Ол курдук, дьиэ кэргэттэр уустук балаһыанньаларын түргэнник туоратарга бастакы быһаарыы ылылынна. Кэлэр сылтан социальнай хантараак кээмэйэ икки төгүл улаатан, 500 тыһыынча солк. тэҥнэһиэҕэ.
«Саха Сиригэр дьадайыы таһыма 19,6 %- тан 15,6 %- ҥа диэри түстэ. Бу көрдөрүү дойду үрдүнэн бастыҥ. Ол гынан баран, ити үлэ ситэтэ суох. Билигин ситиһиллибит тэтими улаатыннарарга саҥа соругу туруорабын. Кэлэр биэс сылга 70 тыһ. итэҕэһэ суох киһи дьадайыы таһымын аһарыахтаах уонна кырата суох аҥара сарбыйыллыатаах», - диэтэ Айсен Николаев.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0