Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Судаарыстыбаннай Дума Бэрэссэдээтэлэ Владимир Володин, Арассыыйа Федерациятын Бэрисидьиэнэ Владимир Путин фракциялар салайааччыларын кытта көрсүһүүтүгэр, пандемия кэмигэр эмсэҕэлээбит экэниэмикэ салааларын өйүүр туһунан боппуруоһу күһүҥҥү сессияҕа көрүөхпүт диэн эттэ.

Судаарыстыбаннай Дума Бэрэссэдээтэлэ Владимир Володин, Арассыыйа Федерациятын Бэрисидьиэнэ Владимир Путин фракциялар салайааччыларын кытта көрсүһүүтүгэр, пандемия кэмигэр эмсэҕэлээбит экэниэмикэ салааларын өйүүр туһунан боппуруоһу күһүҥҥү сессияҕа көрүөхпүт диэн эттэ.

“Госдума күһүҥҥү сессиятыгар пандемия кэмигэр эмсэҕэлээбит экэниэмикэ салааларын өйөбүлүн туһунан боппуруоһу салгыы көтөҕүөхпүт. Ону таһынан, бэбиэскэҕэ конституционнай сокуоннарга уонна бүддьүөккэ сыһыаннаах боппуруостар киирдилэр”, – диэн Владимир Володин эттэ.

“Бэбиэскэҕэ билиҥҥитэ 1 264 сокуон барыла киирдэ. Онон парламент үлэлиир кыаҕын сүтэрэрэ, дьокутааттар уонна аппараат үлэһиттэрэ ыалдьаллара сатаммат”, – диэн спикер бэлиэтээтэ.

Күһүҥҥү сессияҕа Госдума дьокутааттара үгүс боппуруоһу дьүүллэһиэхтэрэ. Ол иһигэр конституционнай сокуоннар уонна бүддьүөт сокуоннара киирэллэр.

– Биллэн турар, гражданнары харыстыыр, экэниэмикэ салааларын өйүүр туһунан боппуруостар бэбиэскэҕэ бастакы уочарат тураллар, – диэн Владимир Володин тоһоҕолоото. 

Билигин COVID-19 Госдума үлэтигэр мэһэйдэспэтин туһугар кытаанах миэрэлэр ылылла уонна өйдөтүү үлэлэрэ бара тураллар.

– Ыарыы тарҕамматын туһугар хас биирдии киһи эппиэтинэстээх буолуохтаах. Үрдүк эппиэтинэһи хас биирдии дьокутаат сүгэр. Оччоҕо эрэ парламент үлэтэ салҕанан барар кыахтаах, – диэн парламентарий хас биирдии дьокутаат Дума үлэтигэр тус эппиэтинэстээҕин санатта. 

Кини этэринэн, билигин дьокутааттар уоппускаттан төннөннөр, парламент иһигэр коронавируска хаптарбыт дьокутаат ахсаана элбээбит.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением