“Бу сокуон биир сытыы кыһалҕаны быһаарар. Дьиҥинэн, эрдэ докумуона суох гараастар боппуруостарын эмиэ быһаара сатаабыттара да, күттүөннээх быһаарыы кыайан ылыллыбатаҕа. Билигин ити боппуруос толору быһаарыллар кыахтанна”, – диэн Владимир Михайлович этэр.
Саҥа сокуон барыла этэринэн, Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга диэри гараастарын уонна гараас аннынааҕы сирдэрин судургутуллубут бэрээдэгинэн докумуоннуохтарын сөп. Билиҥҥитэ дойду үрдүнэн 3,5 мөлүйүөн докумуона суох гараас баара биллэр.
Өскөтүн сокуон бу сылга олоххо киирдэҕинэ, дьон судургутуллубут бэрээдэгинэн гараастарын уонна гараас аннынааҕы сири бэйэлэрин бас билиилэригэр ылар кыахтаналлар. Оччоҕо гражданин бу хамсаабат баайын оҕолоругар анаан хаалларар, бэлэхтиир, атыылыыр эбэтэр кирэдьииккэ ылар бырааптанар. Күн бүгүн Арассыыйаҕа олохтоох былаастар докумуона суох гараастары көтүрэллэрэ сэдэх көстүү буолбатах. Маныаха докумуона суох дьон былааһы кытта мөккүһэр кыахтара суох.
Саҥа сокуон 2021 сылга олоххо киирдэҕинэ, гараастаах дьон Росреестрга сайабылыанньа суруйуохтара. Биллэн турар, сокуон гараас тутуутугар уонна турар сиригэр кытаанах ирдэбиллээх. Онно сөп түбэһэр эрэ тутуулар докумуоннанар кыахтаахтар.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0