Сэтинньи 6 күнүгэр Ил Түмэн Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов кыраасданнары кытта тус көрсүһүүтүгэр саха ынаҕын уонна дьиэ-уот боппуруостарын ырытыста, кэпсэттэ.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Егор Дмитриев саха сүөһүтүн ахсаанын элбэтэргэ туһуламмыт бэйэтин көрүүлэрин уонна чинчийиилэрин билиһиннэрдэ, кини этэринэн, үлэтэ араас билим сыаллаах үлэҕэ туһалаах буолуон сөп эбит. Онуоха норуот дьокутаата сиһилии быһааран биэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн уонна «Саха сүөһүтэ» диэн генопуонда хаһыанай тэрилтэтин ыытар үлэтин түмүгүнэн ураты боруода саха сүөһүтэ сүтэр ахсааҥҥа киирсибэт, кэнники алта сылга ахсаана 1,5 төгүл элбээбит.
-- Биһиги нэһилиэнньэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылааттарын сыаналыыбыт уонна туһалаах хамсааһыннары өйүүргэ өрүү бэлэммит, — диэн тоһоҕолоото Александр Атласов итиэннэ Егор Дмитриев матырыйааллара Саха Сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр үнүстүүккэ көрүүгэ ыытыллыахтара диэн бэлиэтээн эттэ.
Нам улууһун олохтооҕо Н. олорор дьиэ боппуруоһун быһаарарга көмөлөһөргө көрдөстө. Киниэхэ сир учаастагын биэрбиттэрин үрдүнэн, дьиэ туттар кэмигэр үп-харчы өттүнэн ыарахаттары көрсүбүт. Норуот дьокутаата кини балаһыанньатыгар «Тыа сирин ипотеката» бырагыраама көмөлөһүөн сөбүн, ол гынан баран, үлэтэ суоҕунан сибээстээн, өссө да сөп түбэспэтин быһаарда. Дьарыктаах буолуу киинигэр босхо үөрэнэн, бэйэ дьыалатын тэринэргэ сүбэлээтэ, оччоҕуна эрэ чэпчэтиилээх кирэдьииккэ киирсиэҕин өйдөттө.
Көрсүһүүгэ кэлбит дьон ыйытыылара хонтуруолга ылыллан, быһаарыылара салгыы үлэҕэ ыытыллар.
Гаас, сыана ...
Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин кыраасданнары кытары көрсүһүүтүгэр хас да улахан суолталаах боппуруостары көрдө.
Майа сэлиэнньэтиттэн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Александр Афанасьев Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэктэригэр гаас, Лена өрүһү туоруур пассажирдары тиэйии-таһыы сыанатын үрдэтии туһунан уонна Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын күүскэ өйүүр наадалааҕын туһунан боппуруостары көтөхтө. Чуолаан, кини баччаларга, суол хаайтарыктаах кэмигэр, массыына сырыыта куттала суох буолуута уустуктардааҕын бэлиэтээтэ уонна бүддьүөт дохуотун үрдэтэр туһугар ньиэп уонна гаас бөдөҥ хампаанньаларыгар нолуокка чэпчэтиилэри суох оҥорорго этии киллэрдэ. Андрей Находкин пассажирддары өрүһү туоратыы сыанатын боппуруоһа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычковы кытта эрдэ дьүүллэһиллэн, билигин ити боппуруос хонтуруолланарын туһунан эттэ.
Ону тэҥэ, норуот дьокутаата өрүс таһынааҕы улуустарга гаас ситимнэрин түһүмэхтээх бырайыагын, ол иһигэр нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларынааҕы гаас ситимин тутуутун уонна «Кыһыл Сыыр – Мастаах» диэн гаас сүрүн ситимин үһүс лиинньийэтин үлэҕэ киллэрии туһунан кылгастык кэпсээтэ, ол киин уонна илин эҥээр улуустарга гаас куттала суох буолуута хааччыллыытын олохтуоҕа диэтэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ М. сүһүөхтэрин эмтэнэригэр көмөлөһөргө көрдөстө. Онуоха норуот дьокутаата Доруобуйа харыстабылын миниистирин кытары тута кэпсэтэн, бэтэрээн байыаска мэдэссиинэ көмөтүн уталыппакка хааччыйар туһунан боппуруоһу быһаарда.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо А. өрөспүүбүлүкэтээҕи Гериатрия киинигэр эмтэниэн баҕарарын туһунан эппитэ эмиэ тута кэриэтэ быһаарылынна.
