СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин — муниципалитеттар бииргэ үлэлэһэр түмсүүлэрин IX сийиэһигэр өрөспүүбүлүкэ 445 муниципальнай тэриллиитин баһылыктара, 34 улуус уонна 2 куораттааҕы уокурук бэрэстэбиитэллээх уорганын салайааччылара, норуот дьокутааттара кытыннылар.
БҮДДЬҮӨТ ДОХУОТА ҮРДҮҮ ТУРАР
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев дэлэгээттэри сийиэс үлэтэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээн туран, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын туһунан билиһиннэрдэ:
- Хамсык дьаҥын кэнниттэн аны иккис сылын байыаннай дьайыы уустук кэмигэр олоробут. Арҕаа дойдулар сааҥсыйалара экэниэмикэҕэ, үпкэ-харчыга охсор эрээри, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ бигэ туруктаахтар. Саха Сирэ кэнники биэс сылга эрэгийиэннээҕи баалабай бородууксуйа (ВРП) икки төгүл үрдүүрүн ситиһэн, билигин 2 трлн. 246 млрд. солк. тэҥнэстэ. 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ ВРП 12 % үрдээтэ. Биир да субъект маннык көрдөрүүнү ситиһэ илик, онон үлэбит үтүө түмүгүнэн киэн туттуох тустаахпыт. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуота үрдүү турар, биэс сыллааҕыта 160-180 млрд. солк. суумалаах бүддьүөтү ылынар этибит, оттон 2022 с. бүддьүөт ороскуоттаах чааһа — 328 млрд. солк. Онон ороскуоппутун үксүн социальнай эйгэҕэ ыытабыт, саҥа оскуола, балыыһа, култуурунай киин, успуорт эбийиэктэрин ахсааннара хаҥыы турар.
Олорор дьиэни-уоту хаһааҥҥытааҕар да элбэҕи тутабыт, 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ 582 тыһ. кв.м. иэннээх дьиэ тутулунна. Бу көрдөрүүнү кэлэр сылларга 700 кв.м. диэри өссө улаатыннарар сорук турар, — диэн инникигэ эрэллээхтик эттэ. Алексей Еремеев дойдуга муниципальнай реформа туһунан сокуону ылыныахтаахтарын туһунан кэпсээтэ.
Оччотугар муниципалитеттар аһаҕас (публичнай) былаас биир кэлим тиһигэр киириэхтэрэ. Муниципальнай уонна куораттааҕы уокуруктар тэриллиэхтэрэ, ол эрээри нэһилиэктэр эстиэхтэрэ суоҕа.
ДЬОН САНААТЫН ИСТЭРГЭ ДЬУЛУҺАБЫТ
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина: -- Хамсык дьаҥын кэнниттэн аны анал байыаннай дьайыы кэмигэр хас биирдии нэһилиэк баһылыгын кытта ыкса үлэлэһэбит. Ыарахан тургутугу, уустуктары аастыбыт, ол тухары дьон санаатын истэргэ дьулуһабыт. Национальнай бырайыак сыалын-соругун ситистибит, оҕолор саҥа уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үөрэнэ киирдилэр, суол-иис, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тутулуннулар.Сийиэскэ бары күүспүтүн, санаабытын холбоон, дьоҥҥо туһалааҕы оҥорорго нэһилиэнньэ баҕа санаатын учуоттуохпут, — диэн санаатын эттэ.
Москуба муниципальнай тэриллиилэрин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, Троицкай баһылыга Владимир Дудочкин дойду киин куоратын 1600 тахса дьокутааттарын аатыттан эҕэрдэлээн туран, өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда. -- Москубаҕа 146 муниципальнай тэриллии, 125 уокурук баарын үрдүнэн, биһиги биир сыаллаах-соруктаах үлэлиибит, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга дьулуһабыт. Былаас уорганнарыттан дьоҥҥо саамай чугаспыт, — диэн бэлиэтээтэ кини.
ҮРДҮКҮ НАҔАРААДА
СӨ муниципальнай тэриллиилэрин үрдүкү наҕараадатын, Дьокуускайдааҕы Степной Дууманы төрүттээбит Иван Мигалкин аатынан СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин — муниципалитеттар бииргэ үлэлэһэр түмсүүлэрин мэтээлин дохсун ытыс тыаһынан Бүлүү улууһун баһылыгар Сергей Винокуровка уонна Нам улууһун баһылыгар Юрий Слепцовка туттардылар. Салгыы Михаил Соров 2019-2023 сс. Сүбэҕэ бэрэссэдээтэллээбит кэмигэр өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин сайдыытыгар туох үлэ ыытыллыбытын, ааспыт быыбар туһунан иһитиннэриини оҥордо. Жатай урукку баһылыга Анатолий Кистенев таһаарыылаах үлэтин түмүгэр билигин бу бөһүөлэккэ биир да хаарбах дьиэ суох. Саахалланар туруктаах эргэ дьиэттэн дьону көһөрүү 2012-2017 сс. өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаҕа испииһэккэ киирбит хаарбах дьиэлээх улуустар бары кытталлар. 2025 сылга диэри 1 мөл. кв.м. иэннээх хаарбах дьиэ көтүрүллэн, олохтоохтор саҥа дьиэҕэ көһүөхтээхтэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ эдэр ыаллар дьиэлэнэллэригэр судаарыстыба көмө оҥорор.
Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, дьон олоҕун тупсарарга 7,1 млрд. солк. суумалаах үлэ оҥоһулунна. Эһиилгэ диэри муниципальнай тэриллиилэргэ көҕөрдүү үлэтэ ыытыллан, от-мас чэлгийэн, дьон сынньанар сирэ, паарка, искибиэр ахсаана 30 %-нан элбиэхтээх. Дьон сөтүөлүүр сирин оҥорорго бүддьүөккэ харчы көрөргө этии киирбит. Михаил Соров уу ылар сиригэр олорор дьон атын сирдэрэ суох буолан, кумах кутан баран дьиэ туттарга көҥүл ылыахтарын баҕаралларын туһунан эттэ. Бу боппуруос федеральнай таһымҥа көрүллэр, онон бырайыакка ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түбэлтэтигэр, хайдах көмүскэнэр туһунан суруллуохтаах.
БОСХО ПСИХОЛОГИЧЕСКАЙ КӨМӨ
Сийиэс кэмигэр дэлэгээттэр, улуус, нэһилиэк баһылыктара үлэлэрин хайысхатынан ким туох ситиһиилээҕин, туох-ханнык боппуруос быһаарылла илигин кэпсээтилэр.
Ньурба улууһун баһылыга Алексей Иннокентьев анал байыаннай дьайыыларга сылдьар биир дойдулаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туох көмө оҥоһулларын билиһиннэрдэ.
Бары олохтоммут көмөнү таһынан, Ньурбаттан мобилизацияламмыт уонна баҕа өттүнэн барбыт буойуттарга эбии 80 тыһ. солк., кинилэр дьиэ кэргэттэригэр 30 тыһ. солк. көрүллэр. Ону сэргэ, байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро уһуйааҥҥа сылдьар төлөбүртэн босхоломмуттар, дьиэ кэргэттэрэ улуус иһигэр оптуобуһунан босхо сылдьаллар, култуурунай тэрээһиннэргэ, ол иһигэр киинэ тыйаатырдарыгар, түмэллэргэ төлөбүрэ суох киирэллэр.
Дьиэ кэргэҥҥэ уонна эдэр ыччакка социальнай-психологическай көмөнү оҥорор киин дириэктэрэ Владимир Скрябин уйулҕа үлэһиттэрэ нэһилиэнньэ бары араҥатын кытта үлэлииллэрин туһунан иһитиннэрдэ. Кыһалҕаҕа ыктарбыт, ыар санааҕа ылларбыт киһи психологы кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, сүбэ-ама ылар, маннык көмө босхо оҥоһуллар. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттары, кинилэр ийэлэрин, кэргэннэрин кытта уйулҕа үлэһиттэрэ ыкса үлэлэһэллэр, ордук сүтүктээх дьону кытта.
СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин иһинэн тэриллибит Социальнай-психологическай көмө киинэ номнуо 23-с сылын үлэлиир, сүүрбэччэ филиаллаах. Инникитин улуустарга «Кылаабынай муниципальнай психолог» диэн бырайыагы үлэлэтиэхтэрин баҕараллар.
УУС КУЙГАҔА АТОМНАЙ ЭЛЕКТРОСТАНЦИЯ ТУТУЛЛУО
Усуйаана улууһуттан Уус Куйга бөһүөлэк баһылыга Варвара Сергеева өрүс пуорда, аэропорт дьиэтэ эргэрбитин, оскуола, успуорт саала суоҕун, олохтоох дьаһалта эбийиэгэ 1967 с. турарын кэпсээтэ. Оскуола оҕо уһуйаанын дьиэтигэр үлэлии турар, манна тутуу барбатаҕа ырааппыт.
- Уһук хотугу оройуоннарга сибээс хаачыстыбата мөлтөх, спутник интэриниэтэ халлаан туругуттан тутулуктаах, харан хаалар, сыаната да ыарахан. Дьон олорор дьиэтэ 100 % эргэрэн-эмэҕирэн, саахалланар туруктаах. Кытаанах тобоҕу харайар сирбит, туһунан полигон суох, оттон тарыып олус үрдүк, субсидияламмат, ол барыта нэһилиэнньэҕэ сүктэриллэр.
Найбаҕа муора пуорда тутуллуохтаах, онтон Уус Куйгаҕа диэри төгүрүк сыл үлэлиир айан суола оҥоһуллуо диэн эрэнэбит. Кыра кыамталаах атомнай электростанция тутулуннаҕына, бу эҥээр бырамыысыланнас, металлургия сайдыа, хорҕолдьуну, көмүһү хостоон, бэлэм бородууксуйаны оҥорон таһаарыахтара. Сылаас ыскылааттаах, оҕуруот аһын харайар сирдээх атыы-эргиэн, логистика киинэ тутуллан, билигин сыана бородуукта сорох көрүҥэр Дьокуускайдааҕар даҕаны чэпчэки, — диэн Аартыка олохтоохторун олоҕун, сарсыҥҥыга эрэлин кэпсээтэ.
БҮДДЬҮӨТҮ ТАҺЫНАН 200 МӨЛ. СОЛК.
Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк сир баайын хостуур хампаанньалары кытта куораты хааччыйар тэрилтэлэр сүбэлэрин тэрийэн, оройуон социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бүддьүөтү таһынан 200 мөл. солк. киирэрин туһунан билиһиннэрдэ. Бу холобуру атын бырамыысыланнай оройуоннар эмиэ батыһыахтарын, дойдуларын сайыннарыахтарын, бөһүөлэктэрин тупсарыахтарын сөбүн эттэ.
Хаҥалас улууһун I Малдьаҕар нэһилиэгин эдэр баһылыга Айталина Васильева тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин имиджин, хамнастарын үрдэтэргэ ыҥырда. Кини тыа сиригэр куйаар ситимин нөҥүө үлэлииргэ коворкинг-киин, эдэр дьону урбааҥҥа сыһыаран, үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр наадатын чопчулаата. Тыа сирин үлэһит дьонун, урбаанньыттарын нолуоктан босхолуурга этии киллэрдэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0