Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Өрдөөҕүтэ биир кырдьаҕас кэллиэгэм, дьаарай табахсыт, эргэ хонтуорабыт аанын айаҕар олорон эрэ, табаҕын бусхата-бусхата: “Харчы төлүү-төлүү, бэйэлэрин доруобуйаларын айгыратааччылар бааллар үһү?” – диэн, эмискэ өйүттэн ылан, таабырын таайтарбыта.

Өрдөөҕүтэ биир кырдьаҕас кэллиэгэм, дьаарай табахсыт, эргэ хонтуорабыт аанын айаҕар олорон эрэ, табаҕын бусхата-бусхата: “Харчы төлүү-төлүү, бэйэлэрин доруобуйаларын айгыратааччылар бааллар үһү?” – диэн, эмискэ өйүттэн ылан, таабырын таайтарбыта.

Ону мин букатын атын куһаҕан дьаллыгы санаабычча, сыыһа хоруйдаан кэбиспитим. Оттон эһиги, арааһа, сөптөөх хоруйун тута билбиккит буолуо. Биллэн туран, хоруйа – табахсыттар. Киһим сол курдук табаҕа доруобуйатыгар буортулааҕын билэ-билэ, никотин абылаҥнаах дьаатыгар ыллартарбыта күүстээҕэ бэрт буолан, уһун күнү быһа бусхатар эбит. “Адьас оҕо эрдэхпиттэн табахтыыбын. Хаста даҕаны быраҕа сатаабытым да, туһа тахсыбатаҕа”, – диэн билиммитэ. Кырдьык, урукку дьон үксүлэрэ олох эдэрдэриттэн куһаҕан дьаллыкка ыллараллара уонна үйэлэрин тухары кыайан бырахпаттара.

c8c66f8d8957c2fe59438131d0175f59

Сүлүһүннээх буруо аныгы үйэҕэ

Үйэ уларыйа, иннин хоту бара турар. Ол гынан баран, ону кытта табах тилэх баттаһа иһэр. Сүтэр-симэлийэр санаата суох. Саҥаттан саҥа көлүөнэлэри сүлүһүннээх буруонан абылыы турар. Ол курдук, күн бүгүн табах саҥа көрүҥнэрэ күүскэ тарҕаннылар: электроннай сигарета (вейп), кальян, насвай, снюс, о.д.а. Балар бары “өбүгэлэрин” (бөппүрүөскэ) курдук, син биир табах үүнээйитин сэбирдэҕиттэн оҥоһуллаллар, доруобуйаҕа буортулаах химическэй эттиктэри таһаараллар. Этэргэ дылы, “сирэйдэрэ-харахтара” эрэ уларыйда. Ис оҥоһуулара, бириинсиптэрэ биир. Куһаҕана диэн, эдэр көлүөнэ табах маннык көрүҥнэрэ буортута суохтар диэн алҕас санааҕа киирэр, муода курдук көрөр. Онон аныгы куһаҕан дьаллыкка ыллартарбыт ыччат ахсаана сыллата элбии турар.

Табах сокуонун күүһүртүлэр

Ааспыт ыйга Госдума дьокутааттара Арассыыйаҕа табах сокуоннарын күүһүртүлэр. Электроннай сигареталары, кальяны уопсастыбаннай сирдэргэ тардары, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго атыылыыры бобор, административнай эппиэтинэһи үрдэтэр, аудиовизуальнай эрэкэлээмэни хааччахтыыр туһунан саҥа сокуону үһүс ааҕыыга ылыннылар. Онон сүлүһүннээх буруо бусхайара арыый аччыа диэн эрэл кыыма үөскээтэ. Туох да диэбит иһин, сир үрдүгэр киһиэхэ саамай күндүтэ – доруобуйата буоллаҕа!
Саҥа сокуон тугу этэрий?

Саҥа сокуон “электроннай табах” уонна “кальян” өйдөбүллэрин урукку сокуоннарга эбии киллэрдэ. Ону таһынан итинник өйдөбүллэринэн хайдах оҥоһуктары ааттыылларын чопчулаата. Итини кытта тэҥинэн РФ Административнай буруйу оҥоруутун кодексатыгар саҥа көннөрүүлэр киирдилэр. Ол курдук, табах ыаһын (насваяны) уонна эмэр табаҕы (снюс) улахан киһититтэн, оҕотуттан тутулуга суох атыылыырга административнай эппиэтинэс биллэ үрдээтэ. Холобур, маннык ыстырааптар олохтоннулар:
– биирдиилээн дьоҥҥо -- 15-20 тыһ. солк тиийэ;
– дуоһунастаах дьоҥҥо -- 30-50 тыһ. солк. тиийэ;
– юридическай сирэйдэргэ -- 100-1500 тыһ. солк. тиийэ.
Билиҥҥи үлэлии турар сокуонунан (КоАП 14.53 ыст.) ыстыраап биирдиилээн дьоҥҥо баара-суоҕа 2-4 тыһ. солк. Онон саҥа сокуон 4-5 төгүл үрдэтиини киллэрдэ. Ону сэргэ, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго атыылааһын туспа ыстыраабын олохтоото. Ол суумата өссө үрдүк.

Психическэй ыллартарыы

Психиатр-нарколог быраастар снюс уонна насвай сааһыттан тутулуга суох киһи доруобуйатыгар соматическай ыарыылары көбүтэллэрин этэллэр. Күнүн аайы маннык дьааты ыстыы эбэтэр эмэ сырыттаххына, психическэй ыллартарыы үөскүүр. Ону туһанан наркодилердэр ыччаты күүстээх наркотиктарга олордоллор. Судургутук эттэххэ, мантын наркомания алын сүөһүҕэ буолар.

Кальян туох буортулааҕый?

Кальян, төһө да буруолуур курдугун иһин, буруону таһаарбат. Ол оннугар иҥчэҕэй паары үөскэтэр. Онтун састаабыгар үгүс химическэй эттиктэр киирэллэр. Онон дорубуйаҕа буортулаах дьайыыта син биир улахан.

Кальян састааба:
 табах үүнээйитин сэбирдэҕэ;
 саахар сироба (“патока”);
 глицерин;
 консерваннар;
 ароматизатордар;
 никотин.

Бу састаап ордук кутталлаах эттигэ – никотин. Нефротоксическай дьаат. Кини киһи этигэр-сиинигэр (тыынар, ас буһарар, төрүүр-уһуур, о.д.а. уорганнарыгар) алдьатыылаахтык дьайар. Кальянныыр киһи сүрэҕэ тэбэрэ түргэтиир, хаанын баттааһына үрдүүр, мэйиитин тымырдара кыарыыллар. Никотиҥҥа киһи олус түргэнник ылларар.

Үксүгэр кальяҥҥа сымала (лабархай) суоҕун кэриэтин курдук кэпсииллэр, суруйаллар. Ол эрээри тыҥаны буортулуур сымала син биир баар. Кальян колбатыгар баар уу буортулаах эттиги бүтүннүү сиидэлээбэт. Онон дьаат тыҥаҕа син биир тиийэр, онно мунньустар. Ол кэлин тыҥа искэҥин көбүтүөн сөп.
Этиллибитин курдук, кальян буруота суох. Ол гынан баран, оксид углерода (СО2) син биир таһаарар. Тоҕо диэтэххэ, табаҕа буолбакка, чоҕо умайар. Онто хааҥҥа киирэн сүрэҕи уонна мэйиини ноҕуруускалыыр. Кислород киириитин бүөлээн кэбиһэр. Ону медиктэр “кислородунан аччыктааһын” диэн ааттыыллар. Ол түмүгэр тымыр быстыан эбэтэр бүөлэниэн сөп.
Кальян сигаретаттан туох сүрүн уратылааҕый? Ону маннык диэн хоруйдуохха наада. Кальяны тардар кэмҥэ иҥчэҕэй уонна сөрүүн паар үөскүүр. Онтун тыҥаҕа өссө дириҥник киирэн сөҥөр. Өскөтүн табахсыт тыҥатын үөһэ өлүүтэ айгырыыр буоллаҕына, кальянщик тыҥатын орто уонна аллараа өлүүлэрэ “өлөн” бараллар. Онон биири өйдүөх тустаахпыт. Ханнык баҕарар умайыы кэмигэр Менделеев табылыыссатын аҥаара үөскүүр. Оттон үгүс химическэй эттик доруобуйаҕа көннөрүллүбэт алдьатыылары оҥорор.

“Вейп” диэн тугуй?

Электроннай сигаретаны, муодунайдык “вейп” диэн ааттыыллар. Судургутук быһаардахха, вейп – мини-кальян. Онон бириинсибэ уонна сүлүһүннээх дьайыыта син биир кальяҥҥа майгынныыр. Үгүс вейпер (вейпы тардааччы) электроннай сигарета буортута суох диэн өйдөбүллээх. Ол эрээри, ол эдэр дьон улаханнык сыыһаллар.

