Биэрэпискэ көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ!
Бүгүҥҥүттэн, ол эбэтэр алтынньы 15 күнүттэн, нэһилиэнньэ Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпиһэ дойду үрдүнэн саҕаланна. Үс ньыманан ыытыллыаҕа:
- «Госуслуги» портал нөҥүө толроҕут.
- Биэрэписчик дьиэҕэ кэлэн суруйар.
- Стационарнай учаастакка эбэтэр «Мин докумуоннарым» кииҥҥэ тиийэн бэлиэтэнэҕит.
Элбэх этии киирдэ
Кэлэр 2022 сыллаах судаарыстыбаннай бүддьүөтү сайдыы бүддьүөтүн быһыытынан сыаналыыр сиэрдээх. Тоҕо диэтэххэ, экэниэмикэбит чөлүгэр түһэриллиэҕэ, итиэннэ пандемияҕа ордук оҕустарбыт салаалар, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын эйгэтэ, дьоҕус уонна орто урбаан тэрилтэлэрэ, ону таһынан хотугу улуустар чорботуллан өйөнүөхтэрэ.
Ким да тарбах быыһынан хаалыа суохтаах
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев идэлээх сойуустары кытта көрүстэ. Сүрүннээн бүддьүөт үлэһиттэрин өйүүр ньымалар, хамнаһы үрдэтии, үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйаны мэктиэлиир сокуоннар тустарынан кэпсэттилэр.
Ойуурдаах куобах охтубат, дьаһал толорулларынан күүстээх
Кыстыгы көрсө сүөһүбүтүн хотоҥҥо киллэрдибит, от да көстөн эрэр. Барыта этэҥҥэ!
Оҥоһуллар өҥө судургу уонна түргэн буолуохтаах
2019 сыллаахха биэнсийэ реформата ыытыллыбыта. Онтон ыла элбэх уларыйыы таҕыста. Бу туһунан РФ Биэнсийэҕэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайар Георгий Михайлович Степанов кэпсиир.
Сири көдьүүстээхтик туһанан эрэллэр
«Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук састаабыгар киирсэр Арассыыйа Федерациятын субъектарын сиригэр-уотугар судаарыстыбаннай, итиэннэ муниципальнай бас билиигэ баар сир учаастактарын гражданнарга биэрии уратытын уонна Арассыыйа Федерациятын сорох сокуоннарын аахтатыгар уларытыылары киллэрии туһунан» диэн федеральнай сокуон 2016 сыллаахха бигэргэтиллибитэ.
Бастакы малдьаҕардар
Хаҥалас улууһун I Малдьаҕар нэһилиэгин олохтоохторо быйыл тыа хаһаайыстыбатын федеральнай бырагыраамаларыгар көхтөөтүк кытыннылар – «Агростартап» гранын икки эдэр бааһынай, «Бааһынай хаһаайыстыба базатыгар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы» гранын биир хаһаайыстыба ыллылар.
Сыл иһигэр элбэх үлэ барбыт
Уус Алдан улууһун Дүпсүнэ дириҥ историялаах, түҥ былыргыттан аатырар дьонноох-сэргэлээх, бэттиэмэлээх алаастардаах, элбэх сүөһүлээх-сылгылаах нэһилиэгинэн биллэр. Николай Сивцев баһылыгынан талыллан үлэлээбитэ сыл буолла. Ити кылгас кэм иһигэр Николай Николаевич элбэх үлэни ыытта.
Петр Бурнашев: «Өскөтүн таллыбыт – оччоҕо өйүөхтээхпит»
Сахалар өйдөбүллэринэн, отох эрэ киһи отутугар өйдөнөөхтүүр. Оттон тахсыахтаах-үүнүөхтээх киһи букатын эдэриттэн айан-тутан, үлэлээн-хамнаан, олоҕу сайыннарарга, тупсарарга туруулаһан барар. Чахчыта да, улууканнаах убайдарбыт, улахан учуонайдарбыт, сатабыллаах салайааччыларбыт, талааннаах дьоммут бары да сүүрбэлээх саастарыттан өрөспүүбүлүкэбит кэскилин түстэһэн саҕалаабыттара.