Үөрэхтээһин
Сэтинньи 7 күнүгэр Ил Түмэн Билимҥэ уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева ыыппыт көрсүһүүтүгэр аҕыс киһи, ол иһигэр норуот дьокутаатын бэйэтин уокуругун быыбардааччылара, тус уонна онлайн киэбинэн кытыннылар.
Кыраасданка П., уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ, Кыайыы 80 сылын көрсө бэтэрээн хамсааһынын актыбыыстарын өйүүргэ уонна бочуоттаах учуутал Б-ны наҕараадаҕа түһэрэргэ көрдөстө. Норуот дьокутаата бу боппуруостары бэйэтин хонтуруолугар ылла.
Кырасданыын Р. уһулуччулаах учуонай, сэрии кыттыылааҕа Афанасий Новгородов аатын үйэтитэргэ туруоруста. Кини этиилэрин иһигэр уопсастыбаннай искибиэри оҥоруу уонна бюст туруоруута бааллар. Норуот дьокутаата Дьааҥы улууһугар баар идэлээхтэрин кытары сибээстэһэн, бу хайысханан үлэтин саҕалаата.
“Айыы Кыһата” оскуола дириэктэрэ учууталлары өйөөһүн, саҥа тэриллэринэн хааччыйыы уонна үөрэх кыһаларыгар аһара элбэх ноҕурууска баарын туһунан эттэ. Бу боппуруостарынан тустаах министиэристибэҕэ сурук бэлэмнэннэ.
Маны таһынан тас дойдуга сылдьар устудьуоҥҥа олорор дьиэни регистрациялыырга, Анал байыаннай дьайыыга сылдьан сүппүт дьону көрдөөһүҥҥэ көмө наадатын, олохтон туораабыт АБДь кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл оҥорор, бааһырбыт саллааты оҕолорун иитэргэ аармыйаттан демобилизациялыыр, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах “Алгыс” инклюзивнай тыйаатыры өйүүр туһунан этиилэр киирэн, хонтуруолга ылылыннылар. Антонина Григорьева тустаах уорганнары уонна биир идэлээхтэрин кытары хас биирдии сайабылыанньа биэрээччигэ сөптөөх быһаарыыны буларга көхтөөхтүк үлэлиир.
Доруобуйа харыстабыла
Сэттэ оҕолоох ыал аҕата В. Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласоваттан дьиэнэн хааччыйыы туһунан ыйытта. Онуоха элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ туох дьаһаллар баалларын быһааран, ситэриилээх уонна муниципальнай былаас уорганнарыгар сайабылыанньа ыытылынна.
Хаҥалас улууһун I Малдьаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Айталина Васильева Ил Түмэн Доруобуйа харыстабылыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдованы кытары көрсүүһүгэ нэһилиэги сайыннарыыга туһуламмыт этиилэрин иһитиннэрдэ, төгүрүк суукка устата стационар наадатын эттэ. Билигин олохтоох балыыһа түөрт куойкалаах, Уһун үйэлээх буолуу киинин быһыытынан үлэлиир, олохтоохтор эмтэнэргэ атын сиргэ барарга күһэллэр эбиттэр. Норуот дьокутаата Хаҥалас киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Артур Протодьяконов наада буоллаҕына, төгүрүк сууккалаах куойкалары тэрийиэн сөбүн туһунан быһаарда.
Нэһилиэк баһылыга маны таһынан доруобуйа бырагырааматын оҥорорго этии киллэрдэ, бу сүүрээн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр успуордунан дьарыгы уонна чөл олоҕу түстүөҕүн бэлиэтээтэ. Онуоха Светлана Давыдова сааһынан эдэр эрээри, уопуттаах баһылык этиитин өйүүрүн биллэрдэ, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр грант куонкуруһугар сайаапка биэрэргэ сүбэлээтэ.
I Малдьаҕар нэһилиэгэр Анал байыаннай дьайыыттан кэлбит дьоҥҥо аналлаах лааҕыр үлэлиир, онно байыастар эйэлээх олоххо адаптацияланалларыгар, өйдөрүн-санааларын сааһыланалларыгар, куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтүнэллэригэр, үлэ булуналларыгар көмөлөһөр эбиттэр. Светлана Давыдова бу үлэ көдьүүһүн өссө үрдэтэргэ психиатрдары кытыннарарга сүбэлээтэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалларынан.
Хаартыскалар Ил Түмэн пресс-сулууспатыттан - Василий Кононов түһэриилэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0