Вейп састааба:
 глицерин;
 пропиленглиголь (Е1520);
 ароматическай эбиликтэр;
 никотин.

fgvdv

Электроннай сигареталары оҥорон таһаарааччылар, бородууксуйаларын олох буортута суох курдук ойуулууллар. Биллэн туран, ким: “Мин дьааты оҥоробун”, -- диэн этиэй? Харчы, барыс туһугар ким баҕар, туох баҕар диэн сөп.
ВОЗ (Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ) өссө 2014 сыллаахха аан дойду судаарыстыбаларын электроннай сигареталары (вейпи, вапорайзеры) боболлорун туһугар ыҥырбыта. Ол курдук, ити оҥоһуктары күөмэй, тыҥа, о.д.а. уорганнарга искэннэри үөскэтэр төрүөттэринэн ааттаабыта.
Күн бүгүн, хата, бу оҥоһуктар чахчы кутталлаахтарын өйдөөн, сайдыылаах судаарыстыбалар хааччахтааһыннары киллэрэ тураллар. Ол истэригэр Арассыыйа эмиэ киирбитэ барыбытын үөрдэр.
Туох буортулааҕый? Учуонайдар электроннай табах нитрозамин, диэтиленглиголь, формальдегид курдук сүлүһүннээх эттиктэринэн көннөрү сигаретаны 10 төгүл баһыйарын дакаастаабыттар. Холобур, формальдегидынан сүһүрбүт киһи, кэмигэр көмө оҥорботохторуна, өлүөн сөп. Ацетальдегид табахтааһыҥҥа түргэнник сыһыарар, ону сэргэ Альцгеймер ыарыытын көбүтэр, сайыннарар, түргээтэтэр. Ону таһынан үгүс исписэлиис: “Оҥорон таһаарааччылар састаабыгар никотин баарын элбэх түгэҥҥэ кистииллэр”, -- диэн уорбалыыллар. Саха өһүн хоһоонунан, “тыала суохха мас хамсаабат”. Ырыынак, түргэн барыс үйэтигэр оннооҕор буолуоҕу сымыйалыахтарын, кистиэхтэрин сөп. Оттон хас биирдии киһи бэйэтэ туспа төбөлөөх. Онон хас биирдии киһи үрүҥү, хараны араара үөрэниэхтээх.

Саха сиригэр балаһыанньа хайдаҕый?

Өскөтүн Арассыыйа олохтооҕун 29 %-на табахтыыр буоллаҕына, ити көрдөрүү Саха сиригэр олус үрдүк. Бүтэһик дааннайынан, нэһилиэнньэ 45 % табах куһаҕан дьаллыгынан үлүһүйэр. Арааһа, ааҕааччылар бэйэҕит да атын эрэгийиэннэргэ сылдьан, ону тэҥнээн көрбүт буолуохтааххыт. Ол гынан баран, 1-кы №-дээх поликлиника ыарыыны сэрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ Ефросинья Дьячковская: “Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ табахсыт ахсаана биллэ аҕыйаан иһэрин бэлиэтии көрөбүт”, -- диир.