Дьиэ кэргэн бигэ туруга аҕаттан тутулуктаах
Быйыл дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Аҕа күнүн бэлиэтиир туһунан Ыйаахха илии баттаата. Бу бырааһынньык эмиэ Саха сириттэн силистээх. Тоҕо диэтэххэ, биһиги 1999 сылтан ыла Аҕа күнүн бэлиэтээн кэллибит. Арассыыйа таһымыгар тахсарыгар турууласпыт дьонтон биирдэстэрэ Айхал Иванович Габышев буолар. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа лигатын 2010 сылтан салайар.
Ыал – ийэтинэн
1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ийэ күнүн олохтуур туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. Онтон ыла Саха сиригэр алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл алтынньы 17 күнүгэр түбэһэр. 1993 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Ийэ күнүн олохтуур туһунан Ыйааҕа тахсыбыта. Онтон ыла Саха сиригэр алтынньы үһүс баскыһыанньатыгар Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл алтынньы 17 күнүгэр түбэһэр. Бу бэлиэ күнү көрсө, Дьокуускай куоракка олорор элбэх оҕолоох эдэр ийэлэри кытта кэпсэтии.
Сергей Кравцов: «Оҕону сайыннарыы – судаарыстыба соруга»
Ааспыт өрөбүллэргэ Москубаҕа кылаас салайааччыларын Бүтүн Арассыыйатааҕы I форума буолан ааста. Хайдах ис хоһоонноох үлэ ыытыллыахтааҕын, оҕо сайдар эйгэтин олохтуурга туох ирдэбиллэр уонна соруктар туруоруллубуттарын туһунан РФ Үөрэххэ миниистирэ Сергей Кравцов билиһиннэрдэ.
Мария Егорова: «Баҕа санааҥ күүстээх буолуохтаах»
Бүлүү улууһуттан төрүттээх урбаанньыт Мария Егорованы-@baatrovna кытары көрсөн, биисинэс, коуч туһунан кэпсэттибит.
«Неравнодушный гражданин». Кини кимий?
Саас ортолоох, үлэһит, олус сэмэй. Сүрэх баҕатынан, ис дууһатын ууран туран, төрөөбүт түөлбэтигэр кыһаллар. Дьоһуннаах кылаатын күннэтэ киллэрсэр, ылыммыт эппиэтинэһин, туруоруммут соругун ыһыктыбат. Үлэ ситиһиилээх, таһаарыылаах да буоллаҕына, ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат, түөһүн охсуммат. Киһи быһыытынан кэрэ, истиҥ.
Хоруона хамсыгын содула
«Стопкоронавирус.рф» саайт дааннайыгар олоҕурдахха, ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр 56 киһи хоруона хамсыгыттан суорума суолламмыт. Иэдээн дии?! Сэрии курдук... Ити өссө чопчу быһаарыллыбыта эрэ.
Тыл суолтата дириҥ, тыыннаах саҥа иччилээх
«Саха өйүн-санаатын дьүүлэ» диэн онлайн «атах тэпсэн олорон кэпсэтии» буолан ааста. Сүрүн ыалдьыт – Өймөкөөнтөн төрүттээх сылгыһыт, булчут, бөлүһүөк Александр Ильич Кривошапкин.
Мин эмиэ сахабын...
Көтөр аал дьоҕус түннүгүнэн Сайаана көрдөҕүнэ — улаҕата биллибэт, кэрдиитэ көстүбэт киэҥ куйаарга көп былыттар үөмэлэһэн, ханыылаһан, холбоһон, бу манна эрэ таабырыннаах туспа дойду баарын санатар курдуктар. Үрүҥ күн барахсан, халҕаһа былыттары уҥуордаан, ардыгар сэгэччи тыган сэргэхситэр, оонньоһордуу күлүмнүүр, көстө-көстө саһан хаалар.
2022 сыл бастакы аҥарыгар хаһыаты чэпчэтиилээх сурутуоххутун сөп. Декада кэмигэр хаһыат сыаната 40-ча % чэпчиир. Интернет-сайтка https://podpiska.pochta.ru/press/ПА508 компьютерынан, мобильнай төлөпүөнүнэн киирэн, онлайн сурутаҕыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0