Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

Киһи аймах табах диэн тугун билбитэ, табаҕы тардар буолбута быдаарыйда.

Киһи аймах табах диэн тугун билбитэ, табаҕы тардар буолбута быдаарыйда.

Историяттан биллэринэн

Биһиги эрабыт иннинэ 4000 сыл анараа өттүгэр Америка төрүт олохтоохторо табаҕы ыас оҥостон ыстыыр да, тардар да эбиттэр. Майялар Уаксатун (билигин Гватемала) диэн куораттарыттан көстүбүт, археологтар биһиги эрабыт иннинэ 1000-600 сыллааҕыта оҥоһуллубут диэн быһаарбыт туой иһиттэригэр табаҕы тарда олорор дьон ойууламмыт.

Европаҕа табах Американы арыйыы кэнниттэн, XV үйэ бүтүүтүттэн, аҕалан тарҕатыллыбыта. Христофор Колумб 1492 с. билиҥҥи Куба арыытыгар тиийэн, олохтоохтор ханнык эрэ үүнээйи сэбирдэҕин ыстыылларын уонна хамсаҕа уган уматан баран, тардан буруотун эҕирийэллэрин, өссө муннуларынан таһааралларын дьиктиргии көрбүт. Индеецтэр ол үүнээйини «каоба» диэн, оттон хамсаларын «табако» диэн ааттыыр эбиттэр. Онтон ыла, «табах» диэн тыл үөскээбит.

Табаҕы бастаан акыйаан уҥуоруттан тиэйэн аҕалар эбиттэр, XVI үйэ ортотуттан сиэмэтин аҕалан, Францияҕа, Португалияҕа, Испанияҕа олордор буолбуттар. Ити кэмтэн ыла атыы-эргиэн табаарын быһыытынан табах Европа дойдуларыгар киэҥник тарҕаммыт. Нуучча сиригэр табах XVII үйэ саҕаланыыта киллэриллибит. Буортулааҕа биллэн, «бесовскае зелье» диэн сүрэхтэнэн, ыраахтааҕы ыйааҕынан бобулла сылдьыбыт. Табаҕы атыылааһын Петр I ыраахтааҕы саҕана көҥүллэнэр буолбута, Саха сиригэр тиийэ кэлбитэ.

Буортута элбэх

Киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар, санааны аралдьытар, уоскутар курдук буолан, дьон табахха түргэнник ылларбыта. Урут табах сүрүн дьаатынан никотин буолара, табаҕы тардааччылар хамсаны, мустуугу туһанан ити дьаат киһиэхэ дьайыытын, тыҥаҕа тиийиитин кэм аҕыйатар этилэр. Никотин үксэ хамсаҕа, мустуукка чоҕой буолан иҥэн хаалара, ону уоттаах табахсыт оҕонньоттор хамсаларын быһаҕынан кыһыйан ыраастыылларын билигин саастаах дьон үчүгэйдик өйдүүр буолуохтаахтар.

Кэнники сылларга табаҕы оҥорор «технологтар» никотины таһынан, киһи табаҕы тардарга түргэнник үөрэнэригэр, киһи организма табахха дөбөҥнүк ылларарыгар анааннар, араас күүстээх дьааттары эбэр буоллуллар. Ол курдук, билиҥҥи табахтарга эбэллэр:

– Никотины, аммиагы, онтон да атын эттиктэри;

– Табах сытын-сымарын тупсараары – араас үчүгэй сыттаах эттиктэри, саахардары. Олор умайдахтарына, табах буруотугар «тератогеннар» диэн киһиэхэ искэн (рак) ыарыытын үөскэтэр дьааттар үөскүүллэр;

– Табах түргэнник умайарын наадатыгар – селитраны, ацетону;

– Табах буруота киһи айаҕын иһин салыҥнаах бүрүөтүгэр сымнаҕастык дьайарын туһугар – ментолу, онтон да атын эттиктэри;

– Табах буруота кыраһыабай өҥнөөх буоларын наадатыгар – араас кырааскалыыр эттиктэри.

табах_--_3.jpg

Искэн ыарыы төрүөтэ

Дьэ бу маннык эттиктэр баалларын түмүгэр, табах буруотугар киһиэхэ араас ыарыылары, ол иһигэр искэн ыарыытын (!) үөскэтэр бензо(а)пирен, бензол, формальдегид, кадмий, ртуть, сибиньиэс, мышьяк, водород циананидын курдук сүһүрдэр күүстээх эттиктэр үөскүүллэр. Бу дьааттар дьайыыларынан, табахсыттар сүрэх, хаан систиэмэтин, онтон да атын искэн ыарыыларынан ыалдьаллара элбээн иһэр. Билигин искэн курдук уодаһыннаах ыарыы 15 көрүҥэ үөскүүр биир сүрүн төрүөтүнэн ТАБАХ буолара үчүгэйдик дакаастанна.