– Арассыыйаҕа табах XVII үйэттэн тарҕанан барбыта. Ыраахтааҕы Бүөтүр I хааһынаҕа үп-харчы киллэрээри, табаҕынан эргинэри көҥүллээбитэ, көҕүлээбитэ.
Көннөрү сигарета буруота 5000 кэриҥэ химическэй эттиги таһаарар. Электроннай табах – 4000 кэриҥэ. Итинтэн 400 эттигэ сүлүһүннээх. Олортон 60 бэссэстибэтэ киһи доруобуйатыгар уһулуччу кутталлаах. Искэн ыарыыларын, сэллиги көбүтэллэр.
Табах ханнык баҕарар көрүҥүн сүрүн дьаата – никотин. “Биир көннөрү сигарета 10 мг никотиннаах” диэн суруйаллар. Урут табах фабрикаларыгар “курительные машины” диэн никотины бэрэбиэркэлиир аппарааттары туруорар этилэр. Олор 10 мг никотин баар буоларын хааччыйаллара. Билигин ханна, хайдах оҥороллоро чопчу биллибэт. Дьиҥэр, никотин кыра да кээмэйэ олус буортулаах.
Киһи табаҕы төһөнөн уһуннук тардар да, соччонон күүскэ ылларар, доруобуйатын айгыратар. Холобур, табах састаабыгар бензол, кадмий, мяшьяк, никель, хром курдук эттиктэр киирэллэр. Балар бары киһи уорганнарыгар сөҥөллөр уонна кэмниэ кэнэҕэс искэҥҥэ тиэрдэллэр. Аны туран, табахсыт күнү быһа буруонан тыына сылдьар. Оттон СО2 хааҥҥа кислород киирэрин бопсор. Ол түмүгэр сүрэх үлэтэ мөлтүүр, мэйии тымыра кыарыыр, хаан эргийиитэ ыһыллар. Итилэр инфаркт, инсульт, атеросклероз, искэн курдук киһи доруобуйатыгар улахан охсуулаах ыарыылар төрдүлэрэ буолаллар.
Билигин табах араас муодунай көрүҥнэрэ элбээтилэр: вейп, кальян, снюс, о.д.а. Итилэр ааттара, тас көрүҥнэрэ эрэ майгыннаспат. Ол эрээри, бириинсиптэрэ, киһиэхэ дьайыылара үүт үкчү. Холобур, кальяны тардар киһи төһөнү тардарын билбэт. Оборо-оборо олорор. Ол түмүгэр мэйиитигэр уонна тыҥатыгар улахан охсууну ылар. Никотина төбөтүгэр охсор. Паарыгар үөскүүр карбоксигемоглобин ханнык баҕарар уоргаҥҥа кислород киирэрин бүөлүүр. Сымалата тыҥатыгар киирэн сөҥөн хаалар. Ити барыта мунньуллар, итиэннэ киһи доруобуйатын кэбирэтэр, айгыратар.Дьиҥинэн, табахсыт 70 % табаҕын быраҕыан баҕарар. Ол гынан баран, психическэй ыллартарыылара күүстээҕэ бэрдиттэн кыайан бырахпаттар. 5 % эрэ киһи эмэ уонна быраас көмөтө суох быраҕар. Оннук быраҕарга күүстээх баҕа санаа, дьулуур, тулуур наада.
Уһуннук табахтаабыт дьон 86 %-на искэн ыарыынан ыалдьар. Үксүгэр тыҥалара, күөмэйдэрэ рак буолар. Аны элбэх табахсыт хааныгар холестерин үөскээн, араас атеросклерозка тиэрдэр.
Статистика аан дойду үрдүнэн 1,26 млрд киһи табахтыыр диэн этэр. Онтон 47 % -- эр киһи, 12 % -- дьахтар. Хомойуох иһин, Арассыыйаҕа табахсыт дьахтар ахсаана олус элбэх. Холобур, дьахтар табахтыыр буоллаҕына, мөлтөх доруобуйалаах, ситэ сайдыбатах, кыччыгый ыйааһыннаах оҕону төрөтөр. Онон оҕо күүтэр дьахталлар табахтыыллара олох көҥүллэммэт. Аны төрөппүттэрэ табахтыыр буоллахтарына, оҕо “пассивный курильщик” буола сылдьар. Оччоҕо биирдэ эмэ табаҕы боруобалаатаҕына, тута ылларар. Тоҕо диэтэххэ, хааныгар номнуо никотиннаах буолар. Ол иһин төрөппүт оҕотун аттыгар хаһан да табахтыа, куһаҕан дьаллыгын көрдөрүө суохтаах.
Кэлин сокуоннар кытаатаннар (маҕаһыыннарга көстөр сирдэргэ уураллара бобуллан, о.д.а.), ону сэргэ чөл олоҕу тутуһар ыччат элбээн, табахсыт ахсаана сыыйа аҕыйаан иһэрэ көстөр. Онон Госдума саҥа сокуона балаһыанньаны көннөрөргө өссө туһалыа диэн эрэнэбин, – диэн быраас санаатын үллэһиннэ.

заперт кур 1

“Табах буруотун” умуллараары туран

Ыстатыйабын түмүктээри туран, табах дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр өссө экэнэмиичэскэй охсуутун санатыахпын баҕарабын. Холобур, үгүс орто хамнастаах киһи “Бонд” “араҥаһын” атыылаһан тардар. Удамыр сыаналаах диэн. Онтун паачката 130 солк. Дьаарай табахсыт күҥҥэ 1 паачканы тардар. Ол аата ыйга 3900 солк. ороскуотурар. Онто сылга 46 800 солк. буолан тахсар. 130 солк – кыра харчы, оттон 46 800 солк. – номнуо додо суума. Онон кырдьаҕас кэллиэгэм таайтарбытыгар дылы, “харчы төлүү-төлүү, бэйэбит доруобуйабытын айгыратарбыт төһө сөптөөҕүй?” диэн ыйытыахпын баҕарабын...
Илья ОКОНЕШНИКОВ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением