыһы көҕөнүнэн мэҥиэлээн (подсадная утка) бултуур буоллаххына эрэ дьайар.

Күһүҥҥү кус болдьоҕо атырдьах ыйын иккис субуотатыттан саҕаланар буолуоҕа.

Булт быраабылаларыгар киирбит уларыйыылары көрдөххө, биһиэхэ саха дьонугар, ордук булт диэн баран муннукка ытаабыт эр дьоҥҥо олус табыгастаахтык, чугас гына оҥоһуллубут. Ордук куобаҕы туһахтаан ылыыны биир бэйэм үөрэ иһиттим. Былыр-былыргыттан саха дьоно куобаҕы сохсоҕо, туһахха хаана-сиинэ суох бултуур үгэстээҕэ.

2010 сыллаах булт быраабылатыгар куобах муҥнанан өлбөтүн диэн туһаҕы боппуттара. Толкуйдаан көрдөххө, булт, уопсайынан да, кыылы-сүөлү өлөрөр сыаллаах буоллаҕа дии. Онно ханнык баҕарар булт сэбэ-сэбиргэлэ тыынар тыыннахха «үчүгэй” диир сатаммат. Итиэннэ кыылы эрэйдээбэккэ бултааһын диэн сиэрдээх бултааһын буоллаҕа дии. Ол аата кыылы, көтөрү сатыылаппакка, үөрү-үөрүнэн эспэккэ, ийэ кыылы өлөрбөккө, нуорманы таһынан бултаабат буолуу булт суруллубатах быраабылаларыгар киириэх тустаах этэ.

Онон, мин санаабар, куобаҕы саанан ньимси ыппыт да, туһахха иҥиннэрбит улахан уратыта суох. Хата доруоп саанан сыыһа ытан, сатыылаппыт, куоттарбыт уонна суоллаабакка хаалларбыт куобах быдан эрэйдэнэрэ буолуо эбээт. Бу булчут уопутуттан,  төһө сатабыллааҕыттан тутулуктаах.

Тыатааҕыны арҕахха бултааһын, тайахха, туртаска, андыга, бөрөнү бултааһын болдьоҕор уонна куобаҕы туһаҕынан бултааһыҥҥа киирбит уларытыылар СӨ Экологияҕа Айылҕа министиэристибэтин көҕүлээһининэн оҥоһуллубуттар. РФ Айылҕа ресурсаларын уонна экологияҕа министиэристибэтэ эригийиэн уратытын учуоттаабыта хайҕаллаах. Саҥа уларытыылар киирбиттэринэн сибээстээн, бултуурга көҥүл саҥа көрүҥнэрэ, бултуур сирдэргэ эмиэ саҥа ыйыы-кэрдии оҥоһуллуоҕа.

Саха сирин булчуттарыгар киирбит сүрүн уларыйыылары билсиҥ:

- булчут инспектор докумуон көрдүүр түгэнигэр докумуонун уонна бултуур тэрилин булгуччу көрдөрөр;

- эстэр, пневмат саалаах, быраҕан (метательный) бултуур сэптээх-сэбиргэллээх булчут бултуур тэрилигэр көҥүллүүр докумуонун илдьэ сылдьыахтаах;

- саһылы кыттыгас бултуохха сөп;

- өскөтүн күрэххэ сылдьан бултуур түгэҥҥэ, хас биирдии булчут бэлиэ таҥастаах буолара ирдэнэр. Кыһыл, саһархай, тэтэркэй өҥнөөх таҥас-сап ордук көстүмтүө;

- быраҕан бултуур тэриллээх дьоҥҥо (ох сааттан ураты) туйахтаах кыылга, эһэҕэ уонна күндү түүлээххэ болдьох икки нэдиэлэ иннинэ аһыллыан сөп;

- Арассыыйа субъектарын тустаах уорганнара көҥүллүүр буоллахтарына, бөрөнү уонна куобаҕы туһаҕынан бултуур көҥүллэниэн сөп. Манна булчут ханна, хаһан уонна төһө өр туһах ииппитин эрдэттэн этэрэ ирдэнэр.

Аны туран, бултанар кыылга-сүөлгэ кэккэ хааччахтааһыннар киирдилэр:

Бобуулар

Кыыл таба паантатын тыыннаахтыы быһар бобуллар. Кыыл таба миграциятын кэмигэр өрүһү туораан истэҕинэ тыынан киирэн, тыыннаахтыы таба муоһун эрбиир түгэннэрэ элбэхтик көстөр. Маннык дьиикэй сыһыаны тохтотор табыллар.Тепловизорынан, хараҥаҕа кыҥааһынынан, боростуойдук эттэххэ, фаранан бултааһын бобуллар. Ол эрээри туйахтаах кыылы, тыатааҕыны, бөрөнү уонна саһылы тыктаран бултуохха сөп эрээри, массыынанан сылдьар бобуллар.Нарезной саанан мас көтөрүн күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ бултаныллыбат. Арай, кольцевой уонна ойоҕос эстиилээх 5,6 калибрдаах нарезной саа туттуллуон сөп.5,7 мм калибртан улахан уостаах нарезной саанан куобаҕы, тииҥи, кырынааһы, солоҥдону, нуорканы бултуур бобуллар. 8 мм калибртан улахан уостаах нарезной саанан сиэгэни уонна бэдэри ытар бобуллар.Күрэххэ, кыттыгас бултааһыҥҥа быраҕан бултуур тэрилинэн туттар бобуллар.

Толоруулаах былаас бэдэрээлинэй уоргана көҥүллүүр буоллаҕына, улары, куруппааскыны уонна куртуйаҕы туһахтаан бултуур көҥүллэниэн сөп.

Булт болдьоҕор киирбит уларыйыылар:

- кыыл табаны бултааһын – атырдьах ыйын 1 күнүттэн кэлэр сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри;

- туртас атыырыгар -- атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри;

- тайахха (сааһыттан тутулуга суох) – балаҕан ыйын 15 күнүттэн тохсунньу 10 күнүгэр диэри;

- тыатааҕыны – атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри;

- бөрөнү – атырдьах ыйын 1 күнүттэн кэлэр сыл кулун тутар 31 күнүгэр диэри;

- сааскы булт кулун тутар 1 күнүттэн бэс ыйын 16 күнүгэр дылы 10 күнтэн уһуна суох болдьоххо бэриллэр. Арассыыйа субъектарыгар бу болдьох араастаһыан сөп;

- сааскы кус болдьоҕо тыһы куһунан мэҥиэлээн бултааһыҥҥа 30 күнтэн итэҕэһэ суох бэриллэр;

- андыга ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри түөрт хонук бэриллэр;

- күһүҥҥү кус болдьоҕо атырдьах ыйын иккис субуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри 90 хонуктан кылгаһа суох бэриллэр.

-  мас көтөрүн күһүҥҥү болдьоҕо атырдьах ыйын үһүс субуотатыттан олунньу 28 күнүгэр диэри 120 хонуктан итэҕэһэ суох бэриллиэн сөп.

Дьэ, ити курдук, булчуттар, бастатан туран, докумуоҥҥутун бэринэн, бултуур тэрилгитин тэринэн, эһиилги дьылга толору сэбилэниилээх, бэлэмнээх көрсөргө тиэтэйиҥ. Куобах туһаҕын атыылаһыҥ, мас көтөрүгэр оҕуургутун хатыҥ, өҥнөөх таҥаста тиктиҥ. Маны сэргэ айылҕа баайын харыстаан, сиргэ-уокка сиэрдээхтик сылдьаргытын умнумаҥ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Архитектор Новой Якутии

Десятилетие деятельности Михаила Николаева на посту Первого Президента Республики Саха…
13.11.24 14:44