Сокуонунан бигэргэниэ дуо?
Бу күннэргэ дойду үрдүнэн көтөр аал уонна тимир суол тырааныспардарыгар, ону тэҥэ маассабай тэрээһиннэргэ, маҕаһыыннарга, кафеларга уонна рестораннарга ирдэбил быһыытынан булгуччулаах QR-кодтары киллэрии туһунан икки сокуон барылын Госдумаҕа көрүү тохтотулунна. Болдьоҕо биир ыйга диэри уһатыллан, эрэгийиэннэр парламеннарыгар дьүүллэһиигэ ыытылынна. Былаан быһыытынан, Госдума сис кэмитиэттэрэ сокуон барылын ис хоһоонун өссө эбии сиһилии үөрэтиэхтэрэ, наада буоллаҕына, уларытыылары киллэриэхтэрэ. Биричиинэтэ – нэһилиэнньэ утарсар.
Саха сиригэр QR-код эрэсиимигэр олорбуппут ый кэриҥэ буолла. Алтынньы 20 күнүттэн култуура, спорт, атыы-эргиэн кииннэригэр, аһыыр сирдэргэ киирэргэ быһыыны ылбытын эбэтэр коронавирус ыарыытыттан үтүөрбүккүн туоһуулуур QR-коду көрдөрүөхтээхпит. Бу дьаһалы утарар да, сөбүлэһэр да дьон элбэх. Манна даҕатан, Татарстаан үрдүкү былааһа хааччахтары өссө күүһүрдэн, аан бастакынан саҥа быраабылалары оҥорон үлэлэттэ. Билигин уопсастыбаннай тырааныспарга пассажир салоҥҥа киирээт, QR-кодун көрдөрүөхтээх, суох буоллаҕына, мөккүспэккэ-аахсыбакка тахсан барыахтаах. Саҥа быраабыла үлэлиэҕиттэн уопсастыбаҕа тыҥааһын улаатта, такси сыаната икки бүк үрдээтэ, оттон кондуктордар уонна суоппардар эбии ноҕоруускаҕа хамнас төлөммөтүн туһунан этиниилэрэ элбиир.
Сылыктаан көрдөххө, баҕар, ахсынньы 14 күнүгэр икки сокуон барыла Госдума көрүүтүгэр төннүөҕэ, күн бүгүн сокуон ылыллара чуолкайа биллибэт. Социальнай-бэлитиичэскэй кыһалҕалары учуоттаан, хааччахтары киллэрии иһин эппиэтинэһи салгыы эрэгийиэннэр былаастарын көрүүтүгэр сүктэриэхтэрин сөп. Сүнньүнэн, технологическай өрөбөлүүссүйэ чэрчитинэн, пандемия уопсастыба сыыппараҕа көһөр бырасыастарын түргэтэтэргэ тиэрдэр, ол эрээри нэһилиэнньэ маннык дохсун уларыйыылар киирэллэригэр бэлэмэ суоҕун көрдөрөр. Тиэтэлинэн, суһаллык ылыллыбыт сокуон бигэ тирэҕэ суоҕа көстүөҕэ. Балаһыанньа уларыйа турар. Хата, үөрүүлээх сонун тарҕанар – Японияҕа коронавирус суох. Чинчийээччилэр этэллэринэн, мутация түмүгэр, вирус бэйэтин ыраастаммыт. Бэрэпиэссэр Иноуэ итиннэ хас да халыып төрүөт сөп түбэспитин бэлиэтиир: бастатан туран, маассабай вакцинация уонна кытаанах сэрэтэр-харыстыыр дьаһаллар.
Сылтахтанан арахсар буоллубут
СӨ Уопсастыбаннай палаатата сэтинньи 24 күнүгэр «QR-коду уопсастыбаннай сирдэргэ киллэрии туһунан» онлайн «төгүрүк остуолу» тэрийэн ыытта.
