Дириҥ силистээх кыһалҕа
Мунньаҕы СӨ социальнай бэлиитикэҕэ, демографияҕа, дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах көмүскэлигэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, Саха сирин дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрин Сойууһун бэрэссээдээтэлэ Анжелика Андреева модераторынан иилээн-саҕалаан ыытта. Дьүүллэһии кэмигэр хас биирдии тыл этиитэ бу тылларынан саҕаланар эбэтэр түмүктэнэр: «Уһук Хоту сир олохтоохторугар арыгыны иһэр-аһыыр сатаммат! Арыгылааһын Саха сирин нэһилиэнньэтин суох оҥорор». Сүбэ мунньахха уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев Саха сирин нэһилиэктэрэ арыгылааһыны утары биир санаанан аһаҕастык ылыммыттарын, маннык бэлиитикэ көмөтүнэн тыа сиригэр олох тосту уларыйбытын туһунан эттэ.
Москваттан клиническэй психолог, Роскомнадзор эксперэ, Москватааҕы «Уопсай дьыала» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта, РФ ИДьМ наркотигынан сокуоннайа суох эргиниигэ управлениетын кылаабынай эксперэ Олег Моисеев дьулаан холобурга Саха сирин ыаллыы сытар Чукотканы аҕалла. Итинник буолбатын туһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааһа суһал дьаһаллары ылыаныахтарын наадатын ыйда.
Санатан эттэххэ, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээбит «Чөл олох доктрината» ылыныллыбытын кэннэ Саха сиригэр арыгылааһыны утары охсуһуу бэлиитикэтэ күүскэ үлэлээбитэ. Бастаан СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан тыа нэһилиэктэригэр чөл олох тирэх кииннэрин тутар буолбуттара. Оттон 2013 сылтан арыгыны утары охсуһуу иккис долгуна саҕаламмыта. Ил Түмэн дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтигэр эбии хааччахтары, усулуобуйаларын уонна миэстэлэрин быһаарар туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуонун оҥороллор уонна ылыналлар. Сокуонунан Саха сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын территорияларыгар куорат, тыа сирин нэһилиэктэрин, куорат уокуруктарын бэрэстэбиитэллээх уорганнарын быһаарыыларынан арыгы бородууксуйатын атыылааһыны толору бобуу олохтонор. Мантан ыла тыа сиригэр арыгы атыытыттан толору босхоломмут сирдэринэн биллэрэр быраабы ылбыттара. Билигин арыгы атыытыттан босхоломмут барыта 188 тыа нэһилиэгэ биллэриллибитэ.
Норуот чугастык ылыммыт сокуона
СӨ парламенын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уопсастыбанньыктар көхтөөх санааларынан Саха сиригэр гражданскай уопсастыба үөскээн эрэрин уонна кинилэр уопсастыбаҕа санааларын тиэрдээччиилэринэн, ол иһигэр бу хайысхаҕа мэлдьи улахан интэриэстэри үөскэтэллэрин бэлиэтээтэ.
— «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтигэр эбии хааччахтары, усулуобуйаларын уонна миэстэлэрин быһаарар туһунан» сокуону оҥорсооччу буоларым быһыытынан, тус бэйэбин нэһилиэнньэҕэ аһыы утаҕы атыылыыр көҕүлээччинэн этэргит сыыһа. Билигин манна мин биир идэлээхтэрим олороллор – 2014 сыллаахха миигин өйөөбүт, арыгы иһиитин утарсааччылар бааллар. Оччолорго бу боппуруос уопсастыбаҕа олус долгутуулаах дьүүллэһиини таһаарбыта, араас санаалар этиллибиттэрэ.
