Чөл олоҕу тарҕатыы, арыгы атыытын утары охсуһуу үлэлэрэ салгыы салҕаналлар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьон-сэргэ, уопсастыбаннас көҕүлээһининэн, чөл олохтоох нэһилиэктэр элбээн иһэллэр.
Санаттахха, 2017 сыллаахха «Циркон» диэн чинчийэр бөлөх Москваттан кэлэн, чөл олохтоох нэһилиэктэри анаан-минээн үөрэппитин түмүгэр, нэһилиэнньэҕэ кэккэ уларыйыылар тахсыбыттар:
— Дьон арыгыны кистээн иһэр буолбут;
— Арыгыта суох бырааһынньыктар элбээбиттэр (уруу бырааһынньыктара, үбүлүөйдэр);
— Дьон спордунан дьарыктанара көстөр (холобур, хаалыктаах хаамыы уо.д.а.);
— Нэһилиэккэ куттал суох буолуута, оҕо-аймах уулуссаҕа хойукка диэри оонньуура бэлиэтэммит;
— Буруйу оҥоруу аччаабыт, ордук чуолаан ыар буруйу оҥоруу.
Бу күннэргэ Уус Алдан Тумулуттан төрүттээх эдэр урбаанньыт Петр Черкашин инстаграм социальнай ситимигэр санаатын үллэһиннэ:
- Алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри биллэриллибит локдаун кэмигэр, тэрилтэлэр уонна урбаанньыттар үлэлэрин тохтоттулар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн билигин балыыһалар, аптекалар, бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ, мэдэссиинэ тэрилтэлэрэ, гостиницалар, хостеллар, ону тэҥэ олох- дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбалар тэрилтэлэрэ эрэ үлэлииллэр.Маны таһынан спортивнай эбийиэктэр, спорт саалалара уонна кулууптар сабылыннылар. Хата, ол оннугар, локдаун кэмигэр, салгыы арыгы маҕаһыыннара үлэлииллэр. Хайдах маннык буоларый? Арыгы биисинэһигэр ким да ыйаах буолбат, сокуон суруллубат дуо? Тоҕо эрэгийиэннээҕи парламент олохтоох таһымҥа арыгы атыытын хааччахтыыр сокуону көҕүлүүр кыаҕа суоҕуй?
Дьиҥ чахчытынан этинэр буоллахха, итирдэр утахтаах дьон араас көрсүһүү тэрийэллэрин оннугар, доруобуйаны бөҕөргөтөрө уонна спордунан дьарыктанара ордук буолуо этэ. Өс хоһооно баар: «Тугу эрэ сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, онно усулуобуйата тэрий». Ол курдук, итирик туруктаах олохпут сайдарыгар, усулуобуйа барыта тэриллэр курдук буолан тахсар. Бэл, локдаун кэмигэр алкомаркеттар сабыллыбатылар, ол оннугар күн ахсын ахсаана элбээн иһэр. Тулаайах буолуу уонна араас сокуоннары кэһии кыһалҕалара арыгыттан уонна арыгылааһынтан тахсаллар. 2020 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ аһыы утаҕы атыылаһарга 6,5 млрд. солк. ороскуоттаабыт, оттон табах бородууксуйатыгар - 2 млрд. солк. Билигин өрөспүүбүлүкэ 445 нэһилиэгиттэн арыгыттан аккаастаммыта - 188. Арыгыттан, пиибэттэн тахсар буруйу оҥоруу ахсаанын аҕыйатар туһуттан, арыгыттан аккаастаммыт нэһилиэктэр ахсааннарын элбэтиэхпитин, арыгыны утары охсуһууга үлэни күүһүрдүөхпүтүн наада.
Эһиги санааҕытыгар, локдаун кэмигэр арыгы атыылыыр маҕаһыыннара үлэлиэхтээхтэр дуо?
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0