140 тахса киһи кыттыылаах мунньахха кыһалҕаны дьүүллэһии ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт кэриэтэ аймалҕаннаахтык барда. Нэһилиэнньэҕэ арахсыы баара биллэрдик көстөр – вакцинаны, QR-коду утарсааччылар да, биһирээччилэр да элбэхтэр.
Мунньахха үгүс тыл этээччи, мэдэссиинэ үлэһиттэрэ нэһилиэнньэни кытта үлэни, өйдөтөр-сырдатар тэрээһиннэри күүһүрдэллэригэр, хас биирдии киһиэхэ сыһыаны уларыталларыгар баҕардылар. Ону таһынан, Саха сиригэр QR-код эрэсиимэ олоххо киирэн үлэлээбитин кэннэ, итэҕэстэр баалларын ыйытыктарынан ыйдылар: «QR-коду тоҕо сорох тэрилтэлэргэ күүскэ хонтуруоллуулларый, атыттарга кыһамматтарый?», «Тоҕо арыгы атыылыыр маҕаһыыннарга QR-код ирдэбилэ туһаныллыбатый?», «Арыгы маҕаһыыннарын иннигэр, киирэр аан аттыгар үлэтэ, олорор дьиэтэ суох дьоммут мааската да, быһыы ылбакка да, QR-кода суох туралларый?».
Ити курдук мунньах устатын тухары ыйытыктар киирэллэрэ тохтообото, ол аата дьон интэриэһигэр бу кыһалҕа тыын боппуруос буолара дакаастанна.
«QR-код систиэмэ хааччахтааһынын бары тэрилтэлэргэ киллэриэххэ эбэтэр олох да тохтотуохха наада. Мин утарсар да, биһириир да дьону өйдүүбүн. Уопсастыба олоҕор туох эрэ саҥаны, уларыйыылары киллэрии мэлдьи ыарыылаахтык ылыныллара, – диэн Саха сирин Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, «Биисинэс-оскуола» эбии идэҕэ үөрэхтээһин тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Наталья Харенко кэпсиир. – Мөккүөрэ суох, итэҕэстэр элбэхтэр, ол эрээри барыс эмиэ баар. Мин 50-тан тахса төрөппүттэн саҥа эрэсиим үчүгэйин уонна итэҕэстэрин туһунан ыйыталастым. Итэҕэстэр баалларын үрдүнэн, кинилэр ордук үтүө өрүттэр баалларын сэһэргээтилэр: көрсүө быһыы көрдөрүүтэ тубуста, судаарыстыба өттүттэн нэһилиэнньэ доруобуйатыгар кыһамньы баар буолбута көһүннэ, уопсастыбаннай миэстэлэргэ көмүскэллээх буолуу санаатын үөскэттэ, атыы-эргиэн, сынньанар кииннэргэ оҕолор мээнэ сылдьалларын эбии хонтуруоллуур ситиһилиннэ, оттон урбаанньыттарга килийиэннэри үөрэтэн, саҥа база оҥостоллоругар табыгастаах усулуобуйаны түстээтэ. Итэҕэстэри эрэ көрбөккө, барыстары учуоттаан, сөптөөх быһаарыылары ылынаргытыгар баҕарабын», –диэн кини этиитин түмүктээтэ.
Саха сирин дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа дьахталларын сойууһун бюротун чилиэнэ, палаата чилиэнэ Анжелика Андреева, СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга урукку миниистирэ, палаата чилиэнэ Анатолий Бравин уонна «Индустрия будущего» АНО дириэктэрэ, «Точки кипения — Якутск» бырагыраамалыыр дириэктэрэ Иван Степанов уларыйыылары сымнаҕастык ылыналларыгар баҕа санааларын эттилэр, коронавирус утары вакцинаҕа итэҕэйэллэрин кэпсээтилэр уонна күргүөмүнэн хара дьайдаах ыарыыны утары быһыыны түргэнник ылалларыгар ыҥырдылар.
Көдьүүстээх буолара биллибэт
Госдума дьокутаата, «Новые люди» баартыйа фракциятын чилиэнэ, Дьокуускай куорат экс-мээрэ Сардаана Авксентьева бу күннэргэ икки сокуон барыла социальнай ситимнэр сытыы болҕомтолоругар турарын туһунан санаатын эттэ:
– Биһиги эмиэ уопсастыбаннай миэстэлэргэ уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан сылдьарга QR-код систиэмэтин киллэрии туһунан икки сокуон барылын ырытыахтаахпыт. Билигин сокуон барыла эрэгийиэннэринэн ый кэриҥэ болдьохтоон, сыанабылга ыытылынна. Итинэн сибээстээн, санаа атастаһарга биһиэхэ туох да мэһэйдээбэт.
Сокуоннар олоххо киирэр түгэннэригэр, туох кыһалҕа көрсөрбүтүн ыйытыктарынан суруйдум, эһиги бэйэҕит эмиэ эбэн биэриэххитин сөп:
1) Коронавирус хамсыгынан киһи биир тэҥник ыалдьыбат, симптома суох, биллэрбэккэ эрэ сутуллар, ыалдьар буоллаҕына, «вакцина ылбыт уонна ылбатах» диэн туох ис хоһоонноох дьону араарыахха нааданый?
2). QR-код систиэмэтин аҕам саастаах дьон хайдах сатабыллаахтык туһаныахтарай?
3). Ким уонна киһи ханнык быраабын чэрчитинэн QR-код хонтуруолун ыытарый?
4). Хонтуруолу ыытааччылар тиэхиньиичэскэй хааччыллыылара эппиэттиир дуо? Уопсастыбаннай тырааныспарга халыҥ уочарат үөскүө суоҕа дуо?
5). Киһи тус дааннайдарын көмүскээһиҥҥэ ким эппиэттиирий? Систиэмэ тиэхиньиичэскэй бириичиинэнэн алдьанар түгэнигэр, тугу гынабыт?
6). QR-код эрэсиимэ сокуонунан кэлэр сыл бэс ыйын 1 күнүттэн киирэр эбит буоллаҕына, билигин тоҕо бачча элбэх үп ороскуоттанарый?
7). Нэһилиэнньэҕэ вакцинацияны харчынан эбэтэр кэпсэтии түмүгүнэн көҕүлүүр ордук буолбатах дуо?
8). Холобур, QR-кода суох буоллаҕына, тохтобулга киһини тоҥо-хата хаалларыахтара дуо? Ыксаллаах быһыыга көтөр аалынан ханна да көппөт дуо?
Биисинэс боччумнаахтык эмсэҕэлиэҕэ, маннык «киҥнээх охсуу» кэннэ, көнүө да суоҕун сөп. Көтөр аал былаһааккалара эмиэ эмсэҕэлиэхтэрэ дии саныыбын. Баҕар, өссө билиэт сыаната үрдүөҕэ. Ис туризм кытаанах кыһалҕалары көрсүө. Биһиги сиэрдээх баартыйабыт ыйыллыбыт этиилэргэ, атын да ыйытыктарга тоҕоостоох хоруйдары күүтэр. Кэлин бэйэбит этиилэрбитин бэлэмниирбитигэр наада буолуоҕа. Мин вакцина ылбытым, ол эрээри, мин санаабар, билиҥҥитэ QR-код систиэмэни киллэрии көдьүүстээх буолара биллибэт.
Ити курдук, күһэйии көмөтүнэн QR-код систиэмэтин киллэриини, маассабай быһыыны туруоруу дьаһалларын уопсастыба ыарыылаахтык ылынара баар суол. Этэргэ дылы, итэҕэстэри-быһаҕастары ыйбакка, сыныйан көрдөөбөккө, ол эрээри барытыгыр эмиэ сөпсөһөн олорбокко, хайдах быһаарыылары ылынарбытыттан биһиги доруобуйабыт, инникибит тутулуктанарын өйдүөх тустаахпыт.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0