Эһиги, билэргит курдук, парламеҥҥа бу сокуон нуорматын киллэрэргэ урбаанньыттар түмсүүлэрэ утарсар этэ. Чиэһинэйдик этэр буоллахха, РФ субъектарынан «Арыгы бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны, эргиниини судаарыстыбаннай бэрээдэктээһинин уонна испиир бородууксуйаларын иһиини хааччахтыыр туһунан» 171 №-дээх федеральнай сокуонунан бу боломуочуйалар 2007 сыллаахха бэриллибиттэрэ. Ол гынан баран, тоҕо эрэ биир да норуот дьокутаата, биир да субъект ити боломуочуйаларынан туһамматаҕа. 2014 сыллаахха биһиги бу сокуону болҕомтолоохтук чинчийэн, РФ субъектарынан стационарнай атыы эбийиэктэринэн арыгы бородууксуйатын атыылааһынын хааччахтааһыҥҥа, букатыннаахтык тохтоторго тиийэ боломуочуйалар баалларын көрдүбүт. Бу иннинэ, эһиги билэргит курдук, СӨ Бэрэсидьиэнэ Е. А. Борисов Ыйааҕынан арыгы атыытын бириэмэтэ хааччахтаммыта. Оччолорго федеральнай сокуонунан РФ субъектарынан стационарнай эргиэн эбийиэктэринэн арыгыны атыылааһыны хааччахтыырга үс боломуочуйаны биэрбитэ: усулуобуйатынан, миэстэтинэн уонна бириэмэтинэн. Өрөспүүбүлүкэ сокуонун барылын оҥорорбутугар федеральнай сокуоннартан саҕалаан, РФ Гражданскай кодексыгар тиийэ барытын үөрэппиппит уонна «стационарнай эргиэн эбийиэгэ» диэн өйдөбүлү булбатахпыт. Тиһэҕэр, биһиги биир сокуон аахтатыгар эбийиэк дьиэ акылаатыгар тутуллуохтааҕын, турар сиригэр бигэтик ситимнээх буолуохтааҕын, о.д.а. быһаарыылары булбуппут. Көһө сылдьар «туочукалары» сатаан салайбаппыт. Ол кэннэ 2014 сыллаахха ас-үөл маҕаһыыннарыттан арыгы атыытын араарар нуорманы булбуппут. Ити кэмҥэ сөптөөх быһарыы ылыныллыбыта дии саныыбын, - диэтэ спикер.
2014 сылга диэри хас биирдии ас-үөл маҕаһыыннарыгар арыгы, оттон лааппы аайы пиибэ бородууксуйата атыыламмытын туһунан санатта. «Билигин итини ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох, ол кэмтэн арыгы атыыта сүрүннэммитэ», - диэтэ Алексей Еремеев. Иккиһинэн, арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин хааччахтааһына киирбитэ уонна СӨ сокуонунан бэрээдэктэммитэ. Федеральнай сокуонунан сарсыарда 8 чаастан түүн 23 чааска диэри арыгы бородууксуйатын атыыта көҥүллэнэр эбит буоллаҕына, биһиги киэһэ 14.00 чаастан 20 чааска диэри эбии хааччахтыыр сокуону үлэлэппиппит. Үсүһүнэн, дьиҥинэн, чөл олох тирэх кииннэр юридическай өттүнэн туох да күүһэ суох этилэр. Тоҕо диэтэргин, бырабыыталыстыба да, муниципалитеттар да арыгы бородууксуйатын атыылааһыны бобор быһаарыылары ылыналлара көҥүллэммэт этэ. Бэл, «Азия оҕолоро оонньуулар», араас успуорт күрэхтэһиилэрэ уонна култуурунай тэрээһиннэр ыытыллар кэмнэригэр арыгы атыыта тохтооботоҕо. Холобур, бөдөҥ тэрээһиннэр ыытыллалларынан сибээстээн, арыгы атыытын нэдиэлэ устата бобор туһунан Дьокуускай мээрэ илии баттааһыннаах дьаһал тахсар. Оттон сарсыныгар сокуоннайа суох быһаарыы ылыныллыбытынан өрөспүүбүлүкэ борокуруора бырачыастаһан, дьаһалы көтүрэр.
Парламент ыытар утумнаах бэлиитикэтэ
«Оччотугар тугу гыныахха, хайыыбыт? Маны барытын биһиги сокуоннай уонна быраап өттүнэн дьайыылар буолалларынан сокуонунан бигэргэтэри ситиһиэхтээх этибит. Ол кэннэ дьүүллэһэн баран, өрөспүүбүлүкэбитигэр арыгы атыылааһынын тустаах территорияларынан толору бобууну киллэрэр бырааптаахпыт диэн түмүккэ кэлбиппит. Террриторияларынан арыгы атыытын толору бобууну киллэрэргэ сокуон көҕүлээһинэ наада. Сокуон көҕүлээһинин боломуочуйата муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар баар.