Кэскили быһар

Табахтааһын иккис улахан содулунан дьахтар төрүүр-ууһуур уорганнарыгар уонна оҕолор доруобуйаларыгар дьайара буолар. Ол курдук, табахсыт кыргыттар, дьахталлар эмиий искэнинэн ыалдьыыларын көрдөрүүтэ табаҕы тардыбат дьахталлардааҕар икки-үс төгүл үрдүк.

Ону таһынан табахсыт дьахталларга табаах дьааттара дьайаннар:

-- Дьахтар яйцеклеткалара өлөллөр, ол түмүгэр, кинилэр оҕолонор дьолтон маталлар. Маны дэлэҕэ «добровольная кастрация женщин» диэхтэрэ дуо?

-- Оҕолонор да буоллахтарына, ситэ сайдыбатах, оккураҥ оҕону төрөтөллөр. Оннук оҕолор киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн төбөлөрө, сирэйдэрэ, илиилэрэ-атахтара, ис уорганнара араас дефектээх, өйдөрө сиппэтэх... буолаллар. Үчүгэй оҕолор төрөөтөхтөрүнэ даҕаны, иммунитеттара мөлтөҕүн быыытынан, араас ыарыыга, ол иһигэр искэн ыарыытыгар дөбөҥнүк ылларар кутталлаахтар.

Дакаастаммыта итинник.

Хармааны тэбиир

Табах киһи доруобуйатыгар улахан охсууну оҥорорун таһынан, табахсыттар хармааннарын тэбиир. Ол курдук, Арассыыйа Федерациятын Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин чахчытынан, Арассыыйа дьоно биир сыл устатыгар табаҕы атыылаһыыга 600 миллиард солкуобайы ороскуоттуур эбиттэр! Атыннык эттэххэ, дойду хас биирдии олохтооҕо, биһиккэ сытар эһээхэй оҕоттон саҕалаан аарыма кырдьаҕаһыгар тиийэ, сылга 4 000 солкуобайынан табах атыылаһар. Дьэ суоттааҥ көрүҥ эрэ, табахсыт ыал бу сүлүһүҥҥэ төһө харчыны барыыр эбитий?

Табах дьон доруобуйатыгар, олоҕор-дьаһаҕар арыгыттан, наркотиктан итэҕэһэ суох охсуулаах. Ити иһин Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ 1988 сыллаахха ыам ыйым 31 күнүн Табахтааһыны утары аан дойдутааҕы күнүнэн биллэрбитэ. Табаҕы киһи бэйэтин санаатын күүһүнэн, туох да эмэ-томо суох, төһө баҕарар чэпчэкитик быраҕар кыахтаах. Сахам ыччаттара, ону өйдөөҥ, чөл олоҕу тутуһуҥ, кэскилгитин санааҥ!

Табах_--_2.jpg

Табахтан аккаастаннахха:

– 2 чааһынан никотин организмтан тахсыыта саҕаланар.

– 12 чааһынан углерод аһыыта тахсан, тыҥа үлэтэ тупсар, салгын тиийбэт буолуута ааһар.

– 2 хонугунан сыты-амтаны билии сытыырхайар, сыты-амтаны билии ханааллара сымалаттан, чоҕойтон сыыйа ыраастаналлар.

– 12 нэдиэлэнэн хаан эргиирэ тупсар.

3-9 ыйынан сөтөл, аҕылааһын уо.д.а. ааһар, тыҥа үлэтэ 10 %-ынан күүһүрэр.

Сокуоҥҥа тирэҕирэн

2013 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр «Табахтааһынтан уонна табах буруота тулалыыр эйгэҕэ дьайыытыттан гражданнар доруобуйаларын харыстыыр туһунан» 15 №-дээх федеральнай сокуон олоххо киириэҕиттэн, Арассыыйа үрдүнэн табахтыыр киһи ахсаана 21 %-ынан, табаҕы атыылааһын таһыма 30 %-ынан аҕыйаата. Уопсастыбаннай миэстэлэргэ табаҕы тардар бобулунна, тэрилтэлэргэ анал табахтыыр сирдэр оҥоһулуннулар.

Сигарета хаатыгар табах содулуттан үөскүүр ыарыы туһунан суруйар уонна табах састаабыгар ханнык дьаат баарын ыйар ирдэннэ. Табах сорох көрүҥэ буортута суоҕун туһунан сымыйаны тарҕаппат инниттэн, сигареталары «чэпчэки», «ураты чэпчэки», «экстра», «хатан» диэн араарар бобулунна.

Алексей АБРАМОВ,  биология билимин дуоктара, бэрэпиэссэр

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением