Түмсүүлээх үлэ үтүө түмүгэ
Саха Сирин күннэрэ Федерация Сэбиэтигэр хайдах ааспытын туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев санаатын үллэһиннэ: «Саха Сирин күннэрэ РФ Федерациятын Сэбиэтигэр олус үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенколыын кэпсэтэн баран, бу тэрээһини сыл устата бэлэмнээтибит. Бу Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн түмүктүүр сүрүн тэрээһининэн буолар. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар аналлаах дьаһалы ылыныыга элбэх уонна суолталаах дьыалабыай кэпсэтиилэр бардылар. Ол курдук, Саха Сиригэр сенатордар элбэхтик, чуолаан, Дьокуускайга эрэ буолбакка, Аартыка улуустарыгар эмиэ сырыттылар. Кэмитиэттэргэ эмиэ сөптөөх үлэ ыытылынна. Тустаах дьаһал сүрүн төрүтүн оҥоруу, ылыныы бу барыбыт түмсүүлээх үлэбит үтүө түмүгүнэн буолар».
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев: «Айсен Сергеевич этиитин кытта сөпсөһөбүн. Түгэнинэн туһанан, Саха Сирин сайдыытыгар улахан өйөбүлү оҥорбут Федерация Сэбиэтин сенатордарыгар, чуолаан, Валентина Матвиенкоҕа ис сүрэхпиттэн махтанабын. Бүгүҥҥү дьаһал төрүтүн оҥоруу барыбыт бииргэ үлэлээбиппит үтүө түмүгүнэн буолар. Дьаһалга Саха Сирэ инники сайдыахтаах социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бары хайысхалара сиһилии хабыллаллар. Биһиги этиилэрбит, туруорсууларбыт үгүс өттө барыта киирдэ, учуоттанна».
Өлүөнэ муостата
Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко Өлүөнэ муостатын тутууга паритетнай үбүлээһин схематын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев этиитин өйөөтө. Үбү-харчыны көрүү 2025 сылга былааннаммыт. Уураах бырайыагынан Федерация Сэбиэтэ РФ бырабыыталыстыбатыгар Өлүөнэ муостатын тутууну «Развитие транспортной системы» судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн кыттыгас үбүлээһини (софинансирование) оҥорорго сүбэлээтэ.
Авиа-тарыыптары субсидиялааһын
Федерация Сэбиэтин бүддьүөккэ уонна үп ырыынагын кэмитиэтин мунньаҕар авиа-тарыыптары субсидиялааһын боппуруоһун тула ирэ-хоро кэпсэттилэр. «Саха сиригэр килиимэт тыйыс усулуобуйалааҕын таһынан, суол-иис боппуруоһа ыарахаттардаах. Холобур, Дьокуускайтан Аллараа Халымаҕа кэлэ-бара 80-ча тыһ. солк. тиийэр», — диэн Ил Түмэн дьокутаата Юрий Николаев бэлиэтээн эттэ. Мунньах кэмигэр субсидиялаах көтүүнү хааччыйар «Якутия» АХ Уһук Илиннээҕи авиахампаанньаны кытары холбооһун туһунан боппуруоһу РФ Тырааныспарын министиэристибэтин кытары салгыы үлэлэһэргэ этилиннэ.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү
Саха Сирин олохтоохторугар табыгастаах эйгэни тэрийии, хаарбах уонна олорорго сөбө суох дьиэ пуондатын аҕыйатыы өрөспүүбүлүкэ сайдарыгар ураты суолталаах. Бу икки сыл үлэлээбит тиһиктээх сайдыы мэхэньиисимэ ити боппуруостары быһаарарга туһуламмыта. Дьүүллэһии түмүгүнэн ФС кэмитиэтэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын судаарыстыбаннай өйөбүлүн туһунан» Федерация Сэбиэтин уурааҕын бырайыагар Арассыыйа Бырабыытыластыбатын эбии пуондатыттан Кэлимник сайдыы бырагырааматынан, Дьокуускай куоракка хаарбах олорор дьиэлэртэн көһөрүүгэ анаан саҥа дьиэлэри тутууга үбүлээһини тыырарга сүбэлээтэ.
Үөрэхтээһин
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэх уонна култуура эбийиэктэрин тутууга судаарыстыбаннай көмө өйөбүллэрин тула кэпсэттилэр. Мунньах түмүгүнэн Ил Түмэн дьокутаата Феодосия Габышева кэпсиир: «Мунньахха улахан суолталаах боппуруостар көрүлүннүлэр. Ол курдук, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр баар үөрэх уонна култуура тэрилтэлэрин инфраструктуратын сайыннарыы тула кэпсэттибит. Манна биһиги сайаапкабытынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кампуһугар мэдиссиинискэй институт үөрэнэр куорпуһун тутуутун уонна «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларынан сибээстээн, Дьокуускайга баар Олимпийскай дэриэбинэ уопсайдарын уо.д.а. спортивнай эбийиэктэри өрөмүөннээһин боппуруостара турда. Маны таһынан Муусука Үрдүкү оскуолатын үөрэнэр куорпуһун тутуу боппуруоһа көтөҕүлүннэ. Биһиги наука, үөрэҕирии уонна култуура кэмитиэтин кытары ыкса үлэлиибит».
Мэдиссиинэ
Федерация Сэбиэтигэр Дьокуускайга инфекционнай балыыһа тутуутун, арктическай мэдиссиинэ, «Аартыка оҕолоро» бырайыак, санитарнай авиация туһунан боппуруостары көтөхтүлэр. Айсен Николаев кэлэр сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ Аартыка оройуоннарыгар анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥорууга пилотнай бырайыак үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, пилотнай бырайыакка олоҕуран, Аартыка улуустарыгар мобильнай биригээдэлэр эрэгийиэннээҕи кииннэрэ баар буолуохтаах. Миэдиктэр ыраах баран үлэлииллэрин сэргэ, дистанционнай мэдиссиинискэй көмөнү оҥоруохтара. Киин аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир телемэдиссиинэ технологиятынан хааччыллыаҕа. Былаан быһыытынан быраастар чопчу биир нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сылга түөртэ баран сылдьыахтара.
Суол-иис, тырааныспар
Ил Дархан Айсен Николаев суол-иис, тырааныспар боппуруостарын көтөхтө. Федеральнай таһымҥа «автозимник» диэн айан суолун туһунан өйдөбүл олох суох. Манна туһаайан Айсен Николаев «кыһыҥҥы суол» (сезонная автомобильная дорога) диэн өйдөбүл федеральнай таһымҥа баар буолуохтааҕын бэлиэтээтэ. Экэнэмиичэскэй бэлиитикэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Кутепов Ил Дархан Айсен Николаев этиитин өйөөтө уонна сокуон бырайыага дьүүллэһиигэ РФ бырабыыталыстыбатыгар киириэхтээх диэтэ.
Экологияны көрүү-харайыы
СӨ Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев бүгүҥҥү күҥҥэ турар сытыы боппуруостары таарыйда. Холобур, кини Өлүөнэ өрүс уонна кини салааларын уутун хаачыстыбата улаханнык долгутарын эттэ. Чуолаан, өрүс үрдүгэр турар 28 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ууну ыраастыыр пууннар наадаларын туһунан эттэ. Аны халаанныыр сиргэ 96 нэһилиэнньэлээх пуун баар, олортон 37-гэр өрүс биэрэгин сиҥниитэ барар. Ол иһин биэрэктэри бөҕөргөтүү, быһыттары, уу ааһар сирдэрин оҥоруу тэрээһиннэрэ ыытыллаллара наадатын ыйда. Сенатордар дьүүллэһии түмүгүнэн, РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр «Тыа сирин аныгы көстүүтэ» федеральнай бырайыак чэрчитинэн 2023-2024 сс. бүддьүөттэн эбии үбүлээһин боппуруоһун көрөрүгэр этии киллэрдилэр.
«Синергия Арктики»
Бу бырайыакка олоҕуран эрэгийиэҥҥэ ВОЛС ситимэ тутуллуохтаах. Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, өрөспүүбүлүкэ арктическай оройуоннарыгар оптика ситимэ тардылыннаҕына, интэриниэккэ холбонуу сыаната сүүс төгүл намтыахтаах. Мунньах түмүгүнэн, Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ туһааннаах бырайыагы өйөөтүлэр.
Дьоһун өйөбүл
Федерация Сэбиэтигэр пленарнай мунньахха «Субъект чааһыгар» Валентина Матвиенко Саха сирэ Кировскай куораты чөлүгэр түһэриигэ көмөтүн бэлиэтээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар дьоһун өйөбүлүн туһунан эттэ: «Саха Сирэ Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэригэр күүс-көмө буолар. Анал дьайыыга Саха Сириттэн «Боотур» этэрээт барбытын бэлиэтиэм этэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ анал дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр сыаллаах көмө миэрэлэрэ ылыныллыбыттара. Дойдубутун көмүскүү сылдьар дьоммут дьиэ кэргэттэрэ бары туһааннаах көмөнү ылыахтаахтар», — диэтэ.
Санаттахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күннэрэ Федерация Сэбиэтигэр үһүс төгүлүн ыытылыннылар. Бу иннинэ тэрээһиннэр 2012 сыл сэтинньитигэр уонна 2017 сыл ахсынньытыгар буолбуттара. 2022 сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын түмүктүүр, историческай суолталаах тэрээһин буолла.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0