Биһиги муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар итинник сокуоннары көҕүлүүр, бэйэлэрин территорияларыгар арыгы бородууксуйатын атыытын бобууну олохтуур бырааптаахтарын быһаарбыппыт. Бастаан борокуратуура сокуон барылын кытта сөбүлэспэтэҕэ, ол гынан баран, муниципалитеттарга маннык быраап баарын биһиги дакаастаабыппыт. Сыл аҥаарын кэриҥэ бу туһунан улахан мөккүөр барбыта эрээри, борокуратуура биһигини кытта сөпсөспүтэ. Мантан ыла муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнара пленарнай мунньахха нэһилиэктэринэн арыгы атыытын бобууга сокуон барылын көмүскүүр бырааптаммыттара. Билигин маннык бобуулар өрөспүүбүлүкэ 188 сэлиэнньэтигэр биллэриллибиттэрэ. Биһиги муниципалитеттарга муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын дьаһалынан култуурунай, успуорт, маассабай сүдү суолталаах тэрээһиннэр ыытыллар кэмнэригэр, арыгы атыытыгар толору бобуу киллэрэллэригэр быраабы биэрбиппит. Билигин борокуратуура маны утарсыбат. Ити барыта парламент ыытар утумнаах бэлиитикэтэ буолбатах дуо? Ити бэлиитикэни V-с ыҥырыы дьокутааттара уопсастыбаннаһы кытта бииргэ ыыппыттара уонна олоххо киллэрбиттэрэ. Ити кэннэ «норуот дьокутааттара нэһилиэнньэни арыгылатар иһин киирсэллэр» диэни истэн дьиксинэбит», - диэн спикер бэйэтин санаатын үллэстэр.
Федеральнай нуормаларга сөп түбэһиннэрэн
Маны тэҥэ Алексей Еремеев ас-үөл тэрилтэлэригэр арыгы бородууксуйатын атыылааһыҥҥа сыһыаннаах өрөспүүбүлүкэ сокуона федеральнай нуормалары кытта сөп түбэһиннэрэн ылыныллыбытын бэлиэтээтэ. Санаттахха, ахсынньы 14 күнүгэр ХХXI пленарнай мунньахха норуот дьокутааттара нэһилиэнньэлээх пууннарга ас-үөл тэрилтэлэригэр аһыы утахтары атыылыыры көҥүллүүр сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылыммыттара.
— Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин боломуочуйаларын куоһаран, уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрин салайар кыаҕа суоҕун чааһыгар парламент сокуон ылынна. Федеральнай киин билигин да, ол да кэм саҕана биһиэхэ быраап биэрбэтэҕэ. Биһиги, сокуону оҥорооччу уорган быһыытынан, Үрдүкү суут уорган быһаарыытын толоруохтаахпыт. Бу арыгыны утары бэлиитикэҕэ уонна арыгылааһыны утары охсуһууну ыытар нэһилиэктэргэ дьайбат. Биһиги 171 №-дээх федеральнай сокуоҥҥа субъектарынан ас-үөл тэрилтэлэригэр арыгы атыытын биэрэр быраап нуорматын уларытары ситиһиэхтээхпит. Маны ситистэхпитинэ, ас-үөл тэрилтэлэрин салайар кыахтаныахпыт уонна сокуон пууннарынан нуорманы бэрээдэктиэхпит. Оччотугар ити боппуруостары биир кэлим быһаарыы тахсыаҕа. Саха сиригэр арыгы нэһилиэнньэҕэ улахан алдьатыыны, элбэх иэдээни оҥорорун биһиэхэ чуолкай өйдөбүлэ баар. Парламеҥҥа билигин олохтоох былаас бэрэстэбиитэллээх уорганнарыттан нэһилиэнньэлээх пууннарыгар арыгы атыытын бобор туһунан 10 сокуон көҕүлээһинэ киирбитэ. Ону таһынан аһыы утаҕы атыытын бобуутун киллэрэр баҕалаах 30 муниципалитеттарга консультация оҥоһуллар. Арыгы бородууксуйатын атыылааһыҥҥа бобуу киллэрбит бары нэһилиэнньэлээх пууннарга сокуоннар салгыы үлэлииллэр. Онно арыгы бородууксуйатынан эргинэр бырааптара суох. Биһиги бу бэлиитикэни салгыы ыытабыт», — диэн түмүктээтэ парламент спикерэ.
Мөккүөр кэмигэр дьокутааттар да, уопсастыбанньыктар да уустук балаһыанньаттан тахсар суол баар диэн санааҕа кэллилэр. Саха сирин норуотун харыстабылыгар туһуламмыт бырайыагы, арыгыттан босхоломмут уһулуччулаах нэһилиэктэри көмүскүүр уонна сайдалларын туһугар бары күүһү түмэргэ быһаардылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0