От ыйын 27 күнүгэр РФ үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов үөрэхтээһин боппуруостарыгар анаммыт брифиҥҥэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн бары оскуолалар ааннарын аһыахтара, үөрэх үгэс буолбут ньыманан ыытыллыаҕа диэн иһитиннэрдэ. “Биһиги министиэристибэбит үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии үлэтин саҕалаата. Билиҥҥи туругунан этэр буоллахха, балаҕан ыйын 1 күнүгэр Билии күнүн линейкалара санитарнай нуормалары тутуһуллан ыытыллыахтара. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үгэс буолбут ньыманан оҕолор үөрэниэхтэрэ, дистанционнай үөрэҕи киллэрбэппит”, — диэн эттэ. Кини быйыл киирбит дистанционнай үөрэх ньыматын эбии үөрэхтээһиҥҥэ туһаныллыан сөбүн туһунан быһаарар.
Быйыл саас оҕолорбут хайдах үөрэммиттэрин уонна үөрэх дьылын хайдах түмүктээбиттэрин санаан ылыаххайыҥ. Аан дойдуга тохсунньу ыйтан саҕаламмыт коронавирус пандемията кулун тутар ыйыгар Саха сиригэр кэлэн, үгэс буолбут олохпутун-дьаһахпытын уларыппыта. Ону кытта үөрэнээччилэр билиини ылар ньымалара эмиэ уларыйан, оскуолалар бары дистанционнай үөрэххэ көспүттэрэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит оскуолалара үгүстэрэ Арассыыйа субъектарыттан цифровой технологияны ордук баһылаабыттара биллибитэ.
Төрөппүттэр оччолорго дистанционнай үөрэх туһунан биһиги хаһыаппытыгар санааларын үллэстибиттэрэ. Холобур, Дьокуускай куорат 31 №-дээх оскуолатыгар үөрэнэр оҕолоох төрөппүт: “Үөрэхпит Учи.ру платформаҕа саҕаланна. Учуутал быһаарыыта суох арыый эрэйдээх буолууһу. Дьиҥэр, Учи.ру судургу, оҕоҕо өйдөнүмтүө бырагырааманан үлэлиир. Төрөппүт эппиэтинэһэ элбээн тахсар, оҕо үөрэнэригэр син биир хонтуруол наада. Оҕолорум бэйэлэрэ үөрэнэргэ бэлэмнэр эрээри, мин санаабар, Учи.ру платформа учуутал үөрэтэригэр хайдах да тиийбэт”, — диэн санаатын эппитэ.
Дистанционнай үөрэтии уот барарыттан-кэлэриттэн улахан тутулуктаах эбит. Холобур, муус устарга өрөспүүбүлүкэ бары оскуолалара дистанционнай үөрэххэ көспүттэрин кэнниттэн Бүлүү бөлөх улуустарыгар уот ситимигэр өрөмүөн ыытыллар буолан, сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри элэктэриичистибэни ыла сылдьыбыттара. Итинтэн сылтаан оҕолор барахсаттар бассаап көмөтүнэн сорудахтарын ылан толорбуттара. Учууталы кытта сибээс суоҕа.
Дистанционнай үөрэх хайдах ыытыллыбытын көрдөххө, учууталлар Сетевой куорат, Учи.ру, Яндекс, Учебник сайтарын уонна Zoom, Diskort, Watsapp сыһыарыылар көмөлөрүнэн оҕолору үөрэппиттэрэ.
Оскуолалар үөрэх дьылыгар бэлэмнэнэллэр
Билигин үөрэх тэрилтэлэрэ саҥа үөрэх дьылын көрсөргө бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ханнык да үөрэх ньымата киирбитин иһин балаҕан ыйыттан үөрэнээччилэр билии ылалларыгар табыгастаах усулуобуйа оҥоһулларыгар үлэлииллэр. Биһиги бу үлэ хайдах ыытылларын туһунан ыйыталастыбыт.
Андрей Горбатов, Ньурба улууһун Убайаан орто оскуолатын дириэктэрэ:
— Бу күннэргэ балаҕан ыйыттан оҕолор оскуолаҕа кэлэн үөрэниэхтэрин сөбүн туһунан РФ үөрэҕин миниистирэ эппитин иһиттибит. Бу да инниттэн оскуолабытын саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнээһинигэр үлэлии сылдьыбыппыт. Ыарыы хайдах тарҕанарыттан көрөн, билигин үөрэҕи тэрийии икки көрүҥүн бэлэмнээтибит. Ыарыы намтаатаҕына, уруккулуу үөрэппиппит курдук үөрэтиэхпит. Куттал баар буоллаҕына, кылааска 15 оҕону, ол эбэтэр баартаҕа биирдии оҕону олордон үөрэтиэхпит, баарталар бэйэ-бэйэлэриттэн 1,5 миэтэрэ ыраах туруохтара. Остолобуойга элбэх оҕо тоҕуоруспатын курдук саҥа расписание оҥордубут. Остуоллары бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи туруортаатыбыт. Антисептик, хлор, мааска, бэрчээккэ атыылаһан хаһаанныбыт. Бактериялары өлөрөр рециркулятарнай аппараттары үөрэх министиэристибэтэ ыытыах буолбута. Нуорма быһыытынан хас кылаас аайы бу аппарат туруохтаах. Сайыны быһа бэлэмнэнии үлэтин ыыттыбыт. Улуус тустаах хамыыһыйата көрөн ылынна. Оскуолаҕа уопсайа 373 оҕо үөрэнэр. Кылаастарга, ортотунан, 25-тии оҕо баар. Өскөтүн, 15-тии оҕону үөрэтэргэ көһөр буоллахпытына, хаалбыт 10 оҕо дистанционнай ньыманан үөрэниэҕэ. Нэдиэлэнэн атастаһа сылдьыахтара.
Спиридон Шишигин, Хаҥалас улууһун Покровскайдааҕы 1 №-дээх оскуола дириэктэрэ:
— Оскуолабытыгар эрдэ былааннаммыт өрөмүөнү ыытан кырааскалаатыбыт, түннүктэрбитин уларыттыбыт. Дьиэбит эргэ, 1976 сыллаах тутуу. Оскуолабыт БКЭ-ни ыытар пуун буолбута, онон дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн хааччыллыбыта. Биһиэхэ 600-чэ оҕо үөрэнэр. РФ үөрэҕин миниистирэ Сергей Кравцов балаҕан ыйыттан оскуолаларга үөрэх саҕаланыаҕа диэн этиитин сэргии иһиттим. Өскөтүн, ыарыы тарҕанан уларытыыны киллэрдэхтэринэ, биһиги БКЭ-ни ыыппыт уопуппутун туһаныахпыт. 15 оҕону бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи олордуохпут. Итиннэ хапсыбатахтар иккис симиэнэҕэ үөрэниэхтэрэ. Дистанционнай үөрэҕи төрөппүттэр даҕаны, учууталлар даҕаны сөбүлээбэтилэр.
Елена Кузьмина, Дьокуускай куорат 33 №-дээх оскуола дириэктэрин хаһаайыстыбаннай чааһыгар солбуйааччы:
— Оскуолабытыгар оҕолору саҥа үөрэх дьылыгар үөрэтиигэ бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Быйыл муус устартан оҕолор дьиэлэригэр олорон үөрэммит буоланнар. оскуолабытыгар улахан өрөмүөнү ыытарбыт ирдэниллибэт. Быйыл үөрэх дьылыгар 1789 оҕо үөрэнэ кэлиэ, 56 кылаас баар буолуоҕа. Үөрэтиигэ үрдүк ирдэбил киирэрэ саарбаҕа суох, 1,5 миэтэрэ дистанцияны тутуһуу, дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн туһаныы. Бу маны барытын болҕомтоҕо ыла сылдьабыт.
Саха сиригэр цифровой технология сайдар кэскиллээх дуо?
Феодосия Габышева, Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Аныгы олохпут үөрэх тиһигэр цифровой технологияны киллэрэри ирдиир. Билигин үөрэҕи биэрэр цифровой инфраструктураны, саҥалыы технологияны оҥоруу, маннык көрүҥүнэн үөрэҕи биэрэр кадрдары бэлэмнээһин боппуруоһа турар. Үөрэх цифровой эйгэтэ диэн өйдөбүл киирдэ. Бу цифровой технология төрүөтүгэр олоҕурбут үөрэх буолар. Бу эйгэ дойду технологическай сайдыытыттан тутулуга суох тоҕоостоох буоларын туһугар интэриниэт тиһигэ үчүгэй уонна дьоҥҥо барытыгар туһаныллар кыахтаах буолуохтаах. Ол иһин дойду таһымыгар цифровой эйгэҕэ тоҕоостоох буолууну хаааччыйар тэрээһиннэр ыытыллаллар. “Аныгы оскуола” уонна “Хас биирдии киһиэхэ саҥа кыахтар” диэн федеральнай бырайыактар истэринэн “Үөрэх” национальнай бырайыак бу уопуту киллэрэргэ аналлаах. Былаан быһыытынан 2024 сыл бүтүүтүгэр үөрэх тэрилтэлэрэ 100 % интэриниэт ситиминэн хааччыллыбыт буолуохтаахтар. Саха сиригэр 2019-2022 сс. цифровой үөрэх эйгэтэ 266 үөрэх тэрилтэтигэр киириэхтээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0