Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

Ил Түмэҥҥэ ахсынньы 5 күнүгэр кутталлаах быһыыны-майгыны бохсорго, маны тэҥэ баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэ түмүгүнэн Бырабыыталыстыба чааһа ыытылынна. Мунньаҕы Ил Түмэн Экэниэмикэҕэ, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдэтээлэ Павел Петров иилээн-саҕалаан ыытта. Манна парламент вице-спикэрэ Виктор Губарев уонна норуот дьокутааттара кытыннылар.

Ил Түмэҥҥэ ахсынньы 5 күнүгэр кутталлаах быһыыны-майгыны бохсорго, маны тэҥэ баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэ түмүгүнэн Бырабыыталыстыба чааһа ыытылынна. Мунньаҕы Ил Түмэн Экэниэмикэҕэ, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдэтээлэ Павел Петров иилээн-саҕалаан ыытта. Манна парламент вице-спикэрэ Виктор Губарев уонна норуот дьокутааттара кытыннылар.

Үлэ түмүгүн кэпсэтиигэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Дмитрий Садовников кытынна. Кини сыл устата бу улахан суолталаах боппуруоска ыкса үлэлэспит, тустаах боппуруостарга быһаарыылары ылыммыт салайааччы буолар.

KVA 0810

Норуот дьокутааттарыгар иһитиннэриилэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыксаллаах быһыыга-майгыга сулууспатын  начаалынньыгын маҥнайгы солбуйааччы Виталий Немцов, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕо-дьаһаҕа куттала суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков, маны тэҥэ “Авиалесоохрана”, “Якутлесресурс”, о.д.а.  тустаах тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ оҥордулар.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыытыттан, Ил Дархан Айсен Николаев биир тиһик былааны олоххо киллэрии туһунан дьаһалга илии баттаабыта. Ыытыллар үлэлэр толорор былаас уорганнарынан уонна өрөспүүбүлүкэ муниципалитеттарынан барбыттара. Суһал ыстаап онлайн эрэсииминэн кэтээн көрүүнү оҥорон, уот турбут сирдэрэ тутатына булуллан, ойуур баһаарын умулларыы күүстээх үлэлэрэ ыытыллыбыттара билиннэ.

2022 сылга ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга бэлэмнэнии үлэ чэрчитинэн, үбүлээһин биллэ улааппыт. Манан сиэттэрэн СӨ Экологияҕа уонна айылҕа харыстабылыгар министиэристибэтэ ойуур баһаарын бохсор үлэһиттэр ахсааннарын икки төгүл элбэтэр, «Якутлесресурс» тэрилтэтигэр анал тиэхиньикэ атыылаһар, авиационнай суудуналар көтөр чаастарын элбэтэр кыахтаммыт. Ол курдук, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан, федеральнай бүддьүөттэн Саха Сиригэр ойуур баһаардарын бохсорго ыам ыйыгар биэс төгүл элбэх үп көрүллүбүт. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу сыалга үбүлээһин икки төгүл үрдээн 2,5 млрд солк. тэҥнэспит (ааспыт 2021 сылга үбүлээһин кээмэйэ 600 мөл. солк. этэ). «Билиҥҥи күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын бохсор тэриллиилэргэ уопсайа 1119 киһи үлэлиир. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт сылга үлэһиттэр ахсааннара 554 киһиэхэ тэҥнэһэрэ. Үлэһиттэр ахсааннарын элбэтии түмүгэр, «Авиалесоохрана» эрэгийиэннээҕи базатыгар эбии үс авиаотделениелары арыйда: Томпоҕо, Үөһээ Халымаҕа уонна Өймөкөөҥҥө”, - диэн миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Искусственнай сөҥүүлэри ыҥырыы

Ойуур баһаардара урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ үксэ ыам ыйыттан саҕаланаллара бэлиэтэммит. Былырыын ыам ыйыгар 126 ойуур баһаара тахсыбыт эбит буоллаҕына, быйыл ыам ыйыгар ити көрдөрүү - 16. Ааспыт сыл уот солоон ааспыт сирин иэнэ 26 тыһ. гектар эбит буоллаҕына, быйыл ыам ыйыгар - 100.  Соторутааҕыта «Рослесхоз» ойуур баһаардарын бохсорго таһаарыылаахтык үлэлээбит биэс эрэгийиэни ыйда, ол иһигэр Свердловскай уобалас, Карелия, Башкортостан, Камчатка кыраайа уонна Саха Сирэ киирдилэр. Бу эрэгийиэннэргэ баһаардар иэннэрин 106 төгүл аччаттыы бэлиэтэммит.

искусственные дожди

Быйыл өрөспүүбүлүкэ араас муннугар искусственнай сөҥүүлэри ыҥырыы эспэримиэнэ үтүө түмүктэрдээҕин дакаастаабыт. Ол курдук, ойуур баһаардарын ахсаана биллэ аччаабыт. 2022 сыл түмүгүнэн, баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр ойуур баһаардара (2021 сылга холоотоххо) үс төгүл аҕыйаабыт. Оттон уот солоон ааспыт сир иэнэ 14 төгүл аччаабыт. Бу ньыма көдьүүстээҕин дакаастаан, инникитин эмиэ туттуллара сабаҕаланар.

Уларыйыылар киириэхтэрэ

лесные пожары

Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр, ааспыт сылга СӨ «Авиалесоохрана» туруорбут соруктарын толорууга, салгын суудуналарын көтүтүү чааһа элбээтэ диэн СӨ Экологияҕа, айылҕа харыстабылыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ уонна СӨ нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа куттала суох буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрэ бэлиэтээтилэр. Ол курдук, баһаары бохсор көтөр ааллар биэс тыһыынчаттан тахса чаас көппүттэр. Ааспыт сыл бу көрдөрүү 1,2 тыһыынча эбит. Дакылааччыттар 2023 сылга халаантан уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу бэлэмнэнии үлэлэрин норуот дьокутааттарыгар билиһиннэрдилэр. Ол курдук, кэлэр сылга кэккэ уларыйыылар киирэллэрэ күүтүллэр. Эрэгийиэннэргэ тустаах үлэ барыытын бэрэбиэркэлээһин күүһүрүө, эппиэтинэстээхтэр бигэргэниэхтэрэ. Ойуур баһаардарын бохсорго электроннай былаан оҥоһуллуоҕа, баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмигэр «Госуслуги» портал нөҥүө тустаах сэрэтиилэри ыыталыа, летчиктар, парашютистар уонна диспетчердар анал үөрэхтээһини ааһыахтара.

Ыйытыктар уонна хоруйдар

Бырабыыталыстыба чааһыгар норуот дьокутааттара нэһилиэнньэни долгутар боппуруостары туруордулар. Алена Атласова үөрэҕирии уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр баһаартан сэрэхтээх буолууга туһуламмыт балаһыанньаны туоһуласта, баһаарынай сигнализациянан хааччыллыыларын туругун билистэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан суорума суолламмыт  дьон ахсаанын ыйан туран, туохтан маннык балаһыанньа тахсарын ыйытта. Норуот дьокутааттара Вера Никифорова, Павел Петров оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга, устудьуоннар истэригэр баһаары сэрэтэр үлэ  хайдах ыытылларын ыйыттылар. Юрий Николаев искусственнай сөҥүүнү ыҥырар эспэримиэн туһунан маннык ыйытта: «Бу эспэримиэн научнай тэрилтэлэр үөрэтиилэринэн бигэргэммитэ дуо? Өрөспүүбүлүкэҕэ күүстээх, уһун ардахтар эспэримиэни кытта сыһыаннаахтар дуо? Уу таһымын үрдээһинин сабаҕалаан көрүүгэ «Гидрометео» сулууспа үлэһиттэрэ Бүлүү улуустарын гидро-электростанциятын каскадыгар  чопчута суох дааннайдары биэрбиттэрэ. Бу боппуруоһунан ким эмит, билим өттүнэн, дьарыктанар дуо? Эбэтэр биһиги ыытыллыбыт эспэримиэни оҥорон баран умуннубут дуу?».  Миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев быһаарбытынан, искусственнай сөҥүүлэр 2022 сыл сайыныгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайаапкатынан ыытыллыбыттар. “Бу боппуруоһу үөрэппиппит түмүгэр, сөҥүүнү ыҥырыы түмүгэр уу таһыма үрдээбит, онтон сиэттэрэн халааннар саҕаламмыттар диэн этии оруна суоҕа билиннэ. Бу технология саҥа буолбатах, тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын исписэлиистэр 1970-с сылларга үөрэппиттэрэ», - диэн норуот дьокутаатын боппуруоһугар кини эппиэттээтэ.

Норуот дьокутаата Елена Голомарева Аартыка эргимтэтигэр аһынан-үөлүнэн хааччыйыы боппуруоһугар тохтоото. Кыһыҥҥы массыына суола арылла илигиттэн нэһилиэнньэттэн боппуруостар киирэллэр диэн норуот дьокутаата ыйда. “Ыксаллаах быһыыны-майгыны бохсорго уонна суох оҥорууга өрөспүүбүлүкэ эрэсиэрбэтэ 101 бырыһыан ирдэнэр таһымҥа бэлэмнэнэн турар. Маны сэргэ, “Якутоптторг” базаларыгар  аһынан-үөлүнэн хааччыллыы саппааһа  бэлэм», - диэн Дмитрий Лепчиков хоруйдаата.  Ил Түмэн дьокутаата Михаил Гуляев «Авиалесоохрана» салаатынан бөртөлүөттэр ахсааннарын, бульдозердарынан, тыраахтардарынан хааччыллыыны туоһуласта.  Норуот дьокутааттара Виктор Губарев, Иван Григорьев, Андрей Находкин ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмин, халаан ууларын аһардыы боппуруостарын уонна аныгыс сылга бэлэмнэнии туһунан ыйыттылар. Бырабыыталыстыба чааһын чэрчитинэн, норуот дьокутааттарыттан киирбит боппуруостарга уонна этиилэргэ эбии матырыйааллары кыттыылаахтар тиксэриэх буоллулар.

 

 

 

Василий КОНОНОВ

хаартыскаҕа түһэриитэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением